17.03.2021 | 05:56

Биһиги пенсионердарбыт мэлдьи инники күөҥҥэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайдааҕы Үһүс көлүөнэ оскуолатын курсистара, волонтёр-педагогтара Саха сиригэр ыытыллар норуот маастарын Күнүн чэрчитинэн бэйэлэрин оҥоһуктарын быыстапкалаан көрдөрдүлэр.

Быыстапка Үһүс көлүөнэ оскуолатын директора П.Ю.Прядезникова көҕүлээһининэн тэрилиннэ. 203-с микрорайоҥҥа "Смарт" библиотека киэҥ-куоҥ актовай саалатыгар турбут быыстапка дьон-сэргэ болҕомтотун тарта. Аҕа саастаах куорат олохтоохторо сөҕүмэр үчүгэй оҥоһуктары, үлэлэри көрдөрдүлэр. Иһирэх ийэлэр, эйэҕэс эбээлэр күннээҕи түбүктэриттэн ордон, кэрэни кэрэхсээн, бириэмэлэрин олус туһалаахтык атаараллар.

Харах халтарыйар эҥин-эгэлгэ оҥоһуктарын манна көрдүбүт: баайыы таҥастар (салайааччы Р.В. Ощепкова); оҕуруоттан араас дьэрэкээн кольелар, брошьтар (Н.Ф. Артамонова); иис араас көрүҥэ; шерсть саптан хатайдаан оҥоруу - валяние (А.Н. Петрова); маслянай кыраасканан, акварелынан уруһуйдар; тигии куукулалар, оонньуурдар (К.И. Иванова); ону тэҥэ араас паннолар, лентанан вышивка уо. д. а.

Ытык пенсионердарбыт ким дьиэтигэр олорон, ким zoom платформаҕа дьарыктанан, бэйэлэрин сатабылларын дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарбыттара хайҕаллаах, үөрүүлээх суол. Кинилэри көрөн киһи үтүктүөн, үөрэниэн баҕарар.

Үһүс көлүөнэ оскуолатын оҥоһуктарын быыстапкатын аны сайын Туймаада Ыһыаҕар өссө көрдөрөллөрө буоллар диэн эрэнэ хаалыаҕыҥ.

        Софья Прокопьева

        Дьокуускай.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...