Бэс ыйын уларыйыылара
Социальнай төлөбүрдэр – саҥа быраабылаларынан
Бэс ыйын 1 күнүттэн социальнай төлөбүрдэри ылыы графига уларыйда. Ол курдук, оҕолорго ананар бары төлөбүрдэр биир кэмҥэ түһэр буоллулар:
— Ийэ хапытаалыттан түһэр босуобуйа – ый 5-с чыыһылатыгар;
— Биир кэлим босуобуйа – ый 3-с чыыһылатыгар;
— Балтараатыгар диэри саастаах оҕону көрөн олоруу босуобуйата – ый 8-с чыыһылатыгар.
Сорохторго биэнсийэ эбилиннэ
Арассыыйа нэһилиэнньэтин сорох араҥатыгар 2023 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн, бу ыам ыйыгар 80 саастарын туолбут кырдьаҕастарга, биэнсийэ быһыллыбыт кээмэйэ икки бүк үрдэтилиннэ.
Маны тэҥэ, үлэлэрин ыстааһа тиийбэккэ саастарынан социальнай биэнсийэҕэ тахсыбыт дьон ыйдааҕы төлөбүрэ эбилиннэ.
Үлэлээн бүппүт биэнсийэлээхтэргэ бу бэс ыйыттан хаттаан ааҕыы (перерасчет) оҥоһуллар буолла. Маныаха Социальнай пуондаҕа докумуоннаргытын илдьэн туттарыахтааххыт.
Сталинград олохтоохторугар саҥа төлөбүр
Өстөөх төгүрүктээһинигэр түбэспит Сталинград олохтоохторугар, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ буоллахтарына, «Житель блокадного Ленинграда» уонна «Житель осажденного Севастополя» курдук чэпчэтиилэри уонна көмөнү анаатылар. Кинилэргэ ый аайы төлөнөр көмө харчы, уопсастыбаннай тырааныспарга уонна ОДьКХ өҥөлөрүгэр чэпчэтии көрүллэр.
Инбэлииккэ тахсыы судургутуйда
Бэс ыйыттан Медико-социальнай экспертиза (МСЭ) бюротугар тиийии ньымата судургутуйда.
Гражданнар бюроҕа олорор сирдэриттэн сайаапка түһэриэхтэрин сөп буолла, оччоҕо МСЭ дистанционнай экспертизаны аныахтаах. Ол аата МСЭ Бюрота баар сиригэр хайаан да тиийэр наадата суох буолла.
Биометрическай чахчыны тарҕатарга көҥүл ирдэммэт
Центробаан, ханнык баҕарар тэрилтэлэр, урбаанньыттар, нотариустар, муниципальнай уонна судаарыстыбаннай уорганнар дьон биометрическай дааннайдарын кинилэртэн сөбүлэҥэ суох Биир кэлим биометрическай систиэмэҕэ биэрэр буоллулар. Ол курдук, биометрия быһыытынан киһи сирэйин хаартыската уонна куолаһа бэриллиэн сөп.
Биометрическай чахчыны биэрбиттэрин кэннэ гражданнарга 30 күн иһигэр ол туһунан иһитиннэриэхтээхтэр. Дааннайдары тарҕатарга сөбүлэспэт буоллаххытына, МФЦ-га баран сайаапка суруйуохтааххыт.
Эһиги биометрическай дааннайгыт туттуллубутун туһунан информацияны Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын нөҥүө билиэххитин сөп.
Биометрическай чахчыны тарҕатары бопсубут дьону кытта судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөнү оҥорооччулар син биир үлэлииллэр.
Массыыналарга саҥа ирдэбил уонна саҥа ыстарааптар
Бэс ыйын 1-гы күнүттэн массыыналарга, бэйэбит дойдубутугар оҥоһуллубут көлөлөргө уонна иномаркаларга, саҥа ирдэбиллэр олохтоннулар. Ол курдук, Арассыыйаҕа таҥыллар массыына Евро-2 экологическай стандарка эппиэттиир буолуохтаах.
Бу ыйтан саҕалаан ГИБДД инспектордара чэпчэки уйуктаах массыыналары суһал түгэҥҥэ туһааннаах сулууспалары ыҥырарга туттуллар “ЭРА-ГЛОНАСС” тэрил баарын-суоҕун бэрэбиэркэлиир бырааптаныахтара. Массыынаҕа маннык тэрил суох буоллаҕына, ыстараап 50 тыһ. солк. тиийиэн сөп.
Бэс ыйын 1-гы күнүттэн саҕалаан 2024 сыл олунньу 1 күнүгэр диэри доҕордуу судаарыстыбалартан, ол иһигэр ЕВРАЗЭС эмиэ, массыыналары судургу бэрээдэгинэн киллэрии бобулунна.
Самозанятайдар логотиптарын туһанар кыахтаннылар
Бэс ыйын 29 күнүттэн самозанятайдар – Арассыыйа уонна атын дойдулар гражданнара – бэйэлэрин табаардарын бэлиэтин уонна өҥө бэлиэтин туттар кыахтаныахтара. Бу иннинэ бэйэ логотибын юридическай сирэйдэр уонна бэйэ дьыалатын арыммыт урбаанньыттар эрэ туһанар кыахтаахтара.