Бэс-Күөл сэлиэнньэтигэр саҥа дьиэлэри тутуу бу нэдиэлэттэн саҕаланыан сөп
Ол туһунан РФ Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Дьокуускайга сырыытын түмүктэрин таһаарарга Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрбит.
Атырдьах ыйын 7 күнүгэр ойуур баһаара үөһэнэн Бэс-Күөлэ сэлиэнньэтигэр киирэн 40 дьиэ, ол иһигэр 34 чааһынай уонна 6 элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр, 15 гараас, 24 баанньык уонна да атын хаһаайыстыбаннай тутуулар уокка былдьаммыттар.
Билигин сэлиэнньэни чөлүгэр түһэрэр үлэ барар. Өрөспүүбүлүкэ былааһа биир кэлим мас панелларынан саҥа дьиэлэри тутар туһунан быһаарыыны ылыммыттар. Дьиэлэр быйыл алтынньы ый ортотугар үлэҕэ киириэхтээхтэр.
«Юрий Трутневтыын Бэс-Күөл сэлиэнньэтигэр сырыттыбыт. Кини барытын көрдө, билигин онно баһаарга былдьаммыт дьиэлэри чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллар. Былааннааһын, территорияны ыраастааһын үлэтэ барар. Бу күннэргэ тутуу саҕаланыа диэн эрэнэбит», — диэбит Айсен Николаев.
Кини этэринэн, дьиэлэри чөлүгэр түһэриигэ 250 мөл. кэриҥэ солк ирдэнэр. Итинтэн 200 мөлүйүөнү кэлэр көлүөнэ Пуондатын нөҥүө АЛРОСА хампаанньа түһэрэр.
Бу иннинэ, Бэс-Күөлгэ сылдьан, Ил Дархан тутуллар дьиэлэр ис барааннара, мал уонна бытовой тиэхиньикэ атыылаһыыта РФ ЫБММ төлөбүрдэрин суотугар оҥоһуллуоҕа диэн эппит. Итиннэ сөп түбэһэр докумуоннары РФ ЫБММ баһылыга Евгений Зиничевка тиэрдибиттэр.
Итини таһынан, үп-харчы өттүнэн өйөбүлү бөдөҥ хампаанньалар, ол иһигэр икки промышленнай, оҥороллоро уонна баһаартан эмсэҕэлээбит ыаллары эпиэкэҕэ ылаллара былааннанар.
Баһаартан эмсэҕэлээбит 175 киһи өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 30 тыһ. солк. харчыны ылбыттар. Атырдьах ыйын 15 күнүгэр федеральнай бүддьүөттэн 100 тыһ. солк. биэрэр туһунан билиннэ.