11.02.2024 | 12:00

«Биэс уонус хаар» быыстапка олунньу 25 күнүгэр диэри уһатылынна

СӨ Национальнай художественнай музейыгар живописец-худуоһунньук, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Иннокентий Корякин үйэ аҥаардаах үбүлүөйүгэр анаммыт «Биэс уонус хаар» быыстапка олунньу 25 күнүгэр диэри уһатылынна.
«Биэс уонус хаар» быыстапка олунньу 25 күнүгэр диэри уһатылынна
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

«Иннокентий Корякин – Саха сирин аныгы искусствотын чаҕылхай бэрэстэбиитэллэриттэн биирдэстэрэ, кини үлэлэрэ туспа суоллаахтар-иистээхтэр. Колориттарынан, композицияны таҥар ньымаларынан, өйдөбүллэринэн, аан дойдуну анаарыыларынан уратылар. Худуоһунньук айар үлэтин уратыта – үгэскэ, норуот айымньытыгар, үһүйээннэргэ, фольклорга тирэҕирии, ол эрэн барыта саҥалыы, аныгылыы тыыннаах», – диэн бэлиэтиир СӨ Национальнай художественнай музейын генеральнай дириэктэрэ, быыстапка куратора Влада Тимофеева.

«Биэс уонус хаар» быыстапка экспозиционнай туонатыгар худуоһунньук 50 дьоҥҥо-сэргэҕэ сөбүлэппит уонна саҥа айымньылара туруорулуннулар. Иннокентий Корякин геройдара – төрөөбүт дойдутун, Сахатын сирин кытта ыкса сибээстээхтэр, мэлдьи чаҕылхайдар, ураты тыыннаахтар.

Иннокентий Корякин 1973 сыллаахха атырдьах ыйын 3 күнүгэр Алексеевскай оройуон (билигин Таатта улууһун) Ытык-Күөл сэлиэнньэтигэр живописец-худуоһунньук Иннокентий Дмитриевич Корякин дьиэ кэргэнигэр алтыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа Харбалаахха ааспыта. Кыра эрдэҕиттэн дьиэ кэргэн үгэстэрин, булчуттар кэпсээннэрин, үһүйээннэри уонна остуоруйалары сэргээн истэрэ, өйүгэр хатыыра, сүрэҕэр иҥэринэрэ инники идэтигэр төһүү күүс буолбута.

Ахсыс кылаас кэнниттэн, 1988 сыллаахха, П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ.  Кинини преподавателэ, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ норуодунай худуоһунньуга Эдуард Васильев элбэххэ уһуйбута. Иннокентий 1992-1999 сылларга Красноярскайдааҕы судаарыстыбаннай художественнай институт живопись кафедратыгар Арассыыйа Художественнай   академиятын чилиэнэ, РФ үтүөлээх худуоһунньуга Александр Покровскай мастарыскыайыгар үөрэммитэ.

Иннокентий Корякин хартыыналарын уратытынан көрөөччү хараҕын бэйэлэригэр тардар, абылыыр сүдү күүстээхтэр. Дьон-сэргэ улахан сэҥээриитин ылбыт үлэлэрэ –  «Далбар Хотун» (2017), «Төлкө түөрэҕэ» (2017), «Атаах боотур» (2018), «Сайыҥҥы күн» (2020), «Дьэдьэнньит кыыс» (2020), «Кийиит сэргэтэ» (2020), «Ампаар хотуна» (2020) уо.д.а. Итиннэ үһүйээн уонна дьиҥнээх олох бүппэт кэпсэтиитэ саҥа таһымҥа тахсар, бэйэ-бэйэтин ситэрсэр. Түүл-бит кистэлэҥ, дьикти эйгэтигэр фольклор матыыптара көстөллөр.

Худуоһунньук айымньылара саха дьонун, тыа сирин, булчуттарын, балыксыттарын олоҕун-дьаһаҕын кытта ыкса сибээстээхтэр. Иннокентий Корякин үлэлэрин көрдөххө, төрөөбүт дойдуга таптал, сырдык, нуурал санаа, сөҕүмэр истиҥ иэйии кууһарга дылы. Оннук сылаас, үтүө эйгэлээхтэр.

Быыстапка аһыллыытыгар худуоһунньук «Ампаар хотуна» диэн 2020 сыллааҕы үлэтин музейга бэлэх ууммута кэрэхсэбиллээх.

«Биэс уонус хаар» быыстапка искусствоны сэҥээрээччилэргэ дьоһун бэлэх буолар. Сылдьа илик дьон олунньу 25 күнүгэр диэри быыстапканы баттаһар,  живописец-худуоһунньук Иннокентий Корякин үлэлэриттэн дуоһуйууну ылар кыахтаах.

Аадырыһа: Дьокуускай к., Киров уул., 9, СӨ Национальнай художественнай музейа, 1-кы этээс, 3-с саала.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...