13.05.2024 | 10:53 | Просмотров: 644

Биэс Олимпийскай путевка баар!

Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Стамбулга түмүктэммит олимпийскай лицензиялардаах аан дойдутааҕы турнирга саха тустууга оскуолатын бөҕөстөрө Виктор Рассадин 74 кг (Таджикистан) уонна Айаал Лазарев 125 кг (Кыргызстан) “Олимпиада-2024” кыттар путевкалары ылаттаатылар.

Олимпийскай путевкалары бу иннинэ саха тустууктара Арыйаан Тютрин 57 кг (Белоруссия), Георгий Окороков 65 кг (Австралия)  ылаттаабыттара.
42 км марафоҥҥа Азия чемпионатын боруонса призера Сардаана Трофимова Парижка буолар Олимпийскай оонньууларга кыттар буолбутун туһунан үөрүүлээх сонуну Кыргызстан чэпчэки атлетикаҕа федерациятын бэрэсидьиэнэ Канат Аманкулов ыам ыйын 11 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүүмэрдэммит хамаандатын киинин дириэктэрэ Михаил Пахомовка иһитиннэрэн турар. Узбекистан марафонката Ситора Хамидова допиҥҥа түбэспитинэн дисквалификацияламмытынан, 2023 с. сэтинньи 11 күнүгэр Арабтар Холбоһуктаах Эмираттарын киин куоратыгар Дубайга буолан ааспыт Азия чемпионатыгар ылбыт үрүҥ көмүс мэтээлэ Сардаана Трофимоваҕа туттарыллыбыт. Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, Азия чемпионатыгар Кыргызстан хамаандата бастакы миэстэни ылбыта. 
Онон «Олимпиада-2024» Саха сириттэн 5 спортсмен кыттыыны ылар буолла. Бу – өтөрүнэн буолбатах үрдүк чыпчаал! Спортсменнарбытыгар кыайыы өрөгөйүн баҕарабыт!  

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.