Бэйэ изоляциятын уонна тастан үлэ бэрээдэгин быһаардылар
Коронавирус тарҕаныытын уодьуганныыр өрөспүүбүлүкэтээҕи Суһал штаб булгуччулаах бэйэ изоляциятын (самоизоляция) уонна ОРВИ кэмигэр тастан үлэ (удаленнай) бэрээдэгин быһаарда. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ыалдьыы бастакы сибикилэрэ: температура тахсыыта, эт, уҥуох, былчыҥ дьаралыйыыта, төбө, күөмэй ыарыыта, амтаны, сыты билбэт буолуу билиннэҕинэ, хайаан да учаскуобай бырааһы ыҥырар наада. Бырааһы олорор сиргинэн балыыһаҕа эрийэн, эбэтэр, «Облачнай поликлиника», «МедСеть» сыһыарыылар нөҥүө ыҥырыахха сөп.
Быстах кэмҥэ үлэттэн босхолонуу докумуона ыарыһах эрэ аатыгар оҥоһуллар. Ыалдьыбыт киһини кытта олорор дьиэ кэргэн чилиэттэрэ ыарыһах анаалыһын түмүгэ биллиэр диэри бэйэ изоляциятыгар бараллар. Бу дьон үлэлиир тэрилтэлэрин салайааччытыгар ОРВИ-нан ыалдьыбыт киһини кытта алтыспыттарын, самоизоляцияҕа барбыттарын туһунан иһитиннэриэхтээхтэр.
Иһитиннэрии киирбит күнүттэн, тэрилтэ салайааччыта үлэһитин тастан үлэ көрүҥэр көһөрөр эбээһинэстээх. Көһөрүү табыллыбат түгэнигэр, сыллааҕы төлөнөр уоппускаҕа эбэтэр үлэ сокуонугар олоҕуран, икки өттүттэн сөбүлэҥ быһыытынан, төлөммөт уоппускаҕа ыытыахтаах.
Коронавирус анаалыһа бигэргэнэр түгэнигэр, дьиэ кэргэн изоляцията бүтэһик алтыспыт күннэриттэн саҕалаан эбии 14 күн уһатыллар. Коронавирустаабыт киһини кытта алтыспыт дьон быстах кэмҥэ үлэттэн босхолонуу докумуонун (больничный лист) Роспотребнадзор изоляцияҕа барыы туһунан уурааҕа тахсыбыт күнүттэн бэриллэр.
COVID-19 бигэргэммэтэх, ол гынан баран ОРВИ-лаабыт буоллаҕына, дьиэ кэргэн бары чилиэттэригэр самоизоляция эрэһиимэ тохтотуллар.
Ыарыһах дьиэ кэргэнин чилиэнэ үлэҕэ тахсарыгар, тэрилтэтин салайааччытыгар быстах кэмҥэ үлэттэн босхолонуу докумуонун, эбэтэр устудьуон, үөрэнээччи, уһуйаан иитиллээччитэ ыалдьыбытын туһунан ыспыраапканы көрдөрөр.