28.08.2024 | 15:35

90% дьиэҕэ гааһы биэрии сөргүтүлүннэ

90% дьиэҕэ гааһы биэрии сөргүтүлүннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохтоох дьаһалта ОДьКХ уонна энергетикаҕа департамена иһитиннэрбитинэн, атырдьах ыйын 27 күнүнээҕи туругунан 182 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ гааһы биэрии сөргүтүлүннэ. Онуоха дьиэ уонна кыбартыыра иһинээҕи гаас оборудованиелара анал диагностиканы ааһаллар, өрөмүөн уонна тэхиньиичэскэй көрүү-истии үлэтэ ыытыллар.   

Санатан эттэххэ, быйыл дьиэ уонна кыбартыыра иһинээҕи гаас оборудованиеларынан (ВДГО уонна ВКГО) туттуу болдьоҕо бүппүт 202 элбэх кыбартыыраҕа гаас араарыллыбыта.

«Бу боппуруос куруук хонтуруолланар, Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэлиир департамена, ОДьКХ уонна энергетика департамена, Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа, «Сахатранснефтегаз» АУо уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара кыттыылаах мунньахтар ыытыллаллар. Маны сэргэ нэдиэлэҕэ хаста даҕаны кыһалҕалаах дьиэлэргэ көһө сылдьар мунньахтар тэриллэллэр», – диэн бэлиэтииллэр ОДьКХ уонна энергетика департаменыгар.

Хаалбыт 20 элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн 13-гэр дьиэ уонна кыбартыыра иһинээҕи гаас оборудованиетын тэхиньиичэскэй диагностикатын оҥорорго дуогабар түһэрсиллибит, 6 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ – аккаас, 1 дьиэҕэ дуогабар түһэрсии оҥоһуллар.

Маны таһынан гаас араарыллыахтаах аадырыстарыгар, ол эбэтэр  213 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ дуогабары түһэрсиигэ тэрээһиннэр тэҥҥэ ыытыллаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....