Биир күн Арассыыйа киинэлэрин босхо көрөбүт
«Аахсыйа чэрчитинэн саамай кассовай киинэлэр көстүөхтэрэ – «Чемпион мира», «Пара из будущего», «Последний богатырь: Посланник Тьмы». Ити киинэлэри «Сахафильм» хампаанньа «Республика» киинэ саалатыгар уонна «Россия - моя история» музей комплексатыгар көрүөххэ сөп. Национальнай библиотека сотрудниктара эдэр көрөөччүлэргэ «Пушкинскай каартаны» туһанарга көмөлүөхтэрэ», – диэтэ СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччыта Владислав Левочкин.
Кини иһитиннэрбитинэн, бу күн 14-22 саастаах ыччакка анаан Национальнай библиотека сотрудниктара «Пушкинскай каартаны» туһанарга 14.00 чаастан «Россия – моя история» музей комплексатыгар, онтон 21.00 чаастан «Республика» киинэ саалатыгар консультация ыытыахтара.
Каарта лимиитэ – 5 000 солкуобай, итинтэн икки тыһыынчаны киинэ билиэтигэр туттуохха сөп. Пааспар, снилс уонна суотабай төлөпүөн баар буолуохтаахтар.
Киинэлэр саҕаланар кэмнэрэ:
- «Россия – моя история» музей комплексатыгар – 17.00 чаастан;
- «Сахафильм» хампаанньа «Республика» киинэ саалатыгар – 22.00 чаастан.