14.09.2023 | 14:00

Биир күн Кырдьаҕас куоракка

Ааспыт нэдиэлэҕэ киин куораппыт төрүттэммитэ 391 сылыгар аналлаах үгүс тэрээһин буолан ааста. Ол курдук Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара Кырдьаҕас куорат устун астына дьаарбайан, элбэҕи билэн-көрөн, бырааһынньыгы бэркэ бэлиэтээтилэр.
Биир күн Кырдьаҕас куоракка
Ааптар: Уйгулаана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Төһө да былыттаах, тымныы күн буоллар, куораппыт историческай түөлбэтигэр элбэх киһи тоҕуоруста. Быстах самыыр түһэн ааспыта, эмиэ да күммүт тахсан, күлүмнээн ылла.

Бырааһынньыгы самодеятельнай кэлэктииптэр кэнсиэрдэрэ ордук киэргэттэ. Дьон-сэргэ тэҥҥэ үҥкүүлээтэ, ыллаата-туойда. Көрөөччүлэр ытыстарын харыстаабакка таһыналлар.

Бырааһынньыкка доҕоттор, аймахтар, бииргэ үөрэнэр оҕолор көрсөн, үөрэллэр-көтөллөр, Кырдьаҕас куорат фонугар бэйэ-бэйэлэрин көрсө, хаартыскаҕа түһэллэр.

Дьаарбаҥкаҕа коллекционердар, антикварщиктар, худуоһунньуктар уонна иистэнньэҥнэр кытыннылар. Бачча элбэх малтан харах манньыйар, сөҕөр-махтайар. Урукку, сэбиэскэй значоктар тэлгэнэ сыталларын көрөн: «Коллекцияҕытын харыһыйбаккыт дуо?» – диэн ыйытабын. Онуоха: «Атын дьоҥҥо коллекцияларын саҕалыырга, былыргыны санатарга көмөлөһөбүт»,— диэн холкутук хоруйдууллар атыыһыттар.

Дьон ордук сэбиэскэй ойуулуктар дьоруойдардаах значоктары уонна былыргы мэтээллэри интэриэһиргииллэр.

Атыыга араас антикварнай мал-сал арааһа элбэх: бэспиэһинньиктэр, табах күллүүр иһиттэр, фарфор фигуркалар, вазалар, Ленин бюстара уо.д.а. Атыыласпат да буоллаххына мээнэ көрөн эмиэ дуоһуйаҕын. Дьон субу-субу: «Биһиэхэ оҕо эрдэхпитинэ маннык эмиэ баар этэ!»,— диэн саҥа аллайалларын хаста да истибитим.

Эдэр ыччат былыргы маллары эмиэ сэргии көрөр, ордук винтажнай киэргэллэри кичэйэн одуулуур.

Остуолларга саҥа оҥоһуктар эмиэ бааллар: туой иһит-хомуос, оонньуурдар, киэргэллэр, мас оҥоһуктар. Төлөпүөнү уурар тирээбиллэртэн саҕалаан, балыгы кыһар маска диэри.

Кыра, көрдөөх аттракцион ордук киэҥ сэҥээриини  ылла. Онно мас балыктары, кутуйахтары уонна ынахтары күөгүнэн тутуохха наада. Оҕолор кыһанан-мүһэнэн харамайдары “хаба” сатыыллар, оттон төрөппүттэр тулуурдаахтык хайдах сөпкө “бултуурга” үөрэтэллэр.

Эмиэ бу күн Дьокуускай куорат историятын түмэлигэр Василий Камшилин “Сюжеты повседневности” диэн быыстапката аһылынна. Худуоһунньук айылҕа кэрэтин, куорат көстүүлэрин хоһуйар. Кини хартыыналарыгар куорат олохтоохторо бэркэ билэр сирдэрин булуохтарын сөп: «Прометей» түөлбэ ыллыыр фонтана, Нуучча тыйаатыра, «Үс чооску» дьиэ, Кырдьаҕас куорат, эргэ мас дьиэлэр. Үрүҥ-хара кыраасканан уруһуйдаммыттарын да иһин буолуо, Камшилин үлэлэрэ чахчы хаартыска курдук көстөллөр.  «Чир» хартыына дьон-сэргэ болҕомтотун тардар. Худуоһунньук ким эрэ бу бүлүүдэни хаһыат үрдүгэр саҥа астаан эрэрин курдук, тоҥ балыгы уонна кыһыллыбыт тоҥ балыгы уруһуйдаабыт. Бу хартыынаны одуулуу туран, ааспыт сылларга тахсыбыт хаһыат сонуннарын ааҕан көрүөххэ сөп.

Оҕолорго түмэл үлэһиттэрэ экскурсиялары ыыттылар. Кырачаан куорат олохтоохторо сэргээн иһиттилэр уонна ыйытыыларга көхтөөхтүк хоруйдаатылар. Бырааһынньык буолан, оҕолор санаалара көтөҕүллэн экспонаттары, витриналары тутан-хабан эрдэхтэринэ, волонтердар тохтотор саҥалара кэмиттэн кэмигэр иһиллэр.
Киэһэлик, күн-дьыл туруга мөлтөөн, тымныйан, дьаарбаҥка атыыһыттара тиэтэллээхтик хомунан бардылар. Ол да буоллар, артыыстар кэнсиэрдэрин тохтоппотулар, бырааһынньыктааҕы бырагыраама толору ыытылынна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....