Биир, икки, үс! Ытыкпыт, эргий!
Соторутааҕыта Ю.А. Готовцев аатынан Дьокуускайдааҕы сервис технологическай техникумугар ыытыллыбыт “Саха сирин амтана” бэстибээл чэрчитинэн устудьуоннарга аналлаах күрэххэ эдэр асчыттар бэйэлэрин билиилэрин, сатабылларын, талааннарын көрдөрдүлэр.
Үс сорудах, ирдэбил кытаанах
Манна Нам, Сунтаар, Дьокуускай техникумнарыттан барыта түөрт хамаанда кытынна.
Бастакы түһүмэххэ оҕолор “Индигирка” салааты сонуннук уонна уратытык бэлэмниэхтээхтэр. Ол эбэтэр ас амтана эрэ буолбакка, кини тупсаҕай көстүүтэ, идиэйэтэ эмиэ сыаналанар. Хаартыскаҕа көрүҥ эрэ, саха дьоно сөбүлээн сиир мааны аһын оҕолор хайдах курдук киэргэтэн уурбуттарын. Кыттааччылар муус, баахыла сыттыктаабыттарын, мас лабаатын, эриэхэ туорааҕын туттубуттарын сэргээҥ.
Манна даҕатан эттэххэ, хамаанда барыта күрэх сүрүн ирдэбилин тутуһарга кыһаллыбыт. Ол курдук, бородуукта, киэргэл төһө кыалларынан натуральнай буолуохтаах, ол-бу краситель көҥүллэммэт.
Иккис түһүмэххэ кыттааччылар таба этиттэн бүлүүдэни астыахтаахтар. Куукунаҕа киирбитим, сыт-сымар, буруо-тараа тахсан ырааппыт. Манна таах быар куустан турааччы суох. Ким эрэ таба этин ыһаарылаан сырдьыгынатар, ким эрэ иһит сууйан илигирэтэр. Ону ып-ыраас гына сотооччу – туспа. Бу – хамаанда үлэтэ. Мэһэйдэһии, үтүрүһүү суох. Ким тугу гынара, ханна туран үлэлиирэ биллэр. Салайааччылар этэллэринэн, оҕолор эбээһинэстэрин бэйэлэрэ үллэстибиттэр. Холобур, бэлэм бүлүүдэни тупсаҕайдык уурааччы – туспа, кини кэнниттэн тэриэлкэ кытыытыгар тохтубуту сотооччу, кичэйэн килэбэчитээччи – туспа. Оҕолор долгуйаллар, ол эрээри холкулар, тутталлара-хапталлара үөрүйэх.
Аны туран, куукуна өрүү ыраас буолуохтаах. Ол иһин кирдээх иһити утары сууйан-сотон иһэллэр. Оҕолор остуол үрдүгэр туттуллан бүппүт малы-салы, тэрили хомуйаллар, аныгыскы бүлүүдэҕэ наадалааҕы аҕалан уураллар.
Үһүс түһүмэх сорудаҕа – күөрчэх. Куукунаҕа ытык тохтоло суох биир кэм эргийдэ. Сотору соҕус “Изомальт!” диэн саҥа иһилиннэ.
Саха аһын сөргүтүөххэ
Намнааҕы техникум “Повар-кондитер” идэтигэр преподавателэ Миролюбовь Григорьевна Сивцева:
– Бастакы бүлүүдэ – “Индигирка” салаат. Оҕолор саха лэппиэскэтин буһардылар, ону күөх лууктаан, ынах арыытын кытта соустаан баран хатаран, тоҥнуу кыһыллыбыт балык быһыытын оҥорон таһаардылар, онно салааты кутан уурдулар. Соуска морошканы уонна күлүүкүбэни туһаннылар.
Саха аһын сөргүтэр, киэҥник тарҕатар сыалбытын ситистибит. Ол курдук, килиэп оннугар саха лэппиэскэтэ, тумаҕа күөх луук, ынах арыыта, лимон оннугар Саха сиригэр үүнэр морошка, күлүүкүбэ буолуон сөп эбит диэн толкуйдаабыппыт.
Оҕолор таба этин маринадка сытыарбыттара. Ону ньыһыллыбыт хортуоппуйу кытта биэрдилэр. Морошканы уонна брокколины туһаннылар. Киэргэтиитин муохха, кырыаҕа майгыннатан оҥордулар.
Үһүс сорудахха оҕолор Саха сирин хатыламмат ураты айылҕатын көрдөрөргө дьулустулар. Тэриэлкэ аҥаар өттүгэр – куйаас сайыммытын, аҥаарыгар – тыйыс тымныыбытын. Бискибиити саха баахылатын буһарар тимир иһиккэ буһардылар. Онно кииһилэни уонна мятаны туһаннылар. Сугун барыанньатынан желе оҥордулар. Күөрчэҕи кытыйаҕа ытыйдылар. Итиэннэ ураһа быһыылаах, хатыҥ маһы санатар буолуохтаах. Сугуннаах тоҥ күөрчэхпит кыһыҥҥы халлааны, дьүкээбили көрдөрүөхтээх. Начыыҥкатыгар моонньоҕону туһаннылар. Киэргэтиигэ хайаан да изомальт баар буолара ирдэнэр. Ону кыһыҥҥы тыалы, буурҕаны, чысхааны көрдөрөр гына таһаарыахтаахтар. Сугун барыанньатынан күөл курдук оҥоруохтаахтар. Краситель көҥүллэммэт, онон халлаан күөҕэ өҥ син биир тахсыбат.
Маннык күрэхтэргэ оҕолор, бэйэбит да сайдабыт, уопут ылабыт. Ханнык баҕарар тэрээһиҥҥэ салайааччы өйүүр эрэ буоллаҕына кыттар кыахтааххын. Дириэктэрбит Ньургустаан Михайлович Жирковка, салалтабытыгар махтанабыт.
Нам техникумугар 9 кылаас кэнниттэн “Повар-кондитер”, “Мастер по ремонту и обслуживанию автомобилей”, “Изготовитель арматурных сеток и каркасов”, “Сварочное производство”, “Мастер общестроительных работ”, “Рыбовод”, “Мастер садово-паркового и ландшафтного строительства” диэн идэлэргэ үөрэтэллэр. Оттон 11 кылаас кэннэ оҕолор “Повар-кондитер”, “Технология мяса и мясных продуктов”, “Техническое обслуживание и ремонт двигателей, систем и агрегатов автомобилей”, “Сварочное производство” диэн үөрэххэ киириэхтэрин сөп. Миролюбовь Григорьевна этэринэн, повар үөрэҕэр киириэн баҕалаах оҕо үгүс, онон тута туолар.
Идэбит хаһан да сүтүө суоҕа
Сунтаар-дааҕы технологическай колледж салайааччыта Альбина Алексеевна Спиридонова “Повар-кондитер” бөлөххө маастарынан үлэлиир. 1000 килэмиэтири нөҥүөлээн, уһуннук айаннаан, күрэххэ ааттаан-суоллаан кытта кэлбиттэр. Онуоха хамаанда салайааччыта колледж дириэктэрэ Гаврил Николаевич Михайлов өйөөн, тэрийэн ыыппытыгар махталын биллэрэр.
– Биһиги сорох аспытын-үөлбүтүн бэйэбит илдьэ кэлбиппит. Таба этин, балыгы куораттан атыыласпыппыт. Биир уолум бастакы кууруска үөрэнэр, икки кыыс – иккис куурустар. Биир кыыһым WorldSkills Russia кыттааччы, онон үөрүйэх. Икки оҕом бу курдук күрэххэ саҥа кытынна.
Биһиги колледжпытыгар барыта 10 бөлөх баар. Үксэ уолаттарга аналлаах идэлэр. Кыргыттар “Повар-кондитер” уонна иистэнньэҥ идэтигэр уһуйуллаллар.
Эдэр асчыттары дистанционнай көрүҥүнэн үөрэтэр соччото суох дии санаатым, тэйиччиттэн олорон астатар ыарахан. Повар илиитинэн тутан-хабан, булкуйан, этэргэ дылы, сыттаан, амсайан үөрэниэхтээх. Ардыгар наадалаах бородуукта даҕаны көстүбэт. Сорохтор атыылаһалларыгар харчылара да суох. Ол иһин судургу соҕус астары астата сатыыбыт.
Оҕолор колледжтарын бүтэрэн, идэлэринэн үлэлиэхтэрэ эбэтэр салгыы үөрэниэхтэрэ. Технологка туттарсар, сорохтор рестораҥҥа үлэлии киирэр баҕалаахтар бааллар.
Биһиги идэбит хаһан да сүтүө суоҕа. Ас-үөл арааһа элбиир, сыл аайы оборудованиебыт тупсар. Онон повар биир сиргэ турбакка, күн аайы сайдыахтаах.
Бэйэм Саха сиригэр үүнэр оту-маһы, отоннору туттуохха, саха ынаҕын этин, булт аһын сөргүтүөххэ диэн баҕа санаалаахпын.
Нэһилиэнньэни үөрэтэбит
Саргылана Леонидовна Винокурова, Ю. А. Готовцев аатынан Дьокуускайдааҕы сервис технологическай техникумун преподавателэ:
– Биһиги кыһабытыгар повар идэтигэр туттарсарга сыл аайы куонкурус үрдүк. Биир миэстэҕэ 3-4 киһи буолар. Кэтээн көрдөххө, уол элбэх. Шеф-повар буолуон баҕалаах оҕо үгүс.
Хас да балаһаакканан үлэлиибит, араас идэҕэ үөрэтэбит. Холобур, килиэби буһарар сирбит туспа. Оҕолорбут онно практикаланаллар. Бородууксуйабыт “Токко” маҕаһыыннарга атыыланар, социальнай эбийиэктэргэ тарҕанар. Маны таһынан, ресторан сервиһин балаһаакката Дзержинскэй уулуссатыгар баар. Онно үөрэнэр-производственнай гостиницалаахпыт. Маны таһынан оҕолору, нэһилиэнньэни парикмахерскай искусствоҕа уһуйабыт.
Техникум оҕолору эрэ үөрэппэт. Оскуола үөрэнээччилэригэр уонна улахан дьоҥҥо кылгас куурустары ыытабыт.
Таһым үрдүк
Күрэххэ бириэмэни тутуһуу ирдэбилэ кытаанах. Болдьоммут чааска бүлүүдэ дьүүллүүр сүбэ остуолугар ууруллуохтаах. Хамыыһыйа амсайар, сыаналыыр кэмигэр хамаанда атын түһүмэх сорудаҕын толорор. Ити курдук кыттааччылар биир кэм солото суох сырыттылар.
Дьүүллүүр сүбэ эдэр асчыттар үлэлэрин кэрэхсээтэ. Айаал Боярскай – “Үрдэл” паарка “Высота 160” ресторанын тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ:
– Кыттааччылар таһымнара үрдүк диэн сыаналаатым. Бүлүүдэ барыта минньигэс, ону таһынан көстүүтэ тупсаҕай. Кэскиллээх каадырдары бэлиэтии көрдүбүт, бэйэбитигэр практикаҕа ыҥырар санаалаахпыт.