09.07.2020 | 19:00

Бэйдиэ сылдьар кыыллар дьылҕалара эмиэ салгыҥҥа ыйанна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайдааҕы көрүүтэ-истиитэ суох кыыллары быстах болдьоххо тутар пуун “Фонд помощи животным” тэрилтэҕэ туттарылларын туһунан эрдэ иһитиннэрэн турабыт. Ол эрэн бу тэрилтэ бүгүн пууну тутар эбээһинэстэн толору аккаастанарын биллэрдэ.

Бүгүн дьаһалтаҕа кыыллары көмүскүүр актыбыыстары кытта төгүрүк остуол буолан ааста. Көрсүһүүгэ Дьокуускай баһылыгын ОДьКХ солбуйааччы Роман Сорокины кытта “Белый Бим” уонна “Помоги выжить” тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Дьаһалта кыыллары тутар пууну бас билиилэригэр ылыан баҕалаахтарга хаттаан куонкурус ыытыаҕа.

Куонкурус кыайыылаахтара босхо пуун дьиэтин, сирин, араас эбийиэктэрин, контейнердары, гаас уонна электричество ситимнэрин бас билиигэ ылыахтара. Маны тэҥэ 23 мөл. солк. суумалаах субсидия көрүллүөҕэ. Маны барытын босхо ыларын суотугар, куонкуруһунан кыайан Кыыллары быстах болдьоххо тутар пууну бас билиигэ ылбыт тэрилтэ, бэйдиэ сылдьар кыылары тутар, харайар, иитэр, вакцинациялыыр, стерилизациялыыр, маркировкалаан баран босхо ыытар эбээһинэстэнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....