Бэрт былдьаһар норуот сайдыбат
«Сахалар сүрдээх сэмэй омукпут ээ» дэһэбит ардыгар. Бу бэйэбитин омук быһыытынан сыаналанар быһыыбыт дуу, эбэтэр оннук майгылаахпыт, култууралаахпыт, сиэрдээхпит эбитэ дуу?
Саха кырдьаҕас омугунан биллэр. Өбүгэбит олоххо муударай көрүүтэ үйэлэртэн үйэлэргэ өс хоһоонунан, сахабыт тылын дэгэтинэн хоһуйуллан, күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэллэҕэ. Үтүө быһыыны оҥордоххо, “Үтүө үтүөнэн эргиллэн кэлэр” диэн муударай ис хоһоонноох этии, киһи уйулҕатыгар сырдык суолу хаалларар. Куһаҕан, мөкү быһыы таҕыстаҕына, “Бэйэтиттэн буолбатаҕына, бэдэриттэн ситиһиэ” диэн ыарахан тыллар, ох саалыы куһаҕаны оҥорбут киһиэхэ көхсүгэр тиийэн сааллан, ис уйулҕатыгар мөкү дьайыыны оҥорор. Мантан сылтаан бу киһиҥ олоҕор “хара сурааһыннар” саҕаланыахтарын сөп. Ол эбэтэр табыллыбат буолуу олоҕун устатын тухары батыһа сылдьыан сөп. Сырдык санаалаах киһи элбэҕи ситиһиэн, дьиэ кэргэнигэр барыта табыллан, инники көлүөнэтигэр чаҕылхай суолу хаалларыан сөп.
Дьону ырытыма, бэйэҕин көрүн
Киһи тыла – ох. Онон толкуйдаан баран саҥар дииллэр. Үчүгэй тылтан киһи санаата кынаттанар, оччото суох этиллибит тыл киһи дууһатын саппаҕырдар. Билигин аныгы технология, интэриниэт күүскэ сайдан, киһи барыта суотабай төлөпүөннэнэн, көмпүүтэрдэнэн, күммүт аҥаарын манна ыытар буоллубут. Инстаграм, бассаап, фейсбук ситимигэр киирдэххэ, билбэт киһиҥ олоҕо эн иннигэр арылыччы көстөн кэлэр. Дьэ, уонна бу киһи олоҕун кэтээбитинэн бараҕын. Кини бүгүн тугу аһаабытын, ханна, кимниин көрсүспүтүн, тугунан дьарыктаммытын, туох ситиһиилэммитин социальнай ситим нөҥүө билэр-билбэт дьонугар информация ыыталыыр. Сороҕор оруна суох “фейк” сонуннар тарҕананнар, ыҥырыа уйатын тоҕо тардаллар. Ону ырытыы, сиилээһин, ньоҕойдоһуу. Аныгыскы уочараттаах “сиэртибэ” көстүөр дылы, дүлүҥ сынньанар диэбит курдук.
Инстаграмҥа, бассаапка, интэриниэт нөҥүө бэйэ-бэйэни сиэһии, ким эрэ үчүгэй буолаары гыммытын, ньоҕойдоһон туран саба баттааһын, ол киһи туһунан “мөкү” сурахтары тарҕатыыны биһиги дьоммут сатыыллар. Бу киһини үөһэттэн алларааҥҥа диэри ылбат-биэрбэт дэлби үөҕэн баран, биирдэ уоскуйаллар. Барыта тыл суолтатын өйдөөбөттөн, ордук санаһыыттан, бэрт былдьаһыыттан тахсар. Муударай өйдөөх, тулалыыр эйгэтэ ыраас киһиттэн маннык быһыы тахсыбат. Социальнай ситимнэргэ дьон санаатын аахтахха, суобастаах өттүлэрэ бэйэ бодотун тардынарга ыҥыраллар, олус үчүгэй ис хоһоонноох санааларын суруйан, бу киһи ис кутун бөҕөргөтөн биэрэллэр. Сиэрэ-майгыта кэһиллибит киһиттэн туох үчүгэйи кэтэһиэххиний? Уобарастаан эттэххэ, сыыртан салаасканан төттөрү сырылаан түһэр курдук, ньоҕой санаатынан, илбистээх тылынан тиэрэ эргитэн, куһаҕан санаатын этэн тэйэр.
Күндү сахабыт дьоно, бу ыарахан кэмҥэ, бэйэ-бэйэни кытта бэрт былдьаспакка, ньоҕойдоспокко, түмсүүлээх, биир сомоҕо буолуоҕуҥ! Санаа уонна тыл күүһэ куйаар ситимин нөҥүө киһи ис кутугар дьайар күүстээҕин, сырдык сардаҥата этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар үтүөнэн дьайарын умнумуоҕуҥ.
Киһи күннээх, балык ыамнаах
Ульяна Егоровна Скрябина–Умсулҕан Хотун, СӨ ыччатын бэлиитикэтин уонна гражданскай көҕүлээһинин туйгуна:
– Билиҥҥи үйэҕэ социальнай ситимнэргэ киһини үөҕүү, холуннарыы, түһэрии олус дэлэйдэ. Туох барыта кыраттан саҕаланар ээ. Биир эмэ киһи туох эмэ ситиһиилэннэҕинэ, үрдүккэ таҕыстаҕына, дьэ ордук санааһын, тоҕо оннук буолла, бу киһи хайдах таҕыста, кини баҕас эҥин диэбит курдук олус куһаҕан, мөкү хойох хостоһуута саҕаланар. Бу бэйэ-бэйэни сиэһии буолар... Тоҕо оннук буоларый? Өй-санаа сатарыйыытыттан буолуо дии саныыбын. Ордугурҕаһыы, ымсыы быһыы киһилии майгыны-сигилини алдьатар адьарай күүстээх. Санаан көрүҥ, ити куһаҕан тыл туһуламмыт киһитигэр хара санаа хайдах курдук ыар баттык буолара буолуой? Ону бу эппит киһи улахаҥҥа уурбакка, дьолоҕойугар оҕустарбакка, сол курдук аһаран кэбиһэр. Саҥардыҥ да, ол эппит тылыҥ «чыычаах» буолан «көтөн» хаалар. Онуоха эбии куйаар ситимигэр сорох-сорохтор, «сыылла сылдьан сыарҕа быатын быhааччылар», уһуну-киэҥи толкуйдаабакка сонно тута бу этиллибит тылы, куһаҕан сураҕы ытыс үрдүгэр түһэрэ охсон, араастаан эбэн-сабан, «сиэллээн-кутуруктаан», «ситэрэн-хоторон» ыытан, тарҕатан, балаһыанньаны букатын дириҥэтэн биэрэллэр. Хомойуох иһин, «күлбүтүҥ күнүнэн кэлэр» диэни эмиэ удумаҕалаппат буолууттан сити курдук быһыы-майгы тахсар саныыбын. «Инникини тымтыктанан көрбүт суох» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Онон этиллибит тыл истээччигэ да, этээччигэ да, ыыстааччыга да, ону тэҥэ тылбай-өспөй буолааччыга да кэлин туох содуллаах буолуон сөбүн өйдөөбөттөрө дьиксиннэрэр. Тыл күүһүттэн ордук бу орто дойдуга туох баар буолуой. Тыл киһини умса да уурар, өрө да тардар ураты күүстээх. Дьону үөҕүү үтүөҕэ тиэрпэтэ чахчы. Туох барыта сэттээх-сэмэлээх, иэстэбиллээх буоларын өйдөөҥ.
«Киһи күннээх, балык ыамнаах. Үүнээйи күҥҥэ тардыһар, киһи – үчүгэйгэ» диэн этэн туран, ытык дьонум бэйэ бэйэҕитигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһыҥ диэн баҕа санаа бастыҥын, үтүө санаа үтүмэнин уунабын. Биирдэ кэлбит олоххо этэҥҥэ, тэҥҥэ сылдьыаҕыҥ! Эйэлээх эрэ буолуоҕуҥ!
Этиһиилээх ыал – ыал буолбат
Тамара Николаевна Иванова, педагог, Дьокуускай куорат:
– Биир кырдьаҕас киһи эппитин истибиттээхпин. “Харсыһыылаах сүөһү – сүөһү буолбат, этиһиилээх ыал – ыал буолбат. Бэрт былдьаһыылаах норуот сайдыбат” диэн. Бүгүҥҥү күҥҥэ маннык көстүү баар диэм этэ. Оннооҕор хамнаһа суох бэйэлэрин баҕаларынан уопсастыбаннай үлэҕэ кыттар дьон ортотугар бэрт былдьаһыы баар. Онон сылыктаатахха, үрдүк хамнастаах үлэҕэ бэрт былдьаһыы, бэйэ-бэйэни хоруотааһын баара саарбахтаммат. Кыра норуот буоларбыт быһыытынан, сатабыллаахтык үлэлиир киһибитин өйдөөн, өйөөн өрө таһаарарбыт буоллар, сайдыыбыт түргэтиэ этэ дии саныыбын. Биир эмит киһи үөһэ тахсаары гыннаҕына, таҥнарыы тардыы баар. Социальнай ситим үөдүйүөҕүттэн бассаап, инстаграм сирэйигэр хойох хостоһуу, сиилээһин, ордуҕургааһын, сирэй көрбөх буолуу аһара элбээтэ. Ааһа баран эттэххэ, сиэрэ суох быһыы аһара үксээтэ. Бөлөх-бөлөх аайы суруйса олорон кыыһырсыы, үөхсүү, быдьар тылынан суруйсуу күннээҕи олох нуорматыгар кубулуйда дии саныыбын. Бассаап ситимин бөлөҕөр хайдах эрэ элбэх дьиэ кэргэн киирэн, киэһээҥҥи килиэптэрин былдьаһар курдук, кэпсэтиилэр буолаллар. Ону ааҕа олорон, көнө, судургу майгылаах киһи уйулҕата ыһыллыах курдук туруктанар. Дьэ, куһаҕан сурах куйаар ситиминэн түргэнник тарҕанар. Ол күн бу киһи туһунан информация тарҕанан, күнү быһа ол ырытыыта буолар. Били эппиккэ дылы, этин сүлэн уҥуоҕун тиниктииллэр, онтон биирдэ уоскуйаллар диэбит курдук.
Киһилии сиэрбитин сүтэримиэҕиҥ
Мария Саввинова, Дьокуускай куорат:
Кэлиҥҥи кэмҥэ интэриниэккэ, форумнарга уонна саамай сүрүнэ инстаграмҥа дьону үөҕүү, саҥарыы, күлүү гыныы наһаа элбээтэ. Бу сүрүн төрүөтүнэн интэриниэккэ киһи сирэйэ көстүбэт, онон төһө баҕарар, кими баҕарар, тыыннара тахсыар диэри тылларынан ыыстыыллар, киһи чиэһин-суобаһын тэпсэллэр. Бу ордук интэриниэт форумнарыгар көстөр. Кинилэр бэйэлэригэр “ник” толкуйдууллар, сирэйдэрэ-харахтара көстүбэт сымыйа аатынан дьону холуннаран, үөхсэн суруйаллар. Көмпүүтэр кэннигэр саһан олорон, арааһы барытын куолулууллар. Онтон инстаграмҥа аатыҥ-суолуҥ, хаартыскаҥ барыта көстөн турар. Ол да буоллар, дьону ырытыы, этиһии манна эмиэ баар. Инстаграм туһунан таарыйдахха, ордук дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр дьону саҥараллар, күн ыаһаҕа оҥостоллор. Саха сиригэр биллэр артыыстары, дьокутааттары, политиктары наар ырыталлар, саҥараллар. Онуоха биһиги бэйэбит артыыстарбыт да буоллун, атын биллэр араҥа дьон да буоллун, маннык балаһыанньаҕа бэйэлэрэ киирэн биэрэллэр. Хайдах эрэ сылтах биэрэр курдуктар. Дьэ, мантан саҕаланар, киһини тиэстэ курдук эргитэ сылдьан ырытыылара. Уопсайынан, “публикаҕа” биллэр дьон бэйэлэрин туттунуохтаахтар, көрүнүөхтээхтэр. Сорох дьон арыгылыы олороллорун, күүлэйдии сылдьар хаартыскаларын таһаараллар. Ону көрбүт дьон, биллэн турар, ырыталлар, үөҕэллэр бөҕө буоллаҕа. Аныгылыы тылынан эттэххэ, бу дьонуҥ бэйэлэригэр “хайп” оҥостоллор.
Ааспыт сылга Арассыыйаҕа саҥа сокуон киирбитэ. Ол курдук, социальнай ситим ханнык баҕарар эйгэтигэр дьону түһэрэн саҥарыы, үөҕүү, маатыралааһын саҥа сокуонунан накаастаныллыахтаах, ыстарааптаныахтаах диэн. Биир-икки сылга да көҥүллэрэ быһыллыан сөп эбит. Ол сокуон билиҥҥитэ олоххо киирбитэ көстүбэт курдук. Куйаар ситимигэр үөхсүбүттэрин курдук үөхсэ, дьону түһэрэ олороллор. Бу сокуоммут билигин күүһүгэр киирдэ дуу, суох дуу, ким да билбэт. Улахан уларыйыы суох. Интэриниэккэ, куйаар ситимигэр хайаан да үөхсүөхтээххин диэн буолбатах ээ. Манна санааҕын этэн, кэпсэтэн, сөбүлүүр артыыскын кытта сибээстэһиэххин сөп. Онон үчүгэй өттүнэн эмиэ көрүөххэ наада. Интэриниэккэ култуура диэн баар буолуохтаах. Сахалар омук быһыытынан аҕыйахпыт, онон бэйэ-бэйэбитин убаастаһыаҕыҥ, харыстаһыаҕыҥ.
Сахалар тоҕо сомоҕолоспоппутуй?
Людмила Иннокентьевна Петрова, үрдүк категориялаах психолог-педагог, Дьокуускай куорат:
– Бүгүн дьоммут-сэргэбит кыра оҕоттон, эмэн кырдьаҕастарга диэри, бука бары социальнай ситимнэргэ олоробут. Көрдөххө, “репост” курдугу ыытар бөлөхтөргө эрэ эйэ-дэмнээх. Политика, итэҕэл, күннээҕи олох туһунан сэһэргэһэр бөлөхтөргө барытыгар субу-субу киирсэн ылыы, мөккүһүү, бэйэ-бэйэҕэ түсүһүү буоларын бука бары билэн эрдэхпит. Ордук дьон кэпсэтиитэ политиканы ырытар бөлөхтөрүгэр күүдэпчилэнэр. Үөхсүү даҕаны манна сэдэх көстүү буолбатах. Тоҕо манныгый? Тоҕо биир санааҕа түмүллүбэппитий, эйэлээхтик кэпсэппэппитий диэн хас иккис киһи ыйытара буолуо. Хоруй биир – хас биирдии киһи бэйэтэ тус айылгылаах. Психологияҕа дьон майгытын-сигилитин араас өттүттэн көрөн араараллар. Холобур, уопсастыбаннай алтыһыы, түмсүү, бөлөхтөһүү, сомоҕолоһуу хайаан даҕаны сүрүн уопсай биир сыал тула буолуон сөп. Ол хайа эрэ кэм кэрдиитигэр чаҕылхай, күүстээх буоллаҕына, сомоҕолоһуу, өйдөһүү быдан көхтөөхтүк, киэҥ далааһыннаахтык тэриллэр. Арыый холку соҕус кэм даҕаны буоллаҕына, араас кыһалҕалар син биир мэлдьи баар буолаллара биллэр... Аан дойдубут, ордук Арассыыйабыт олус дьалхааннаах кэмҥэ олорор буолан, маннык ыһыллыы, өстөһүү, үөхсүүгэ даҕаны тиийии, дьон ис туруга күүрэ сылдьарыттан, сарсыҥҥы олоҕор, кэнэҕэски инникитигэр эрэлин сүтэрбититтэн диэтэххэ, үгүстэр сөбүлэһэллэр ини? Арыый улахан өйдөһүү, биир тиэмэҕэ, биир сыалга сомоҕолоһуу дьоҕус-дьоҕус бөлөхтөргө эрэ үөскүүрүн бүгүн көрөбүт. Дьэ, манна тус айылгы, тус көрүү-истии, тус интэриэс, тустаах дьон майгыта быһаарар. Чопчу биир көрүүлээхтэр, биир соҕус майгылаахтар, биир дьарыктаахтар ордук тапсаллар.