11.08.2021 | 14:08

Бэс-Күөл сэлиэнньэтигэр уот ситимэ чөлүгэр түһэрилиннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Баһаартан эмсэҕэлээбит Бэс-Күөл сэлиэнньэтигэр уот ситимин испэсэлиистэр чөлүгэр түһэрдилэр. Ол туһунан «Якутскэнерго» ПАУо ЦЭС пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 
Атырдьах ыйын 10 күнүгэр, Бэрдьигэстээхтээҕи РЭС үлэһиттэрэ көһө сылдьар дизель-генераторы үлэлэтэн, быстах кэмнээх схеманан уот баар буолбута.  Ити иннинэ уот аҕыйах сиринэн баара. 
Баскыһыанньаҕа, атырдьах ыйын 9 күнүгэр ойуур баһаара нэһилиэнньэлээх пууҥҥа киирбитинэн 10 кВ уонна 0,4 кВ уот ситимин 38 тирээбилэ умайбыта. 
«Билиҥҥи туругунан, суһал чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ матырыйааллары аҕалааһыҥҥа, скважинаны хаһарга, тирээбиллэри хомуйан туруорааһыҥҥа Бэрдьигэстээхтээҕи РЭС 11 үлэһитэ уонна 4 итиннэ аналлаах тиэхиньикэ үлэлииллэр», — дииллэр пресс-сулууспаҕа.
Уот сэлиэнньэҕэ толору холбоммута, уот ситимигэр куттал суоһаабата бэлиэтэнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...