03.11.2020 | 20:18

БЭЙЭ БЭЙЭБИТИН ХАРЫСТАҺЫАХХА ДУУ...

БЭЙЭ БЭЙЭБИТИН ХАРЫСТАҺЫАХХА ДУУ...
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьэ, сайдар кэскиллээх олоххо киирдибит диэн санана сылдьыбыппыт баара, олохпут барыта сабыылаах ааннаах хотоҥҥо майгылаата. Хоруоналаах вирус кэлэн, киэптээн аҕай аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаата, бары да сирэйбит тэҥнэстэ эрээри, сиэр-майгы сатараабыта, алдьаммыта өссө ырылыччы көһүннэ.  Киһи да хомойор. Тоҕус төгүл тоҕо диэбит курдук буоллубут.

Олохпут аҥаар аргыһа буолбут хоруоналаах вируспут өтөрүнэн сүтэр-симэлийэр чинчитэ суох курдук. Мантан инньэ бу ыарыыны кытта аргыстаһа сылдьабыт, оҥоһуллубут вакциналар киһи аайы барсыбаттар, кинилэр дьоҥҥо чахчы туһалыылларын уһун сыллар дакаастыахтаахтар.

Аны туран дьон ыалдьыбыттарын туһунан кистиир буоллулар. “Аньыы даҕаны” диэх курдук. Соторутааҕыта биир дьүөгэбит бөлөххө суруйан, ыарыыта хайдах саҕаламмытын, бырааһы ыҥырбытын барытын сиһилии суруйар. Уонна: “Аата, сифилис буоллаҕай, дьонум мээнэ кэпсии сылдьыма дииллэр”, – диэн сонньуйар. Биир биллэр форумҥа маҕаһыын атыыһыта сөтөллө-сөтөллө нэһиилэ атаҕар үлэлии турарын ырыппыттар этэ. Эчи, киһи сөтөллүөн да куттанар, кыбыстар буолла. Ааспыт нүөмэргэ биһиги хаһыаппытыгар оптуобуска сөтөлтөн сылтаан этиһии тахсыбытын суруйан турардаахпыт. Сөтөллөр дьахтар барахсан “астмалаахпын ээ”, диэбитин, анараа дьахтар “оччоҕо дьиэҕэр олоруоххун, тоҕо куораты кэрийэ, дьону сутуйа сылдьаҕын?” диэн айаҕа кытаран олорор үһү.

Бу күннэргэ улуустан эдьиийим наадаларыгар кэлээри гыммытын бука бары бобон кэбистибит. Кини 30-тан тахса сыл астмалаах, сөтөллөр, бопторор, куруук хахсыйа сылдьар. Дьэ, тутан сиир буоллахтара. Биир бэйэм оҕо эрдэхпиттэн күөмэйим куһаҕан, саас-күһүн “обструктивный бронхит” буолан сөтөллөбүн. Ол ыарыым эрэ киирбэтэр диэн таҥараттан көрдөһө сылдьабын. Хайа, оттон наадабар, үлэбэр оптуобуһунан эрэ айанныыр буоллаҕым. Онно хахсыйдахпына, бука, “бэркин ээ” диэбэттэрэ буолуо, үөхпэтэхтэринэ баһыыба.

Онон дьон бу ыарыыттан чахчы куттанар буолбуттара оруннаах. Ыарыы ытарчалыы ыллаҕына олохтон да матыаххын сөп. Бэйэ бэйэбитигэр харыстабыллаах сыһыан сүтэн эрэр, сиэр-майгы сатарыйда. Ыалга барыаххын, дьоҥҥор күүлэйдиэххин барыта кыбыстыылаах курдук. Арай, эн кэлэн барбытыҥ кэннэ ыарыйдыннар, төһөлөөх суобаһыҥ оонньуура буолуой.

Сорохтор Сахабыт сирин кыһына, тымныыта абырыа, вируһу өлөрүө диэн оҕолуу баҕарабыт. Урут көннөрү кириип тымныыга тарҕанара аччыыр, сүтэр диэн баара да, медиктэр онтон тутулуга суох дииллэр. Оттон бу кутталлаах вируспут тымныыга да тулуктаһар быһыылаах. Саамай харыстанар ньымабыт мааска, бэрчээкки кэтиитэ, антисептик укта сылдьан ыстарыныы уонна ханна да быкпакка, туораттан кими да киллэрбэккэ дьиэҕэ хааллан олоруу.

Ити курдук, бу бүтэн биэрбэт тиэмэбитин эмиэ ырытан баран ааҕааччыларга дьон санаатын, кыһыытын-абатын суруйбутун тиэрдиэхпин баҕарабын.

***

“Соторутааҕыта дьүөгэм барахсан айманар. Дабылыанньата тахсан баран түспэккэ, тапталлаах поликлиникатыгар көрдөрүнэ диэн нэһиилэ тиийээхтээбитэ, киһи лыык курдук, ханан уочарат да баара биллибэт эбит. Күн аҥаара уочараттаан олоро сатаан баран, ыксаан түннүккэ олорор кыыстан ыйыппыт: “Бу уочаратым тоҕо кэлбэт?”, – диэн, онуоха кыыс туоххут ыарыйда диэбит, дабылыанньам тахсан баран, түспэккэ моһуоктаата диэбит. Онуоха: “Ол аайы кэлэн иһэҕит, оннугу быраас көрбөт, ковидтаабыттары эрэ көрөр. Дьиэлээ”, – диэбит. Ол тугуй диэн сураһа сатаабытын киһилии быһаарыы суох үһү. Уочаратыгар, бырааһыгар кыайан киирбэтэх. Дьэ, тоҕо киһилии быһаарбата, туохха кыыһырда?

Аны биир ыраах олорор дьүөгэм ыарыйда, ковидтаата. Уонна маннык сэһэргиир: “Арай үлэбэр бараары гыммытым, сэниэм отой суох эбит, кыайан барбаппын диэн үлэбэр биллэрдим уонна суһал көмөҕө эрийдим. Онтум икки күн кэтэһиннэрэн үһүс күнүгэр кэлбитигэр махтал. Мин тирээпкэ курдук сытабын. Чааскыны да кыайар кыах суох. Арай, үрүҥ комбинезоннаах дьон, бытаан- бытааннык хааман, ааммын аһан киирэн кэллилэр, түһүүбүн дии санаатым, онтукам баара температурам тахсан, түүл-бит курдук сытабын. Быһаарыстым дуу, суох дуу, арай саҥалара ыраахтан кэлэр курдук. Оннук нэдиэлэ сытан баран хата өрүтүннүм. Бастакы анаалыспын ылбыттара үчүгэй, иккис анаалыс ыллылар уонна сүтэн хааллылар, кэтээ – мэлигир, кэтэс – мэлигир. Онтон кэмниэ кэнэҕэс эмиэ үчүгэй диэн үөртүлэр, онтон үһүс анаалыс ыла кэлэллэрин кэтэһэ таарыйа, арыый буолбут киһи бөхпүн тоҕо таһырдьа таҕыстым, дэриэбинэ уопсайа буолан, аалсыһар киһи да суох, дьөрү ыт да көстүбэт. Дьэ, хата аргыый салгын сиэм дии-диибин, кураанах биэдэрэбин тутан дьиэм диэки хааман истим, арай “скорай” кэлэн тохтоото, дьэ уонна онтон сүрдээх хаһыы иһиллэр: “Бу иһэр дии, ханна сырыттыҥ, арааһа, ыалтан иһэр, кимнээххэ сырыттыҥ?”, – дии-дии күргүй-көбүө куоластаах дьахтар үрдүбэр түстэ. Мин соһуйан хааллым, онтон нэһиилэ өй ылан, бээ, оттон биэдэрэбин тоҕон иһэбин диэн нэһиилэ быһаардым. Ол тухары анаалыс ылааччым мөҕүттэр да мөҕүттэр, устунан үөхсэн бараары гынна. Мин ыксаан бэйэбин көмүскэнэн бардым: “Бээрэ, аматын да иһин, наһаа алыстаары гынныгыт. Мин билиҥҥитэ анаалыстарым этэҥҥэлэр, тоҕо туох эрэ “прокажённайы” кытта кэпсэтэр курдук мөҕүттэҕит?” – диэн арыый уоскуттум. Анаалыс ылла дуу, ылбата дуу, умайыктанан олорор. Барбыттарын кэннэ арыый өйбүн-төйбүн булан санаан көрдөхпүнэ, хайдах эрэ аан дойдуну мин сутуйбуппун дуу диэх айылаах мөхтүлэр дии диэн хомойо санаатым. Олус да итинник буолбатар, хас биирдии ыарыһахха арыый киһилии сыһыаннаһыах баара, араас кырдьаҕастар ыалдьаллара буолуо ээ, эдэр да, эмэн да, баай да, дьадьаҥы да. Оо, дьэ, киһи да хараастар. Ама, бу ыарыы киһини сиэр-майгы өрүтүн алдьатар буоллаҕа дуу, тоҕо?”

***

“Күнтэн күн тупсан истибит. Иһиттэхпит аайы оччо-бачча киһи ыарыйда диэн буолар. Кырдьыга эрэ, сымыйата эрэ, биһиги билбэппит. Ол эрээри араас сонуннар ютубка устан аҕай ааһаахтыыллар. Биллэр артыыстар, биллэр дьон ыалдьыбыттар диэн. Бастакы долгунугар дьэ, бары дьиэҕэ олороҕут, хата бу ыарыы дьиэ кэргэни түмсэргэ көҕүлээтэ диэн үөрбүт дьон санаата эмиэ иһилиннэ.

Дьэ, арай биирдэ кэккэ наадаларбар куоракка киирдим. Кыыспар сибиэһэй бурдук аһа ылаарыбын чугастыы маҕаһыыҥҥа тиийдим. Киирбитим мин, биир атыылаһааччы уонна атыыһыт баарбыт. Сотору атыыһыты кытта иккиэн хааллыбыт, мин аспын булан, ити аһы аҕал эрэ диэтим. Онуоха мааската суох биэрбэппин диэтэ. “Бай, мин ыалдьыбатах киһибин, тоҕо кэтэбин?” – диэтим. Биһиэхэ ыйаах баар диир. Мин өсөһөн турдум. Көрдөр ол ыйааххын, киһини күүс өттүнэн модьуйан, мааска кэтэрдэ сатыыр ыйаах баар буолбутун билбэтим диэн аахса турдум. Манна уонна 50 киһи суох диэтим. Атыыһытым биири кэлиилии кэбэ турар. Дьэ, бу туох үлүгэрэй? Дьону акаары оҥоруу дуу, тугуй? Киһи оттон сэрэнэр буоллаҕына, элбэх киһилээх сиргэ бэйэтэ толкуйдаан кэтиэ эбээт, итиннэ модьуйан, манна модьуйан, аны ыстарааптыахпыт диэн куттаан кэтэрдии бу сиэргэ баппат быһыы дии саныыбын. Киһитэ элбэх буоллаҕына кэтиэххэ сөп ээ. Аны таһырдьа салгыҥҥа эмиэ кэтиҥ дииллэр, мин хаһан оччоҕуна көҥүллүк тыынабын. Биир дьүөгэм биирдэ мааскатын кэппитинэн утуйан турбут этэ. “Оннук турукка киирдим дуу”, – диэн кэпсээбитин соһуйбутум. Киһи кырдьык, туохха барытыгар үөрэнэ охсор харамай, ол эрээри наһаа сиэри таһынан тоҕо барыахха нааданый? Дьон ама, үрүҥү-хараны кыайан быһаарбат буолбут курдук. Итини гын, маны гын диэн этиинэн аны дьаһанан олоробут дуо? Тоҕо дьон аһары, сиэри таһынан ис киирбэх барытыгар сөбүлэһэ олорон, бэйэтин быраабын билбэт да, көмүскэммэт да турукка киирдэ”.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Сонуннар | 08.09.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Понедельник, 9 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Проавто 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+...