Бэс ыйыгар Ленин болуоссата тутуллан бүтүөҕэ
Ленин болуоссатыгар сотору муусукалаах, араас өҥнөөх фонтаннар, түүҥҥү уоттаах сцена, 13 миэтэрэ үрдүктээх сэргэлэр о.д.а. баар буолуохтара диэн суруйан турабыт. Бу күннэргэ фонтан эркинин оҥоруу бүтэн, түгэҕин бастакы араҥа билиитэлэрин кута сылдьаллар.
Ол курдук, «Сэттэ» тутуу хампаанньатын маастара Иван Кузьмин иһитиннэрэринэн, технологическай тутуу эркинин оҥоруу бүтэн, билигин фонтан түгэҕин бастакы араҥатын кутуу ыытыллар. Билиитэлэр анныларыгар ирбэт тоҥ дьайыытыттан харыстыыр сыалтан полистирол тэлгэммит. Аннынааҕы буорун ороон, щебень кутуллубут. Сотору ханааллары оҥорон, турбалары тардан, фонтаны бэйэтин тутуу саҕаланыаҕа. Бу үлэҕэ Кытайтан анал биригээдэ кэлэрэ күүтүллэр эбит.
Бүгүҥҥү туругунан өссө хас да араҥа билиитэ кутуллубутун кэннэ, сэргэ туруоруута, халдьалары ууруу, көҕөрдүү үлэтэ ыытыллара хаалбыт.
Санатар буоллахха, «кураанах» фонтан муусуката бигэргэтиини ааһа сылдьар, оттон бэс ыйыгар болуоссат бүтүннүү бэлэм буолуоҕа, диэн иһитиннэрэр СӨ куорат эйгэтин тупсарыыга «LETO» киинэ (https://exo-ykt.ru/ хаһыат саайта, Никита Федоров хаартыскаҕа түһэриилэрэ).