«Берегиня» Киин иитиллээччилэрэ саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттулар
Ахсынньы 8 күнүгэр саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарга бэлэмнэнии чэрчитинэн предприниматель Мээримгул Сагымбаева «Берегиня» Киин иитиллээччилэригэр – тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго сымнаҕас оонньуурдары уонна сылаас таҥастары бэлэхтээтэ. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Предприниматель олохтоох дьаһалта предпринимательствоҕа, потребительскай ырыынакка уонна туризм сайдыытыгар Департамеҥҥа көмөтүн иһин махталын тириэртэ.
«Үтүөнү оҥоруунан ис сүрэхпиттэн дьарыктанабын уонна кыаммат дьоҥҥо, ордук оҕолорго көмөлөһө сатыыбын. Итиннэ миигин биир дойдулаахтарым – Киргизия диаспората өйүүллэр. Эпидемиологическэй быһыыттан-майгыттан тутуллан «Берегиня» Кииҥҥэ чааһынай көрүҥүнэн көмөнү ылбаттар, официальнайдык эрэ сатанар. Онон биһиэхэ Дьокуускай предпринимательствоҕа Департамена көмөлөстө», – диэбит Мээримгул Сагымбаева.
Бэлэхтэри туттарыы кэнниттэн киин куорат предпринимательствоҕа уонна туризм сайдыытыгар салаатын начаалынньыга Андрей Леута предпринимательга махталын тириэрдибит.
«Дьокуускай куорат предпринимателлэрин түмсүүлэрэ туора турбакка кыаммат дьоҥҥо спонсорскай көмөнү оҥороллоро, чуолаан оҕолорго, кырачааннарга саамай күүтүүлээх бырааһынньык иннинэ көмө оҥорбуттара наһаа үөрүүлээх. Бүгүҥҥүттэн оҕолорго дьиҥнээх саҥа дьыллааҕы настырыанньа баар буолуо диэн эрэнэбит», – диэбит Андрей Леута.
Киин дириэктэрэ Лена Ефремова бэлиэтээбитинэн, кэлбит кэһиилэр оҕолорго саҥа дьыллааҕы соһуччу бэлэҕинэн буолбуттар.