21.03.2021 | 18:03

Биһиги күүспүт - түмсүүгэ!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл Боотулуу нэһилиэгэ тэриллибитэ 250 сыла. Онно аналлаах тэрээһиннэр быыстала суох ыытылла тураллар. Кулун тутар 20 күнэ Боотулууга биир бэлиэ күнүнэн буолла. Ол курдук нэһилиэкпитигэр "ҮҮНЭ - САЙДА ТУР, БООТУЛУУМ" диэн киэһэни сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ тэрийэн ыыттылар. Онно төрдүс төгүлүн "Боотулуу нэһилиэгэ" муниципальнай тэриллии норуот хаһаайыстыбатын бириэмийэтин туттарыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста. Ону таһынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев 2021 сылы Доруобуйа сылынан биллэрбитин бэлиэтээн нэһилиэкпитигэр аҕам саастаах ыалларбытыгар "Чөл олохтоох дьиэ кэргэн" ааттары иҥэртээтибит. Өйдөбүнньүк бэлиэни уонна добун суругу 11 ыал ыллылар:

  1. Матрена, Федот Алексеевтар;
  2. Розалия, Алексей Николаевтар;
  3. Анастасия, Михаил Петровтар;
  4. Анна, Михаил Яковлевтар; 5.Розалия, Иван Федотовтар;
  5. Любовь, Василий Васильевтар;
  6. Зоя, Данил Даниловтар;
  7. Наталья, Николай Кисиляховтар;
  8. Раиса, Ариан Ксенофонтовтар;
  9. Мария, Герман Афанасьевтар;
  10. Варвара, Александр Буртаховтар;
  11. Бу үөрүүлээх күн эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэннэ. Кэнсиэркэ оскуола коллектива (директор Васильев А.А.) Боотулуу гимнин ыллаан ньиргиттэ, олохтоох хоһоонньуттар Боотулуу туһунан дьүһүйүү хоһооннорун аахтылар, Боотулууттан төрүттээх мелодистар ырыалара ылланан көрөөччү астынан барда диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Уруккуттан баччааҥа диэри Боотулуу аатын ааттата сылдьар "Алаас оҕолоро" уонна "Сарыал" ансаамбыл үҥкүүһүттэрэ имигэс үҥкүүлэринэн биэчэри киэргэттилэр. Талааннаах ырыаһыттар Алексей Борисов, Август Максимов ылбаҕай ырыалара саалаҕа мустубут дьон сүрэхтэрин минньиттэ. Дьокуускай куораттан ыҥырыллан кэлбит, элбэх ырыа күрэхтэрин кыайыылааҕа ааты ылан Боотулууну элбэхтэ ааттаппыт айылҕа маанылаах куолаһа Михаил Спиридонов ыллаан дуораһытан, ытыс хабыллар тыаһа бүппэттик ньиргийэн олордо. Оҕолорбут, кэнэҕэски кэнчээри ыччаппыт талба талаана, айылҕаттан бэриллибит дьоҕура, тахса турар сатабыла - биһиги ураты тыыннаах дьоһуннаах нэһилиэк буоларбытын өссө төгүл туоһулаата!!! "Биһи күүспүт - түмсүүгэ!!!",- диибит

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...