Бэс-Күөл суолларын чөлүгэр түһэриигэ 7 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ бэрилиннэ
СӨ тырааныспарга Министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Бэс-Күөл сэлиэнньэтигэр уулусса-суол ситимнэрин чөлүгэр түһэрэргэ 7 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ ирдэнэр.
«Бэс-Күөл сэлиэнньэтигэр биир км уһуннаах уулусса-суол ситимнэрин чөлүгэр түһэрэргэ Саха сиринээҕи Суол пуондуттан 6,9 мөлүйүөн солкуобай суумалаах субсидия бэрилиннэ», — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Суоллары чөлүгэр түһэрии үлэтэ 2021 сыл алтынньы 15 күнүгэр диэри түмүктэнэрэ былааннанар.
Санатар буоллахха, Бэс-Күөл сэлиэнньэтигэр атырдьах ыйын 7 күнүгэр ойуур баһаарыттан 31 олорор дьиэ уонна аҕыс тиэргэн иһинээҕи тутуулар уокка былдьаммыттара.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



