26.01.2021 | 14:25 | Просмотров: 673

БИЭРЭПИСКЭ ҮЛЭЛИЭН БАҔАЛААХТАРГА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Муус устартан Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис саҕаланар. Дьокуускайга уопсайа 850 киһи биэрэпискэ үлэлииргэ сүүмэрдэниэхтээх: 104 хонтуруоллааччы уонна 745 биэрэписчик.

Саха(Якутия)стат биэрэпискэ үлэлииргэ дьону үлэҕэ ылар: биэрэпис учаастагар хонтуруоллааччылар, ааҕар уонна стационарнай учаастактар биэрэписчиктэрэ наадалар.

Биэрэписчигинэн сокуоннай сааһын сиппит, анал үөрэтиини ааспыт Арассыыйа гражданина үлэлиэн сөп. Үксүн устудьуоннар үлэлииллэр – биэрэпискэ үлэлээбиттэрин кинилэр кэлин резюмеларыгар киллэрэн, дьону кытта алтыһар кыахтаахтарын, гражданскай көхтөөхтөрүн көрдөрөр кыахтаналлар.

Бу дойду историятыгар кыттыгастааххытын туоһулуур уопут буолар. Маны таһынан, биэрэписчик үлэтэ хамнастанар.

Арассыыйа баай историятыгар араас үйэлэргэ ыытыллыбыт биэрэпистэргэ чахчы улуу дьон кыттыыны ылаллара. Холобур, улуу суруйааччылар Л.Н.Толстой уонна А.П.Чехов биэрэписчиктээбиттэрэ. Бастакы биэрэпистэри учуонай-энциклопедист Михаил Ломоносов, айанньыт уонна учуонай Петр Семенов-Тянь-Шанскай көҕүлээбиттэрэ.

Биэрэпискэ үлэлиэн баҕалаахтар sakha@gks.ru  электроннай почтаҕа суруйуоххутун эбэтэр 8(4112)42-45-17, 8(4112)34-16-23 эрийэн билсиэххитин сөп. Электроннай почтаҕа суруйаргытыгар хайаан да эһигини кытта сибээстэһэр төлөпүөннэри ыйаҕыт.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.