Бэрэбиэркэ күн аайы ыытыллар
Бэс ыйын 13 күнүгэр Дьокуускай куорат коронавируһу утары үлэлиир суһал штаба 10 атыы-эргиэн эбийиэктэрин көрдө-иһиттэ. Чернышевскай, Труда, Билибина, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаларыгар турар кууһунан атыылыыр эбийиэктэрэ коронавирус тарҕаныытын сэрэтэр дезинфекцияҕа сабыллыбыттара. Дьокуускай суһал штаба ыйыыны тутуһууну бэрэбиэркэлээтэ уонна көстүбүт кэһиилэринэн биир аакта толордо.
«Тэрилтэлэр бары сабыылаахтар. Муҥутуур бэлэм буолуу эрэһиимин кэмигэр үлэтин тохтоппотох, ону ааһан дьон тоҕуоруһуутун таһаарбыт 202-ис микрооройуоҥҥа турар «Bistro» кафеҕа аакта толорунна», — диэн Дьокуускай административнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Феликс Антонов кэпсээтэ.
Куорат суһал штаба күннэтэ булгуччу мааскалаах сылдьыы эрэһиимин тутуһууну, атыылаһааччыларга социальнай дистанцияны тэрийиини, дезинфекцияны уонна санитарнай ыраастааһыны бэрэбиэркэлиир рейдэлэри ыытар.