07.02.2021 | 17:38

Бэйэ бородууксуйатын хаҥатар кыахтаахпыт дуо?

Бэйэ бородууксуйатын хаҥатар кыахтаахпыт дуо?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат дьоно уһун кыһын устата таас дьиэҕэ хааллан, сорохтор кып-кыараҕаска симиллэн олоробут. Сайыммыт барахсан үтүөтэ, эчи, кылгаһыын... Уһаайбалаах ыаллар оҕуруот аһын хото олордоллор. Оттон  үлэҕэ умса түспүт дьон онно санамматтар даҕаны.

Биир үтүө күн таас дьиэ усулуобуйатыгар олордуллар күөх үүнээйилэри атыылаан саҕалаабыттарын сэргии иһиттим. Таһырдьа тымныы турдаҕына руккола, сүбүөкүлэ, горох, о.д.а. сэдэх оту-маһы үүннэрэллэрин көрөммүн олус ымсыырдым. Маннык бизнес биһиэхэ суох буолара. Эко-бородууксуйаны тарҕатан саҕалаабыт Мария Мигалкинаны кытта кэпсэттим.

Мария Семеновна, дорообо! Чэ, уһата-кэҥэтэ барбакка, кэпсэтиигэ киириэх.

— Таптаан ааҕар «Киин куорат» хаһыатым ааҕааччыларыгар дорообо буолуохтун. Мин 64 саастаахпын, Уус Алдан Кэптэнитигэр олоробун, кыһынын куоракка кыстыыбын. 1982 с. Приморскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын  институтун бүтэриэхпиттэн 35 сыл агрономнаабытым. Улууска «Семенной инспекция” диэн тэрилтэҕэ үлэлээбитим.

Хаһааҥҥыттан бу дьыалаҕын тэринниҥ?

— Олорор олоҕум тухары олордуунан дьарыктанан кэллим. Сайынын оҕуруот аһын эгэлгэтин олордобун. Ааспыт сыл алтынньытыгар күөх үүнээйилэри атыылаан боруобалыахха баар эбит диэн бизнес-идиэйэ көтөн түспүтэ. Уонна оттон биэнсийэлээх киһи таас дьиэҕэ хаайтаран олороммун ылбыт уоппуппун саҥа кэрдиискэ, атын таһымҥа таһаараары уонна саамай сүрүнэ дьарыктаах, кыра да буоллар биэнсийэҕэ эбинээри тэринним. Онтон-мантан кэлбит  аспыт оннугар, бэйэ илиитинэн тутан-хабан үүннэрбит бородууксуйабыт туох куһаҕаннаах буолуой.

Сиэмэлэргин хантан атыылаһаҕын?

— Агроном буоламмын оту-маһы, сэлиэһи, эбиэһи сиирбин сөбүлүүбүн. Дьоппуон омук аһа диэн ааттыыбын (күлэр).

Эбиэс уонна сэлиэһинэй сиэмэтин улуус хаһаайыстыбаларыттан атыылаһабын. Бу диэн эттэххэ, бэйэбит сиэмэбит быдан ордук уонна хаачыстыбалаах. Эриэккэс күөхтэрбин соҕурууттан аҕалтарабын.

Дьэ, аны хайдах көрөбүт-харайабыт?

— Манна ханнык даҕаны уоҕурдуу, өҥсүтүү туттуллубат. Уу эрэ кутаҕын.  Анал ууну тутар, түһэрбэт “ковриктарга” олордоҕут.

Хас күнүнэн аһын биэрэрий?

— Аныгы тутуулаах куорат дьиэлэригэр сүрдээх табыгастаах дии саныыбын. Үүнэрэ түргэн, 5-7 хонугунан быһан сиигит. Кутар уугут оруобуна сөп буолар. Билигин күн уһаата, онон сырдыкка өссө үчүгэйдик үүнэр.

Гидропоника диэнинэн урут сүрдээҕин үлүһүйэ сылдьыбыппыт...

— Гидропоника – үүнээйини буортута суох үүннэрии ньымата, онуоха кини чуолкай пропорцияларга тустаах веществоларын ылынар. Гидропоника диэн  уу буолар. Аҥаардас ууга эрэ үүнэр, буордаммат.

Набор иһигэр туох киирэрий?

— Контейнер, коврик, стикер, пульверизаторыгар тиийэ баар буолар. Ыллыҥ даҕаны ону-маны көрдүү барбат гына оҥоһуллан кэлэр.

Бизнес аата бизнес буоллаҕа, ордук кимнээх ылалларый?

— Куорат дьоно сүрдээҕин ыллылар, тыалар соччо-бачча ыла иликтэр, ситэ өйдүү иликтэр быһыылаах. Мин саамай сөхпүтүм диэн, эдэр дьон сүрдээҕин  интэриэһиргииллэр эбит. Биир балтым ас атыылыыр тэрилтэлээх, үүннэрбит набордарбын атыылаһан ылан кырыйан үүннэрэр.

Бэйэҥ тугу ордук сөбүлээн сиигин?

— Подсолнух ыһыытын наһаа сөбүлүүбүн. Минньигэс уонна олус үчүгэйдик үүнэр, амтана да үчүгэй. Ону таһынан сэлиэһинэйи силистэри, сиэмэлэри, күөх маассалары баҕастыы сиибин.

Хабархай амтаннаахтарга ханныктары ааттыыгын?

— Сахалар аһыы аһылыгы аһыы үөрэммэтэх дьоммут. Эриэппэ, редька, дайкон арыый да аһыылар. Ол иһин кинилэр оннуларыгар редис олордо сатыыбын, син биир аһыыны ордорбот эбиппит. Оттон хартыыһаны киһи аска эрэ кутар, аҥаардастыы кыайан сиэбэппит. Ол оннугар руккола сиэххэ сөп.

Укуруоп, петрушка туһунан тугу этэҕин?

— Укуруоп тахсааһына уһун буолар, сэттэ хонугунан кини кыайан сиппэт. Түннүккэ олордон сиэхпит диир буоллаххытына, буордаан үүннэриэххэ сөп бөҕө буоллаҕа дии.

Бу бизнеһи төһө барыстаах дии санаатыҥ?

— Саҥа саҕаланан эрэр бизнес. Арыый эдэрим эбитэ буоллар өссө кэҥэтэн үлэлиэм этэ. Эдэрдэр ылсаннар үлэлииллэригэр табыгастаах бизнес диэн бэлиэтиибин.

Тыйыс сиргэ битэмиин хаһан даҕаны тиийбэт, күөх диэн күөх буоллаҕа. Биир эмэ дьаныардаах эдэр киһи үлэлэтэн арыйаары гыннаҕына ыйан-кэрдэн биэриэм этэ.

Мария Семеновна, дьоһуннаах кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Ылсыбыт дьыалаҥ ситиһиилээх буоллун.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...