27.04.2021 | 13:23

Бэйдиэ сылдьар кыыллар кыһалҕалара уҕараабат

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьэллик кыыллары тутар пуун – Очиченко уулуссатын 57 нүөмэригэр баар ППЖ филиалын тэрийии – куорат биир тыын кыһалҕата. Сыллата көрүүтэ-харайыыта суох бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр. Куорат араас муннугар, чуолаан кытыы сирдэргэ ыт үөрүттэн дьон эмсэҕэлээбит түбэлтэтэ үгүс. 
Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэбит киинигэр Дьокуускай куоракка ити кыһалҕаны туоратарга араас толкуйдар бааллар. Ол курдук, чааһынай приюттары тутарга бүддьүөтү таһынан үбүлээһин боппуруоһа үөрэтиигэ сылдьар. Куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын иһинэн үлэлиир олох-дьаһах хомунаалынай  хаһаайыстыбатын Департамена Сир сыһыаннаһыыларыгар Агентствоҕа, ону сэргэ Баай-дуол уонна сир сыһыаннаһыыларын Департаменыгар чааһынай приюту тутарга сир учаастактарын тыырар туһунан кэккэ сүбэлэри биэрбитэ. 
Ити иннинэ куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын иһинэн үлэлиир Олох-дьаһах хомунаалынай  хаһаайыстыбатын уонна СӨ ветеринарияҕа Департаменнара, ону сэргэ “Помоги выжить” аһымал пуонда бииргэ түмсэн, бэйдиэ кыыллар кыһалҕаларын тула кэпсэппиттэрэ.
Манна даҕатан эттэххэ, быйылгы 2021 сылга ППЖ нөҥүө 717 ыт тутуллубут. Олортон 176 ыты дьон аҕалан туттарбыт, 541 ыты тэрилтэ бэйэтин үлэһиттэрэ тутан аҕалбыттар. ОСВВ бырагырааманан (отлов-стерилизация-вакцинация-выпуск) 495 ыт ааспыт, 317-тэ кыыл саҥа хаһаайыннаммыт уонна урукку хаһаайыттарыгар төннөрүллүбүт.
Дьокуускайдааҕы дьэллик кыыллары тутар пуун (ППЖ) дириэктэрэ Екатерина Безрученко этэринэн, ыттары оннооҕор атын сиртэн, холобур, Покровскайтан уонна Намтан кытта аҕалаллар эбит.
«Харамайдарга эппиэтинэстээх сыһыан туһунан» федеральнай сокуон саҥа ирдэбиллэригэр олоҕуран Дьокуускайдааҕы дьэллик кыыллары тутар пуун (ППЖ) үлэтэ өссө уустугуран биэрбит, наһаа элбэх кыыл (үксэ ыт) тутуллар буолан, турар усулуобуйалара нуормаҕа эппиэттээбэт. ОСВВ бырагырааманан тутуллубут харамай дьиэ иһигэр 30 күн олоруохтаах эбит. Аны тыһы ыттар стерилизация эппэрээссийэтин кэнниттэн  сылаас сиргэ тутуллаллара ирдэнэр. 
Тоһуттар тымныылаах Сахабыт сиригэр тыыннаах харамайы ППЖ-га олорор болдьоҕо ааста диэн таһырдьа ыытар уустуктардааҕа биллэр. Арассыыйа киин регионнарыгар итинник кыһалҕа турбат. Итинэн сиэттэрэн кыһыҥҥы саамай тымныы ыйдарга кыыллары тутар пуун нуорманы таһынан туолан кэккэ ыарахаттары көрсөрө биллэр суол. 
«Саҥа филиал арыллара буоллар, биһиги ыт оҕолорун уонна кыра боруода ыттарын туспа тутуо этибит, кинилэргэ саҥа хаһаайын көстөрүгэр филиал төһүү күүс буолуо этэ», - диэн Екатерина Безрученко санаатын үллэстэр. Итини сэргэ үлэлии турар пууну улаатыннарар кыһалҕа сытыытык турар. Манна даҕатан эттэххэ, харамайдары тутар пуун дьон олорор сириттэн кырата 150 миэтирэ тэйиччи буолуохтаах. 
Приют тутарга анаан сир бэриллэн, сытыытык турар кыһалҕа сотору кэминэн быһаарыллар ини диэн эрэл кыыма баар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...