30.05.2021 | 11:58

«Биһиги — Концепция оҕолоробут!»

«Биһиги — Концепция оҕолоробут!»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тыл – омук тыына. Тыл – омук кэскилэ. Ыам ыйын 23 күнүгэр үрүҥ тыыммытын өллөйдөөбүт, оҕобутун, ыччаппытын төрөөбүт тылыгар, норуотун култууратыгар, омугар хайыһыннарбыт Национальнай оскуоланы саҥардан сайыннарыы Концепцията олоххо киирбитэ 30 сылын туолла.

Олохтоох омукка тыын суолталаах буолбут Концепция оччотооҕу Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ миниистирэ Егор Петрович Жирков көҕүлээһининэн, бүттүүн өрөспүүбүлүкэ педагогическай уопсастыбаннаһынан ырытыллан, Бырабыыталыстыба таһымыгар бигэргэнэн, атын өрөспүүбүлүкэлэргэ холобур буолан ситиһиилээхтик киирбитэ. Концепция сүрүн бириинсибинэн Саха сиригэр төрүт олохтоох уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар оҕолоро уһуйаантан саҕалаан, орто үөрэҕи ылыахтарыгар диэри төрөөбүт тылларынан үөрэнэр уонна иитиллэр төрүт бырааптарын олоххо киллэрии буолбута. Ол түмүгэр төрөөбүт тылларын чахчы таптыыр, өбүгэлэрин төрүт үгэстэрин тутуһар, омуктарын үрдүктүк тутар сайдам санаалаах элбэх ыччат үүнэн тахсыбыта. 

Михаил Сивцев, СӨ үөрэххэ миниистирэ: 
–Аан дойдуга биллэрин курдук, киһи бастаан төрөөбүт тылынан иитиллэр, үөрэнэр буоллаҕына кини дьиҥ ис туруга кытаанах буолар. Бэйэбит тылбытын, култуурабытын, үгэстэрбитин тута сылдьабыт. Саха тылынан үөрэммит киһи буоламмын, мин билигин бэйэбэр эрэллээхпин. 90-с сылларга Лөгөй орто оскуолатыгар үөрэммитим, Концепция киирэрин бэйэбинэн билбитим, учууталларбыт өрө күүрүүлээх үлэлэрин илэ харахпынан көрбүтүм. Концепция баар буолан, 1998 с. Кэптэни бөһүөлэгэр Саха-Бельгийскэй оскуола үлэтин саҕалаабыта, ону таһынан оскуолаҕа киирбит “Үрүҥ Уолан”, “Кыыс Куо” предметтэр ыччаты олоххо бэлэмниир этилэр.
Учууталларбытыгар махтанабыт, биһиги төрөөбүт тылбытын оччолорго тутан хаалан, билигин да үөрэтэ сылдьарбытыгар. Мин 90-с сыллардаахха саҕаламмыт Концепция оҕото буолабын!

Евгений Григорьев, Дьокуускай куорат баһылыга:
–Мин 1991 сыллаахтан Саха национальнай гимназиятыгар үөрэнэн, 6-с кылааска диэри онно үөрэнэр кэммэр саха тыла сүрүн тылбыт этэ – ахсааны кытары саха тылынан үөрэтэрбит. 6-с кылаастан Өрөспүүбүлүкэтээҕи колледжка Иван Иванович Шамаев оскуолатыгар киирбитим. 
Төрүөхпүттэн саха тылын иҥэринэ сылдьар буоламмын олохпор үгүһү ситиһэбин. Күннээҕи олохпор сахалыы толкуйдуурум, санаабын сатаан сахалыы сайа этэрим  күүстээх өрүтүм буолар дии саныыбын.

Юлия Андросова, “Сайдыс” оҕону сайыннарар киин салайааччыта:
–Концепция миэхэ улахан күүһү биэрбитэ. Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияны бүтэрбитим, билигин уйулҕа үөрэхтээҕэбин. Оҕолору сахалыы иитэр, үөрэтэр “Сайдыс” киини тэрийэрбэр сахалыы тыыннаах иитиллибитим улахан көмө буолбута. Бэйэм оҕолорбун эмиэ сахалыы иитэбин.

Рустам Каженкин, саха тылын уонна литературатын учуутала:
–Национальнай Концепция олоххо киирэрин саҕана, 1991-2002 сс., Дьааҥы улууһун Адыаччытыгар оскуолаҕа үөрэммитим. Ол сылларым элбэҕи биэрбиттэрэ. Концепция кэмигэр бэриллибит өйү-санааны кэҥэтэн уонна дириҥэтэн, билигин айар үлэнэн Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун Бырабылыанньатын чилиэнэ буолабын. Хоһоон суруйуунан, кинигэ таһаарыынан, оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ үлэбинэн саха тылын сайыннарыыга кылааппын киллэрэ сылдьарбыттан дьоллоохпун. 

Алексей Егоров–Өркөн,  артыыс, “Лена” киинэ театрын дириэктэрэ:
–Биһиги көлүөнэ ыччат САХА диэн өйдөбүл туругурар, Концепция олоххо киирэр кэмигэр үөскээбит, үүммүт дьон буолабыт. Концепция чэрчитинэн тэриллибит Дьокуускайдааҕы Национальнай гимназия выпускнига буоларбынан киэн туттабын. Арассыыйа киин куораттарыгар үөрэнэн, онно хаалбакка, саха буолар өйдөбүлбүтүн өрө тутан бары дойдубутугар төннөн кэлэн, Саха сирин саҥа таһымҥа таһаарар сыаллаах үлэлии, айа-тута, сылдьарбыт да элбэҕи этэр дии саныыбын.
Сахалыы ааттаах оҕо элбээтин, саха буоларбытынан киэн туттуу салҕанан бара турдун. Бу национализм буолбатах, бу бэйэ омугун өрө таһаарыы.

Иннокентий Луковцев, Саха театрын артыыһа:
–Мин 1993 сыллаахха Таатта улууһун Баайаҕа орто оскуолатын бүтэрбитим. Бу биһиги оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбитигэр “Национальнай култуура”, “Кыыс Куо”, “Үрүҥ Уолан” предметтэр киирэннэр биһиэхэ, саҥа үүнэн тахсан эрэр ыччакка, күүс-көмө, бигэ тирэх буолбуттара. Артыыс идэтин талан, күн бүгүҥҥэ диэри Саха театрыгар үлэлии-хамсыы сылдьабын. Ийэ тылбытын тыыннаах хаалларар, саха тылын кэскилин кэрэһилиир Концепция салгыы сайдан үлэлиэхтээх дии саныыбын.

Павел Ксенофонтов-Ойуур Байбал, норуот дьокутаата:
–1996 сыллаахха Үөһээ Бүлүүтээҕи гимназияны бүтэрбитим. Оҕо сырыттахха “сахалыы тоҕо үөрэнэбитий?”, “тоҕо сахалыы билиэхтээхпитий?” диэн киһи улаханнык толкуйдаабат этэ. Онтон улахан куоракка, Москваҕа үөрэнэ тиийэн, атын омуктары кытта алтыһан баран дьэ өйдөөбүтүм – тоҕо миигин сахалыы ииппиттэрин, ол туох үтүөнү түстээбитин.
Бу 21-с үйэҕэ саха тылын өссө дириҥник үөрэтиэхтээхпит уонна Концепцияны сөргүтэн ыччаттарбытыгар тарҕатыахтаахпыт.

Вилюяна Никитина, “Ийэ тыл кэскилэ” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта:
–Мин Үөһээ Дьааҥы улууһун Арыылаах орто оскуолатын 1998 сыллаахха бүтэрбитим. Биһиги сахалыы тылынан эттик эркинин иэнин суоттаан, уу сабардамын быһааран үөрэммиппит. Ботаника, география, история, о.д.а. барыта сахалыы учуобунньугунан бэриллэрэ. Биһиги үгэстэрбитин өрө тутан, үүнэн-сайдан тахсыбыппыт. Концепция бу билигин сахалыы тылбытын туруулаһарга, сайыннарарга үлэлиирбитигэр төрүт буолбута. 

Леонид Спиридонов, СӨ спорка миниистирин солбуйааччы: 
–Мин Хаҥалас улууһун 2-с Дьөппөн орто оскуолатыгар 1-9 кылааска үөрэммитим. Бу Концепция оҥоһуллан үөрэхпитигэр сахалыы предметтэр киирбиттэрэ. Холобур, “Үрүҥ Уолан” уруогар уолаттар  булка-алка, спорка сыһыарыллыбыппыт. Спорт национальнай көрүҥнэрин оччолорго Концепция киириэҕиттэн эрэ үөрэтэн саҕалаабыппыт. Билигин онтубутунан аан дойду таһымыгар тахсар, атын омуктары кытта күрэстэһэр кыахтаахпыт. 

Дмитрий Шадрин, “Сахафильм” дириэктэрэ:
–Мин М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищены бүтэрбитим, Национальнай Концепция чэрчитинэн “Национальнай студия” диэн ааттанар этибит. Нуучча профессордара, учууталлара биһигини сахалыы үөрэппиттэрэ. Ол аата испэктээктэрбитин барытын сахалыы, бэйэбит тылбытынан туруорар этибит. 
Биһиги ыал оҕолорбут сахалыы иитиилээхтэр, сахалыы кэпсэтэллэр, кыра уолбутун уһуйааҥҥа сахалыы бөлөххө анаан-минээн биэрбиппит. Саха тыла баар буоларын туһугар хас биирдии ыал кылаата наада.  

“Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү аатыттан бу бэлиэ күнүнэн барыгытын эҕэрдэлээн туран, Концепция төрүт омук сайдыытыгар киллэрбит үтүө дьайыыларын салгыы сайыннарыаҕыҥ, төрөөбүт тылынан иитэр-үөрэтэр кыһалар баар буолалларын туһугар биир сүбэнэн үлэлиэҕиҥ, хас биирдии бэйэбит кыһаллыаҕыҥ диэн ыҥырабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
Дьон | 30.08.2024 | 10:00
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
(Петр Николаевич Захаров 90 сааһын көрсө)