Биһиги усулуобуйабытыгар барсар бэлисипиэт оҥоһуллар
Кэлэр ыйга «Якутия» технопаарка резиденэ – Дьокуускайдааҕы хочуоллары (оһохтору) оҥорон таһаарар собуот бэйэ ырыынагар уотунан иитиллэр (электробэлисипиэт) бөҕө-таҕа бэлисипиэттэри оҥорор былааннаах. Көлө сыаната тас дойдулар бэлисипиэттэриттэн чэпчэки буолуохтаах. Сыаната, быһа холоон, 50 тыһыынчаттан саҕаланыа диэн иһитиннэрэллэр. Уотунан иитиллэн айанныыр бэлисипиэт тулалыыр эйгэҕэ буортута суох уонна чааһа аҕыйах, туттарга табыгастаах уонна судургутук иитиллэр диэн бэлиэтэнэр.
Бэлисипиэт үс көрүҥнээх – оҕоҕо уонна улахан киһиэхэ олорор миэстэлэрдээх пассажирскай, курьерга уонна таһаҕас тиэйэргэ аналлаах (грузовой) буолар. Толору ииттэриилээх бэлисипиэт көнө суолунан чааска ортотунан 40 км айанныахха сөп.
Собуот кылаабынай инженерэ Виталий Прокопьев этэринэн, бэлисипиэт Саха сирин усулуобуйатыгар сөп түбэһэр. Тыа сирин суолларынан сылдьарга учуоттаммыт. Көлүөһэлэрэ анал шиналаах буоланнар -15 кыраадыс тымныыга, суола-ииһэ мөлтөх сиргэ сылдьыахха сөп.
Хампаанньа бу оҥоһугун Владивостокка Илиҥҥи экономическай форумҥа көрдөрбүт. Бэлисипиэт улахан болҕомтону ылбыт, ол иһигэр «Яндекс» бэрэстэбиитэллэрэ сэҥээрбиттэр. «Билигин кэпсэтии бара турар. «Яндекс» үлэҕэ туһанарга баартыйанан сакаастыан баҕарар. Бэлисипиэти Саха сиригэр эрэ буолбакка, атын регионнарга эмиэ атыылыахпыт. Ити өттүгэр кыһалҕа үөскээбэт, хочуолларбытын (оһохторбутун) дойду үрдүнэн туһаналлар», - диир собуот кылаабынай инженерэ.
Собуот 2013 сылтан үлэлиир, 2016 сылтан – «Якутия» технопаарка резиденэ.