23.10.2020 | 10:48

БЭЙДИЭ СЫЛДЬАР ЫТТАРЫ АНЫ ӨЛӨРБӨТТӨР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу сыл атырдьах ыйыттан Хаһаайына суох кыыллары быстах кэмҥэ көрөр-истэр пуун “Помоги выжить” коммерческайа суох тэрилтэҕэ бэриллибитэ. Билигин манна 300-тэн тахса куоска уонна ыт көрүүгэ-истиигэ киирэн олорор.

Норуокка биллэринэн бэйдиэ сылдьар кыыллары көрөр-истэр приют билигин “пуун” диэн ааттаммыта, быйылгыттан Арассыыйаҕа кыылга-сүөлгэ эппиэтинэстээх сыһыаны өссө кытаанахтык ирдиир, икки атахтаах түөрт атахтааҕы кытта сыһыанын атын таһымҥа таһаарар саҥа сокуон ирдэбилигэр олоҕурар.

Саҥа сокуон этэринэн, бырах сылдьар ыттары өлөрүү бобулунна. Дьон олоҕор сэрэхтээх, кутталынан суоһуур кырыктаах ыттары тыыннаахтарын тухары тутар, көрөр-харайар приюттар тэриллиэхтээхтэр. Биһиги куораппытыгар “быстах болдьоххо бэйдиэ сылдьар кыыллары тутар пуун” диэн тэрилтэ баар буолла.

Быстах болдьоххо бэйдиэ сылдьар кыыллары тутар пууҥҥа билигин 30-ча ыт үйэтин тухары олорор дьылҕаланна. Көҥүлгэ ыытар табыллыбат – ыарыһахтар эбэтэр үксүн дьоҥҥо кырыктаах кыыллар.

ПРИЮТ “ПОМОГИ ВЫЖИТЬ” ТЭРИЛТЭҔЭ БЭРИЛИННЭ

Бу иннинэ бэйдиэ сылдьар кыыллары тутуунан “Жилкомсервис” дьарыктаммыт эбит буоллаҕына, атырдьах ыйыттан бырах барбыт кыыллары тутуунан пуун, о.э. “Помоги выжить” коммерческайа суох тэрилтэ бэйэтэ дьарыктанар.

Екатерина Безрученко – “Помоги выжить” коммерческайа суох тэрилтэ салайааччыта:

Бу кэнники социальнай ситимнэргэ, мессенджердэргэ үөрүнэн сылдьар, дьоҥҥо ырдьыгыныыр ыттары видеоҕа устан тарҕаталлара элбээтэ. Дьон видеону интэриниэккэ угарыгар куорат оройуонун, аадырыстарын чопчу ыйбыт буолаллар. Биһиги үлэһиттэрбит бу аадырыстарга баран ыттары тутан аҕалаллар. Холобур, ДСК Воинскай уулуссатыттан соторутааҕыта биир үөртэн 5 ыты тутан аҕалбыттара, ол сиргэ өссө да барыахтара.

Аны туран бу тутуллубут ыттары 30-ча хонугунан төттөрү туппут сирбитигэр ыытабыт. Сокуон оннугу ирдиир. Саҥа сокуоҥҥа олоҕуран урукку приюттар кыыллары быстах кэмҥэ тутар пууннар буолбуттара, ол аата биһиги ыттары тутабыт, стерилизациялыыбыт (ол аата төрөөбөт-ууһаабат оҥоробут, быһыылары туруорабыт (вакцинация) уонна көҥүлгэ ыытабыт.

Бу ыттары ДСК-ҕа төттөрү ыыттахпытына, федеральнай сокуон хайдах үлэлиирин дьон бэйэтэ сыаналыа дии саныыбын.

Саҥа сокуону мин сөбүлээбэппин, өйөөбөппүн. Ыттар төрөөбөт-ууһаабат гына стерилизацияланан, араас ыарыылартан прививкаланан  баран ыытыллаллар эрээри, бырах сылдьар ыт аата син биир ыт. Билигин кыыдааннаах кыһыммыт тиийэн кэлиэ, бөх баахтарын үксүн хаппахтыахтара, оттон аччыктаабыт кыыллар улам кыдьыгыран барыахтара.

Биһиги пууммутугар аһатар, эмтиир, көрөр-истэр буоламмыт ыттар сымныыллар, онтон эмиэ уулуссаҕа тахсан дьиикэй олохтон  кырыктыйан тураллар. Биир нэдиэлэ аччыктаата да, ыт дьоҥҥо адьырҕа буола түһүөн сөп.

Босхо ыытыллыбыт, биһиэхэ бэлиэлэммит ыттарга үҥсүүлэр киирэр буолан эрэллэр. Ыт стерилизацияланнаҕына даҕаны хараактыра сымнаабат. Биһиэхэ киирэн тахсыбыт, бэлиэтэммит ыттар кулгаахтарыгар “ытарҕалаахтар”.  Пуунтан тахсыбыт чугаһыгар ыт тот буолан дьоҥҥо сыһыана сымнаҕас, аччыктаата да тыыннаах хаалар туһугар аһыытын көрдөрөн барыа. Онон төттөрү босхо ыытан кэбиһии бэйдиэ сылдьар кыыллартан кутталы намыраппат, кыһалҕаны быһаарбат дьаһал дии саныыбын.

Куорат олохтоохторугар ыттаргытын стерилизациялааҥ диэн сүбэлиэм этэ. Ыт хонтуруола суох төрөөһүнэ баар буолан бэйдиэ сылдьар кыыл ахсаана хаҥыы турар. Биир приют дуу, быстах кэмҥэ тутан баран босхо ыытар пуун дуу бу сытыы кыһалҕаны быһаарар кыаҕа суох. Дьон даачаҕа сайылыыр кэмнэригэр эрэ ылан баран күһүн сир халлаан икки ардыгар хаалларан кэбиһэр кыыллара наһаа элбэх. Ол иһин манна стерилизация элбэҕи быһаарар кыахтаах.

КҮҤҤЭ 100-ТЭН ТАХСА САЙААПКА КИИРЭР

Пууҥҥа күҥҥэ 100-тэн тахса сайаапка киирэр буолбут. Манна сытар кыыллары (үксэ  ыт, куоската аҕыйах) сарсыарда 9 чаастан саҕалаан 11 чааска диэри аһаталлар. Хас биирдии ыкка бэйэтин иһитигэр хааһы кутан биэрэллэр. Үксүн геркулес аһылыктаахтар. Хааһыларын хайаан да арыылыыллар. Онно эбии сибиинньэ этин тириитин, халбаһы эбиэхтэрин сөп. Ыттар аһылыктара барыта болдьоҕо ааспатах буолуохтаах.

Ас тобоҕун, уҥуоҕу сиэппэттэр. Истэрэ ыалдьыан сөп. Аһылыктара сатамматаҕына ыттар ыалдьан хааллахтарына бэйэбит эмтиэх тустаахпыт диэн Пууҥҥа кэпсииллэр. Ол иһин астарын улаханнык онон-манан булкуйбакка, хааһы арааһын биэрэ сатыыллар. Аһылыгынан волонтердар, бөдөҥ атыы-эргиэн маҕаһыыннарын ситимнэрэ, маҕаһыыннар хааччыйаллар. Бэлэм хотуобай аһылыктары буспут хааһыга булкуйан биэрэллэр.

ЫТТАРГА СЫЛААС УЙА НААДА

Пуун салайааччыта Екатерина Безрученко этэринэн, ыттар аһылыктара билигин тиийэр, быстара иликтэр. Саамай улахан көмө кыстыкка бэлэмнэниигэ наада буолбут. Ол курдук, түөрт атахтаах доҕотторбутугар кыһыны туоруур ичигэс буудкалар наадалар. Урукку сылларга оскуолалар үлэ уруогар ыт уйаларын оҥорон көмөлөһөр этилэр, билигин оҕо үксэ онлайн үөрэнэр буолан үлэ уруогар уһамматтарын кэриэтэ буолла.

Пууҥҥа ыты, куосканы, ыт оҕотун барыларын тус-туспа килиэккэлэргэ туталлар. Ыт оҕолорун, боруодаларыттан көрөн, кыра-кыратык күҥҥэ хаста да аһаталлар.

Пуунтан көҥүлгэ ыытыллар кыаҕа суох ыттары бэтэринээр быһаарар. Кинилэри өлөрбөттөр, бу кыыллар үйэлэрин пуун килиэккэтигэр олорон моҥуохтаахтар. Ыттары харыстыыр сокуон ону ирдиир.

 “Хаһаайына суох кыыллары быстах кэмҥэ көрөр-истэр пуунтан” ким баҕарар түөрт атахтаах доҕор оҥостор ытын буор босхо талан ылыан сөп. Ыттар бары быһыылаахтар, доруобайдар, саҥа хаһаайын пааспардаах кэлэн талбыт ытыгар чип туруортарар. 

“Хаһаайына суох кыыллары быстах кэмҥэ көрөр-истэр пуун”  аадырыһа: Очиченко уул., 57.

Бэнидиэнньик-оптуорунньук – санитарнай күннэр, дьону киллэрбэттэр.

Онтон атын күннэргэ сарсыарда 09.00 чаастан күнүс 16.00 чааска диэри үлэлиир.

  • Бэйдиэ сылдьар кыыллары тутууга сайаапкалары Биир кэлим диспетчердэр сулууспаларыгар туталлар:
  • 44-42-51
  •  44-42-29 (суукканы эргиччи).

Кыһыҥҥы буудкалары тутууга улахан көмө наада. Көмөлөһүөн баҕалаахтар билсэр төлөпүөҥҥүт: 89248700067

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....