23.03.2022 | 13:00

Бэрэсидьиэн Ил Дарханы Доҕордоһуу уордьанынан наҕараадалаата

Бэрэсидьиэн Ил Дарханы Доҕордоһуу уордьанынан наҕараадалаата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Саха Өрөспүбүүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Николаевы Доҕордоһуу уордьанынан наҕараадалыыр туһунан Ыйаахха илии баттаата. 
«Саха Өрөспүбүүлүкэтин социальнай-экономическай сайдыытыгар сүдү кылаатын иһин Айсен Сергеевич Николаевы Доҕордоһуу уордьанынан наҕаарадаалыырга», - диэн Ыйаахха суруллубут.
Айсен Сергеевич Владимир Владимировичка үрдүк наҕараадатын иһин махталын биллэрдэ: «Дойдубут Бэрэсидьиэнигэр үлэбин үрдүктүк сыаналаабытын иһин махтанабын. Төрөөбүт Сахам сирэ уонна бүтүн Арассыыйа чэчирии сайдалларын туһугар үлэм мэлдьи инники күөҥҥэ буолуоҕа» - диир Ил Дархан. 


Айсен Сергеевич Николаев 1972 сыллаахха Ленинград куоракка күн сирин көрбүтэ. М.В. Ломоносов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай университет физическэй факультетын бүтэрбитэ уонна Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын иһинэн Норуодунай хаһаайыстыба Академиятыгар бэлэмнэнии куурустарын ааспыта. 1998 сыллаахха диэри "Алмазэргиэнбанк" кэмиэрчэскэй бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, онтон 2004 сыллаахха диэри Ил Түмэн СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын II-с уонна III-с ыҥырыытын дьокутаатынан, 2007 с. диэри Саха сирин Үбүн миниистиринэн үлэлээбитэ. 2011 сыллаахха ыам ыйыгар өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан талыллыбыта. Манна кини АПК, туризм уонна предпринимательство, айылҕа, наука уонна инновация харыстабылын боппуруостарынан дьарыктанар этэ.
2012-2018 сылларга – Дьокуускай куорат баһылыга. Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан СӨ Ил Дарханын эбээһинэһин толорооччунан буолбута.
2018 с. балаҕан ыйын 9 күнүгэр Айсен Николаевка Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын дуоһунаһа сүктэриллибитэ. «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиригэр регионнааҕы салаатын президиумун чилиэнэ, сэкэрэтээрэ. Өрөспүүбүлүкэ норуодунай хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Сонуннар | 20.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Понедельник, 21 октября 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 "Якутия" информационная программа 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Откровенно 12+ 11:15 Проавто 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 "Тыый!"  6+...