27.12.2019 | 09:07

Бэйэтэ туспа үгэстэрдээх хаһыат

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Иван УШНИЦКАЙ, хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, суруналыыстар, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы, аан дойдутааҕы күрэхтэрин кыайыылааҕа

Сарсын, ахсынньы 20 күнүгэр, “Киин куорат” хаһыаппыт тэриллибитэ 20 сылын бэлиэтиэхпит.

Ити күн мэрия улахан саалатыгар куорат баһылыга Сардаана Авксентьева кыттыылаах кэпсэтии буолуоҕа. Онно күндү ааҕааччыларбытын кэлэн кыттан, сэргэх ыйытыылары биэрэн, көрсүһүү кэрэхсэбилин үрдэтэргитигэр баҕарабыт. Мэри кытта көрсөр түгэн сырыы аайы буолбат.

“Киин куорат” хаһыаты үп-харчы көстүбэт ыарахан кэмнэригэр оччотооҕу мэр Илья Филиппович Михальчук тэрийбитэ биллэр. Бу санаатахха, Илья Филиппович элбэх саха доҕоттордоох буолан, сахалыыга элбэҕи оҥорбут эбит. Аҥаардас “Үс Хатыҥҥа” ыһыахтыыр сири, “Арчы” дьиэтин туттарбытын санааҥ. Күөх хонуу кытыытынан халаантан көмүскүүр дамба – суол, Итии күөлү ыраастатан, фонтаны тыктаран, кытылларын киэргэтэн, уоттаах остуолбалары туруоран кэрэ көстүүлээбитэ. Туймаада ыһыаҕын тэрээһиннээхтик ыытыы үтүө үгэһин саҕалаабыта. Мэргэ талыллыан иннинэ “Полиграфиздат” салайааччытынан үлэлээбит буолан, бэчээт суолтатын олус өйдүүрэ. “Киин куорат” курдук олохтоох омук тылынан тахсар куорат хаһыата атын регионнарга баарын истэ иликпин. Оннооҕор өрөспүүбүлүкэтээҕи, уобаластааҕы хаһыаттар аччаан иһэллэр.  Куораттарга нууччалыы да тылынан тахсар хаһыат аҕыйах.

Бу билигин үлэлии олорор хаһыаппытыгар эрэдээктэринэн саамай таһаарыылаахтык Андрей Аргунов үлэлээбитин билэбин. Мин  оччолорго атын хаһыаттаах этим. Ол да буоллар Андрей миигин, “хаһыаппын сэргэхситиэҥ, болҕомтону тардыаҥ” диэн, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнинэн үлэлэппитэ. Кэллиэгэбин өйөөн, хаста да суруйа сылдьыбытым. Кэлин сүрүн эрэдээктэринэн абитуриенныыр сахпыттан билсэр доҕорум Борис Павлов үлэлээбитэ. Бэйэтин кэмигэр хаһыаты доҕорум Иннокентий Пестряков уруһуйдара киэргэппиттэрин билэбин, астынабын.

Онтон биэс сыллааҕыта миигин Айсен Сергеевич Николаев мээрдии олорон, саха бэчээтин, суруналыыстыканы өйүүр буолан, кылаабынай эрэдээктэр штатын арыйан туран ыҥырбыта. Онно хаһыаты көрөн, бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, ураты буочардаах, сэргэх рубрикалардаах, олохсуйбут үгэстэрдээх, күүстээх састааптаах эрэдээксийэ дии санаабытым.

Киһи бэйэтэ ыалдьарын кэпсиирэ, ордук эр киһиэхэ, соччото суох. Ол эрээри бүгүн махтал тылларын этиэхпин баҕарабын. “Киин куоракка» кэлиэм инниттэн санаа бөҕөҕө ыллара сылдьарым. Онуоха эбии улахан оһолго түбэһэн, өссө ыар кыһалҕаҕа хам ыллара сыспыттаахпын. Киһи ыарахан кэмигэр бииргэ үлэлиир кэлэктиибэ, кэллиэгэлэрэ, аймахтара, биир дойдулаахтара, доҕотторо өйүүллэрэ улахан тирэх. Ол курдук, ыарахан эппэрээссийэҕэ барарбар кэллиэгэлэрим хаһыаппыт нөҥүө биллэрии таһааран, атын тэрилтэлэргэ сурук бөҕө ыыталаан, олох билсибэтэх дьонум, ааҕааччыларбыт, пенсионердар, спортсменнар бары биир киһи курдук көмөҕө түмсүбүттэрэ. Хаһыат күүһэ оннук! Ааптары, геройу дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктыыр оҥорор. Ол иһин мин «Киин куорат» хаһыакка үлэлиир дьолу билбиппин дьылҕам бэлэҕинэн ааҕабын, кыргыттарбар барыларыгар, хатылаан туран, улахан махталбын биллэрэбин.

Санаабын түһэрбэппин, кинилэр өйөбүллэрин ытык иэс курдук санаан, өссө үчүгэйдик үлэлиэм дии саныыбын. 

Билигин биһиги хаһыаппытын Галина Новикова сүрүннүүр. Кини сахалыы да, нууччалыы даҕаны кыахтаахтык суруйар улахан дьоҕурдаах. “Якутск вечерний” хаһыаттан саҕалаан миэхэ, “Орто дойдуга”, солбуйааччынан кэлбитэ. Хаһыаппыт кини иилиэҕиттэн-саҕалыаҕыттан көстүүлүүн тубуста, ис хоһооннуун ситтэ, ааҕааччыбыт даҕаны эбилиннэ. Дириҥ билиитинэн, тылы уобарастаан, литературнайдык тупсаҕайдык оҥорор ураты дьоҕурунан хас биирдии ааптар суруйуута үчүгэй буоларыгар ис сүрэҕиттэн кыһаллар.

Корректортан саҕалаан саамай өр үлэлээбит Наталья Кычкина бүгүҥҥү кэлэктиип биир тутаах үлэһитэ. Наталья «Киин куоракка» үлэлиир кэмигэр хас да кинигэни бэчээттэппитин үөрэ истибитим, ол иһин кинини талаанын-дьоҕурун өрүү сайыннарар суруналыыс быһыытынан сыаналыыбын.

Розалия Томская бүгүҥҥү күҥҥэ биир саамай күүстээх, талааннаах ааптарбыт. Идэтийбит суруналыыс үөрэхтээх буолан, политикаттан, экономикаттан саҕалаан ханнык да уустук теманы тиийимтиэ гына арыйар, сытыы кыһалҕалары туруорсар, кэнэҕэһин саха суруналыыстыкатыгар дьоһун кылааты киллэрэр кэскиллээх үлэһит.

Сардаана Багынанова социальнай, духуобунас, сиэр-майгы темаларын кыайа-хото тутар. Урут мин «Орто дойду» хаһыаппар эмиэ биир тарбахха баттанар ааптарым этэ. «Киин куоракка» ол хаһыаппытыттан «Суорумньу» рубрикабытын аҕалан, уопсастыбаҕа, бука, дьоһун кылааты киллэрсибит буолуохтаах. Сардаана дьон кыһалҕатын, олох очурдарын кыраҕытык көрөр, сүрэҕинэн-быарынан ылынар ураты дьоҕура сытыы, тыҥаан турар кыһалҕалары суруйарыгар тирэх буолара саарбахтаммат. Кэрэспэдьиэнниирин таһынан корректордыыра эмиэ элбэх билиини, үлэни, сыраны эрэйэр.

Эдэр кыыс Айталина Софронова эмиэ күннэтэ сайдан иһэр. Айта бастакы эрэдээктэр Андрей Аргунов хаан-уруу аймаҕа буолара түбэһиэхчэ буолбатах буолуохтаах. Саҥа саҕалаан эрэр киһиэхэ дириҥ, кэрэхсэбиллээх ыстатыйалара, эдэрдии хорсун суруйуулара үгүһү эрэннэрэллэр.

Онон хаһыаппыт геройдара миэхэ үгүстүк “үчүгэйдик суруйар кыргыттардаах эбиккин” диэн хайгыылларын үөрэ истэбин.

Хаһыаппытын холку, наҕыл майгылаах Василий Павлов таҥар. Дьоҕус кэлэктииппит итинэн бүттэ. Төһө даҕаны ахсааммыт аҕыйах, хамнаспыт кыра буоллар, суруналыыстарым бэриниилээхтик айа-тута, «саха бэчээтэ быһынна-ойунна», «хаһыаккын сабыллар үһү дуо?», «ааҕааччыны сүтэрдигит» диэн санаа түһүүлээх кэпсэтиилэр тахсар ыарахан кэмнэригэр илиилэрин араарбакка, өйдөрүн-сүрэхтэрин ууран үлэлии сылдьалларын хайгыахха, махтаныахха эрэ наада.

«Эхо столицы» МУП билиҥҥи дириэктэрэ Мария Ивановалыын “Вечерканы” кытта “Орто дойдуну” тэҥҥэ таһаара сылдьыбыппыт, онон бэйэ-бэйэбитин билсэбит. Доруобуйабынан кылаабынай эрэдээктэртэн аккаастана көрбүппэр: “Эн баарыҥ хайаан да наада”, - диэн санаабын көтөхпүтэ. Урукку да, билиҥҥи да буҕаалтырдарбыт эмиэ хаһыат тупсарыгар, тарҕаныытыгар, төһө кыалларынан элбэх ааҕааччыга тиийэригэр ис сүрэхтэриттэн кыһаллаллар.

Дьиҥинэн, бу куорат хаһыата эрэ диир татым. Хаһыат тыа сиригэр, улуустарга сыһыаннаах рубрикалардаах. Өрөспүүбүлүкэ үс гыммыт биирэ Дьокуускайга олорор. Тыа сиригэр олорооччулар үксүлэрэ кэлэ-бара, үөрэнэ-үлэлии, араас дьыаланы туруорса Дьокуускайга сырыттахтара, сылдьыахтара даҕаны. Онон “Киин куоракка” улуустар эмиэ элбэхтик суруйтарыахтарын баҕарабыт. “Киин куорат” хаһыат эрэдээксийэтэ “Ситим” медиагруппатын кытта Арассыыйа национальнай бэчээтин ассоциациятыгар тэрийээччинэн киирбитэ түбэһиэхчэ буолбатах. Үп-харчы көстөрө буоллар, кытыннарбыт, Арассыыйатааҕы куонкурустарга, күрэхтэһиилэргэ, фестивалларга ханнык баҕарар номинацияҕа бирииһи ылыахпыт этэ диэн эрэнэ саныыбыт. Ол кэм кэлиэҕэ.

Бииргэ үлэлээн ааспыт доҕотторбутун эмиэ санаан ааһыаххайыҥ. Түргэн-тарҕан туттуулаах кыыспытын Надежда Громованы, сонунтан сонун идеялардаах Наталья Протопопова-Наталибытын, хас биирдии матырыйаалыгар дууһатын ууран үлэлээбит Вероника Александровабытын куруук суохтуубут.

Билигин пиар, информационнай сэрии үйэтэ. Кыайтарбат кыһалҕа да элбэх. Итини мэр Сардаана Авксентьева үчүгэйдик билэр. Онон хаһыаппытын, сайпытын өйүүр, өйүө диэммит эрэнэбит. Оттон «Киин куорат» ааҕааччыларбыт, эһиги, көмөҕүтүнэн уопсастыба кыһалҕаларын быһаарсар, туһалааҕы оҥорор.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...