30.03.2022 | 16:00

Бэтэрээннэр спартакиадалара саҕаланна

Бэтэрээннэр спартакиадалара саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 28 күнүгэр киин куорат бэтэрээннэрин VIII спартакиадаларын чэрчитинэн  Сайсары күөлгэ хайыһарга 1 км уонна 2 км дистанцияҕа эстафета ыытылынна. Күрэхтэһии Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, Дьокуускай куорат 390 сылыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит ийэ Сылыгар ананна. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Эстафетаҕа киин куорат 5 уокуругуттан, ону кытта Хатастан уонна Мархаттан уопсайа 7 хамаанда кытынна. Хамаандалар састааптарыгар 55 саастарыттан үөһэ дьахталлар уонна 60 саастарыттан үөһэ эр дьон бааллар. Күрэхтэһии саамай аҕа саастаах кыттааччыта – үлэ бэтэрээнэ Степан Абрамов, быйыл кини 85 сааһын туолар. 
Спартакиада үөрүүлээх аһыллыытыгар спортсменнары Дьокуускай куорат социальнай харалтаҕа Управлениетын салайааччыта Семен Матвеев эҕэрдэлээтэ. 
«Спортивнай тэрээһиннэри бэтэрээннэрбит коронавирус хааччахтарын икки сылын тухары кэтэстигит. Ол иһин спартакиадаҕытыгар дьиҥнээх олимпиадаҕа курдук бэлэмнэннигит», - диэтэ Семен Матвеев уонна ситиһиилэри баҕарда.
Хайыһар күрэҕэ спартакиадаҕа бастакы төгүлүн бэтэрээннэр бэйэлэрин көҕүлээһиннэринэн киирдэ. Күрэхтэһии тэрийээччилэрэ – Дьокуускай куорат социальнай харалтаҕа уонна үлэҕэ Управлениета, куорат бэтэрээннэрин Сэбиэтэ уонна  «Бэтэрээн» кулууп. 
Спартакиада спорт 9 көрүҥүнэн  муус устар 22 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Кыттааччылар волейболга, бильярдка, остуол тенниһигэр, буулдьанан ытыыга, саахымакка, дуобакка, хабылыкка уонна хаамыскаҕа күрэхтэһиэхтэрэ.
Куорат спартакиадатын сүрүн сыала – физическэй култуураны уонна спорду  пропагандалааһын, бэтэрээннэр доруобуйаларын бөҕөргөтүү, кинилэргэ физическэй култууранан дьарыктанар усулуобуйаны тэрийии, бастыҥ бэтэрээн спортсмены булуу.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...