15.08.2024 | 18:00

Бэйэ дьыалатын саҕалыырга уонна сайыннарарга абыраллаах көмө

Бэйэ дьыалатын саҕалыырга уонна сайыннарарга абыраллаах көмө
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Социальнай хантараак нэһилиэнньэ дьарыктаах, бөҕө туруктаах буоларыгар көмөлөһөр. Ону хайдах түһэрсэр туһунан ааҕааччыларбытыгар Дьокуускай куораттааҕы Социальнай көмүскэл уонна дьарыктаах буолуу управлениетын нэһилиэнньэни кытта аадырыстаах үлэ салаатын кылаабынай исписэлииһэ Сергей Софронов сиһилии кэпсиэҕэ.

Социальнай хантараак диэн тугуй?

Социальнай хантараак – гражданин уонна социальнай көмүскэл уорганын икки ардыларыгар түһэрсиллибит сөбүлэһии. Онно олоҕуран, социальнай көмүскэл уоргана гражданиҥҥа – судаарыстыбаннай социальнай көмөнү оҥорорго, оттон гражданин – социальнай хантараак ирдэбиллэрин толорорго эбээһинэстэнэр, ол иһигэр – социальнай адаптация бырагырааматын эмиэ.

 

Ким ылыан сөбүй? Усулуобуйата хайдаҕый?

Социальнай хантараак орто дохуота Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоммут муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах, кыра дохуоттаах ыалы, соҕотох олорор кыра дохуоттаах гражданины кытта түһэрсиллэр.

Хантараагы түһэрсии усулуобуйата:

— Орто дохуот Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоммут муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах;

— Гражданин Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтооҕо буолуохтаах;

— Бэйэтин туһунан толору уонна эрэллээх информацияны биэриэхтээх;

— Урут түһэрсиллибит социальнай хантараак усулуобуйаларын толоруохтаах.

 

Хантараагы ылыы хаамыыта хайдах барарый?

1. Бастаан ирдэниллэр докумуоннары хомуйаҕыт (пааспар, дохуот, дьиэ кэргэн састаабын туһунан сибидиэнньэлэр уо.д.а.).

2. Пропискалаах эбэтэр олорор сиргитинэн олохтоох дьаһалтаҕа социальнай хантараагы түһэрсэргэ сайабылыанньаны толорон туттараҕыт. Сайаапканы өссө электроннай докумуон быһыытынан СӨ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталын нөҥүө (www.e-yakutia.ru) ыытыахха эбэтэр гражданин бэйэтин аатыттан сайабылыанньатын элбэх өҥөнү оҥорор киин (МФЦ) нөҥүө биэриэн сөп.

3. Олох усулуобуйатын сыаналааһын уонна олох-дьаһах усулуобуйаларын аактата оҥоһуллар.

4. Урбаанньыт буоларга төһө сатабыллааххытын быһаарар тургутууну ааһаҕыт.

5. Хамыыһыйа үлэтэ. Сайабылыанньаҕыт көрүллэрин уонна биэрбит иһитиннэриигитин анал хамыыһыйа бэрэбиэркэлиирин кэтэһиҥ.

6. Хантараагы түһэрсии. Сайабылыанньаҕыт бигэргэтиллибит буоллаҕына, социальнай көмүскэл уорганнарын кытта социальнай хантараагы түһэрсиҥ.

7. Хантараак усулуобуйаларын толоруу. Эбэһээтэлистибэлэри толороргут туһунан отчуоттуургутун умнумаҥ.

8. Көмөнү ылыы. Социальнай дуогабарга көрүллүбүт көмөнү ылан, ону сөптөөхтүк туһаныҥ.

 

 

ИП эбэтэр кэтэх хаһаайыстыбалаахтар төһө харчыны ылыахтарын сөбүй? Ону кэлин төнүннэриэхтээхтэр дуо?

2024 сылга ИП быһыытынан бэйэ дьыалатын олоххо киллэриигэ уонна кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга социальнай хантараакка олоҕурбут судаарыстыбаннай социальнай көмө кээмэйэ 500 тыһыынча солкуобайга диэри буолар. Социальнай хантараак быһыытынан ылыллыбыт үбү-харчыны, усулуобуйаны барытын толорор буоллаххытына, төнүннэрэргит ирдэммэт.

 

Сайабылыанньа биэрээччигэ тоҕо аккаастыахтарын сөбүй?

- Дьиэ кэргэн (соҕотох олорор гражданин) биир киһиэхэ тиксэр орто дохуота муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйин таһымын куоһарар буоллаҕына;

— Ханнык эрэ докумуона суох эбэтэр тиийбэт;

— Сыыһа иһитиннэрии: ситэтэ суох эбэтэр сыыһа иһитиннэриини биэрии;

— Сайабылыанньаны биэрээччи Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олорбот;

— Сайабылыанньаны биэрээччи (кини дьиэ кэргэнин чилиэнэ) атын, номнуо түһэрсиллибит социальнай хантараактаах;

— Сайабылыанньаны биэрээччи урукку хантараактар усулуобуйаларын толорботох;

— Эбэһээтэлистибэлэртэн аккаастаныы: сайабылыанньаны биэрээччи социальнай хантараакка ыйыллыбыт эбэһээтэлистибэлэри толорортон аккаастанар буоллаҕына;

— Урукку көмөнү сөбө суох туһаныы: бу иннинэ көрүллүбүт социальнай көмөнү сөбө суохха туһаммыт буоллаҕына.

 

 

Социальнай хантараагы түһэрсэр киһи көмөнү хайдах ылыахтааҕый уонна социальнай көмүскэл уоргана кини ороскуотун хайдах хонтуруоллууруй?

Үп-харчы сайабылыанньаҕа ыйыллыбыт тус счекка түһэр. Ол кэннэ социальнай көмүскэл уоргана гражданин хантараакка ыйыллыбыт эбэһээтэлистибэлэрин толорорун, ону тэҥэ үп-харчы туһааннаахха туттулларын ый аайы хонтуруоллуоҕа. Өскөтүн гражданин эбэһээтэлистибэлэрин толорботох буоллаҕына, харчыны төннөрөр миэрэлэр ылыллыахтара.

 

Социальнай хантараагы түһэрсибит гражданин тугу гынара бобулларый?

Социальнай хантараак усулуобуйалара уонна кэккэ хааччахтааһыннара булгуччу тутуһуллуохтаах. Сүрүннээн бобуллар:

— Үбү-харчыны сөбө суох туһаныы;

— Хантараак усулуобуйатын тутуспат буолуу;

— Чахчыта биллибэт отчуот;

— Эбэһээтэлистибэлэри аахайбат буолуу;

— Ылбыт көмөнү атыылааһын эбэтэр атын киһиэхэ биэрии;

— Социальнай көмүскэл уорганнарын кытта сибээһи туппат;

— Бырагыраамаҕа кыттыыны биллэрбэккэ эрэ тохтотуу;

 

Өскөтүн урукку биисинэс сабыллыбыт буоллаҕына, социальнай хантараакка хаттаан сайабылыанньа биэриэххэ сөп дуо?

Эрдэ түһэрсиллибит социальнай хантараак болдьоҕо бүппүт күнүттэн 12 ый ааспытын кэннэ, гражданин хаттаан (иккиттэн элбэҕэ суох) сайабылыанньа туттарыан сөп.

 

Быйыл Дьокуускай хас олохтооҕо социальнай хантараагы түһэристэ уонна чуолаан ханнык хайысхаларга?

Дьокуускайга барыта 900-тэн тахса хантараак түһэрсиллибитэ. Үксүн бэйэ дьыалатын (ИП) арыныыга, кэтэх хаһаайыстыбаны тэринэргэ уонна олох ыарахаттарын туоруурга анаммыт тэрээһиннэр. ИП үксэ оҥорон таһаарыы салаатыгар сайаапка биэрэр.

 

Үксүн төһө суумалаах үп бэриллэрий?

Хас биирдии гражданиҥҥа бэриллэр харчы кээмэйэ тус-туспа буолар. Ол ИП уонна кэтэх хаһаайыстыбаны тэрийии көрүҥүттэн тутулуктаах. Көмө кээмэйэ 500 000 солкуобайга диэри буолуон сөп.

 

Радислав Попов, урбаанньыт:

— Мин мас таҥастыыр фрезернэй ЧПУ станокка араас оҥоһуктары оҥоробун. Билигин улахан ситиһиилээхпин диэбэппин, өссө да үөрэнэ сылдьабын. Ол эрээри кыралаан дохуот киирэр. Эрдэ куйаар ситимигэр дьон мастан араас оҥоһуктары оҥороллорун көрөөччүбүн уонна бэйэм холонуохпун баҕарбытым.

Онтон атыыга баар станоктар сыаналарын үөрэппитим. Боростуойу, чэпчэкини ылыахпын баҕара сылдьыбытым. Ол кэмҥэ тэлэбиисэргэ соцхантараак туһунан кэпсииллэрин сэҥээрэ көрбүтүм. Төлөпүөнүнэн эрийэн ыйыталаспытым, усулуобуйатыгар хапсар курдук этим, ол иһин былырыын саас куонкуруска кыттарга быһаарыммытым. Соцхантараак ыларга улахан ыарахаттары көрсүбэтэҕим. Наадалаах докумуоннарбын түргэнник хомуйбутум. Арай биисинэс-былааны суруйар кыра уустуктардаах этэ. Ол эрээри киһи түргэнник быһаарсар эбит.

⁠Соцхантараак баттаһан баран, фрезернэй ЧПУ станогу Краснодар куораттан сакаастаабытым. Ону таһынан маска наадалаах кыра үнүстүрүмүөннэри атыыласпытым. Бастаан тиит, бэс мастарынан үлэлээбитим, кэнники дууп, бук мастарга көспүтүм. Билигин үксүн ас кырбыыр дуоскалары оҥоробун.

⁠Социальнай хантараак киһи сөбүлүүр дьыалатын саҕалыырыгар эбэтэр сайыннарарыгар улахан көмө буолар эбит. Мин билигин интэриэһиргиир, сөбүлүүр дьыалалаахпын, инники былааным элбэх. Куттаммакка, куонкуруска кыттан, хантараак түһэрсэн, баҕарар дьыалаҕытын саҕалааҥ.

 

Сергей Семенов, “Dobun Knives” төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ:

— Мин саха быһаҕын оҥоруутунан дьарыктанабын. Соҕотох буолбатахпын, атын “самозанятай” уус уолаттары кытта төрдүөн мастарыскыай арынан, Арассыыйа үрдүнэн үлэлии сылдьабыт. Кинилэри кытта 2020 сыллаахха билсибитим. Интэриниэт ситимигэр былыргылыы истииллээх быһахтары оҥороллорун сөбүлүү көрөн, бэйэм эргэ саха быһахпын көрдөрө тиийбитим. Салгыы кэпсэтэн, бииргэ уһаныахха диэн баччааҥҥа диэри үлэлии сылдьабыт. 

Социальнай хантараак туһунан балтым кэпсээбитэ, онтон Октябрьскай уокурук управатыгар баран, туох наадатын сиһилии ыйыталаһан билбитим. Үлэтэ суох дьон бөлөхтөрүгэр киирбитим, онон көмөнү түргэнник оҥоруохтара диэбиттэрэ. Онтон дьиэбин-уоппун кэлэн көрбүттэрэ. Биисинэс-былаан оҥорон, “Мой бизнес” кииҥҥэ ыыппытым, ону кинилэр тупсаран, сааһылаан биэрбиттэрэ. Былааммын көмүскээн, хантараак түһэрсибитим, 350 тыһ. солк. ылбытым. Ол харчыга туттар тэриллэрбитин атыыласпыппыт: муфельнай оһох, гаас кыһа, ленточнай эрбии, профессиональнай пылесос, чочуйар төгүрүк.

Социальнай хантараак, биллэн турар, көмө, ол гынан баран кээмэйэ кыра эбит. Ханнык дьыаланы арыйаргыттан тутулуктаах. Холобур, дьиэлэриттэн иистэнэр дьоҥҥо быдан барсар быһыылаах. Эбэтэр эрдэттэн харчы мунньуннахха, эбии көмө курдук буолуон сөп. ИП тэринэн баран нолуоккун, усунуоскун түргэнник төлүөххүн наада. Үлэҕин сыл аҥаарын иһигэр тэрийэр олус уустук.

Соцхантараак түһэрсэр туһунан толкуйдуур буоллаххытына, биисинэс-былааҥҥытын үчүгэйдик оҥостуҥ диэн сүбэлиэм этэ. Туох барыта, ордук сыана уларыйа турар, онон түргэн соҕустук хамсаныаххытын, былааҥҥытын көннөрө охсон көмүскүөххүтүн наада.

 

Хаартыскалар: Дьокуускай куорат социальнай көмүскэл уонна дьарыктаах буолуутун управлениета; Сергей Семенов, Радислав Попов тус архыыптарыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...