03.10.2022 | 12:00

Биэнсийэҕэ саҥа олох саҕаланар

Киин куоракка 77 саастаах үрдүк категориялаах быраас, реабилитолог, мануальнай терапевт, массажист Федот Максимов быйыл кулун тутар ыйга биир идэлээхтэрин кытта массаас авторскай оскуолатын арыйбыт диэн иһитиннэрдэ Дьокуускай куораттааҕы Дуума пресс-сулууспата.
Биэнсийэҕэ саҥа олох саҕаланар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оскуола аадырыһа: Дьокуускай куорат, Свердлов уул., 3/3. Федот Максимов манна баҕалаах дьону Тибет уонна Илиҥҥи медицина, массаас араас көрүҥнэригэр уонна мануальнай терапияҕа үөрэтэр, нэдиэлэҕэ иккитэ аҕам саастаах дьону физкультуранан дьарыктыыр. Кини өр кэмҥэ Үһүс саас оскуолатыгар үлэлээбит киһи.   

Аҕам саастаах дьон күнүн көрсө Федот Павлович Максимовтыын «Аҕа саастаах көлүөнэ» бырайыак координатора,  Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Евдокия Евсикова көрүстэ. Көрсүһүүгэ «Социальнай хааччыйыы өрөспүүбүлүкэтээҕи кэлим киинэ» СӨ СБТ дириэктэрэ, Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутаата Наталья Пахомова уонна СӨ Үһүс саас оскуолатын дириэктэрэ Пелагея Прядезникова кытыннылар.

Көрсүһүүгэ олоҕун медицинаҕа анаабыт Федот Павлович билиитин, уопутун атын дьоҥҥо тиэрдэрэ дьоһун суолталааҕын бэлиэтээтэ.

«Миэхэ эчэйиини ылбыт дьону чөлүгэр түһэрэр үлэ чугас. Консультация кэнниттэн түһүмэҕинэн чөлүгэр түһэрии үлэтэ саҕаланар. Чөлүгэр түһэрии болдьоҕо эчэйиини хаһан ылбыттарыттан тутулуктаах, онон эрдэттэн ылсан эмтиир тоҕоостоох», — диэн бэлиэтээтэ Федот Максимов.

77 саастаах Федот Павлович эдэр сааһы уһатар курдук мэлдьи хамсыы сылдьыахха наада диир. Кини хамсаныы – олох, төһө сатанарынан элбэхтик хамсаныахха, массаастаныахха наада диэн тоһоҕолоон эттэ.  Федот Максимов массаас туһатын сорох дьон өйдөөбөттөрүн бэлиэтиир. Кини саастаах дьоҥҥо анаан оҥорбут дьарыктарын авторскай комплексын Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, кыраныысса таһыгар кытта туһаналлар.

«Аҕа саастаах көлүөнэ» бырайыак координатора Евдокия Евсикова Федот Максимов нэһилиэнньэни чэбдигирдиигэ улахан кылааты киллэрэр диэн бэлиэтээтэ, кини дьыалата салҕанарыгар эрэлин биллэрдэ уонна чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, ситиһиини, таһаарыылаах үлэни баҕарда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....