Бэрэбиэркэ былааннаахтык ыытыллар
«Главстрой» МКУ Дьокуускай куоракка 2019 сылтан үлэлиир «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак эбийиэктэрин хаачыстыбатын бэрэбиэркэлиир көһө сылдьар мунньахтары былааннаахтык ыытан (муус устар 3 - ыам ыйын 31 күннэригэр), итэҕэстэри-быһаҕастары туоратыыга тиһиктээх үлэ барар.
Ол курдук, муус устар 28 күнүгэр киин куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко салайааччылаах уочараттаах көһө сылдьар мунньах ааспыт 2022 сылга тутуллубут суоллары бэрэбиэркэлээтэ.
Көһө сылдьар мунньахха СӨ тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев, «Главстрой» МХТ салайааччыта Алексей Варламов, «Бүлүү» Упрдор ФКУ, «Лена» Упрдор ФКУ, бэдэрээттээх тэрилтэлэр, «Куорат хаһаайыстыбатын дьаһайар сулууспа» МХТ уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот фронун бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.
Мунньах Ленин проспега - Тимирязев уул. - Мерзлотнай уул. - Ильменскай уул. - Билибин уул. маршрутунан ыытылынна.
Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев бэдэрээттээх тэрилтэлэри үлэ тэтимин үрдэтэргэ уонна болдьоҕор түмүктүүргэ ыҥырда.
Куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко сакаасчыты, бэдэрээтчиттэри, теххонтуруол тэрилтэлэрин кытта итэҕэстэри туоратыыга үлэ тиһигин быспакка ыытылларын бэлиэтээтэ, акталар толоруллан, ыйыллыбыт кэһиилэр кэмигэр туоратыллалларыгар үлэ барарын санатта.
«Ленин проспега – «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыак биир сүрүн эбийиэгэ. Эбийиэккэ аспаалы ууруу, тупсарыы үлэтин баһыйар өттө былырыын ыытыллыбыта. Үлэ барыта эриэ-дэхси буолбатах. Итэҕэс-быһаҕас бэдэрээтчит суотугар туоратыллар», - диэтэ Антон Алексеенко.
«Главстрой» МХТ дириэктэрэ Алексей Варламов тахсар итэҕэстэр төрүөттэрин уонна ону халлаан сылыйдаҕына эрэ туоратар кыах баарын быһаарда.
Ол курдук, «Главстрой» чахчытынан, былырыын, 2022 сылга, Ленин проспегын өрөмүөнүгэр уопсайа 90 итэҕэс бэлиэтэммит. Ону бэдэрээтчит бэс ыйын 1 күнүгэр диэри туоратыахтаах.
Былырыыҥҥы суолларга бэлиэтэммит сүрүн итэҕэстэр: аспаал оҥута, хайыта барыыта, дьөлө түһүүтэ, суол атын тутуулара алдьаныылара.
Бэдэрээтчиттэр бу күннэргэ тротуары, билиитэлэри, суол бэлиэлэрин көннөрө сылдьаллар. Тутуу бөҕүн хомуйар субуотунньуктар ыытыллаллар, маны сэргэ куоракка хаар тиэйиитигэр уонна чалбах уутун оборторууга көмөлөһөллөр.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак Дьокуускай куоракка 2019 сылтан үлэлээн, 134 км усталаах уулусса-суол ситимэ оҥоһулунна: 2019 сыл - 26 км; 2020 сыл – 23,5 км, 2021сыл – 48 км тахса, 2022 сыл – 36 км тахса.
Быйыл, 2023 сылга, 17 эбийиэк оҥоһуллар, онтон 10 аны күһүн номнуо үлэҕэ киирэр, 7-тэ - кэлэр сылга ситэриллэр.