08.04.2022 | 19:00

Бэрдьигэстээххэ спорт федеральнай таһымҥа дьүүллэһилиннэ

Бэрдьигэстээххэ спорт федеральнай таһымҥа дьүүллэһилиннэ
Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Ил Түмэн көһө сылдьар парламентскай чааһа Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр үлэлээтэ. Сүбэ мунньаҕы ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев көҕүлээн ыытта.

Сүбэ мунньах улууска физкультураны уонна спорду сайыннарыы боппуруостарын олоххо киллэриини бэрэбиэркэлээтэ. Парламентскай истиигэ РФ Судаарыстыбаннай дууматын дьокутаата Галина Данчикова кыттыыны ылла. Онон Горнай улууһун эрэ буолбакка, Саха сирин физкультурата уонна спорда федеральнай таһымҥа көрүлүннэ диэххэ сөп. Ол курдук, Бэрдьигэстээххэ ыытыллыбыт баһырхай тутуулар уопуттарын сүнньүнэн Арассыыйа спорка министиэристибэтигэр тиийэ кэпсэтиилэр буолуохтара.

 

Бэлиэтээн эттэххэ, Бэрдьигэстээххэ Уһук Илиҥҥэ сэдэх оҥоһуулаах икки этээстээх ытар тиир уонна ону кэккэлэһэ үс этээстээх 50 миэстэлээх интэринээт дьиэлэрэ дьэндэйдилэр! Бу уопут өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тэнийэр, тарҕанар аналлаах. 2021 сыллаахха, “Саха сирин Олимпиадатынан” ааттанар Манчаары оонньууларын көрсө, Оонньуулары үрдүк таһымҥа тэрийэн, Бэрдьигэстээх дэриэбинэтэ дьиҥ куораттыы мөссүөннэммит. Дьокуускай куораттан баара-суоҕа 180 км эрэ усталаах айан суола олорчу асфальтанан, массыыналар улуус киинигэр балтараа-икки чааһынан тиийэллэр. Бөһүөлэк уулуссалара эмиэ асфальтаммыттар. Светофордар туруоруллубуттар. Олохтоохтор куоракка наадаларын күнүнэн ситэллэр. Таас тутуу бөҕө бара турар. Спорка аналлаах тутуулар, стадион, балаһааккалар бөһүөлэги киэргэтэллэр. Элбэх функциялаах спортивнай саала дьарыктанааччыларынан туолан, ньиргиччи үлэлии турар. Дьэ бу маннык бөһүөлэккэ нэһилиэнньэ ахсаана эбиллэн иһэрэ бэлиэтэнэр.

Аны сайын Бороҕоҥҥо буолар VIII-с Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар сүүмэрдиир өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитин кэмигэр, муус устар 8 күнүгэр, ытар тиир үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылларга бэлэм. Буулдьанан уонна ох саанан ытыыга аналлаах 50 миэтэрэ усталаах, 18 миэтэрэ кэтиттээх тиир аныгылыы сөҕүмэр тутуута болҕомтону тардар, сөҕүүнү-махтайыыны үөскэтэр. Бу иннинэ Уһук Илиҥҥэ Хабаровскайга уонна Бурятияҕа улахан тиирдэр бааллара биллэр. Билигин Сахабыт сиригэр Бэрдьигэстээххэ баар буолла!

Онуоха эбии ытыынан уонна тустуунан дьарыктанар оҕолорго аналлаах 50 миэстэлээх, үс этээстээх таас интэринээт кэлэр үөрэх дьылыгар аһылларга толору бэлэм. Туох баар уута-хаара, уота-күөһэ, дизайнын өттүнэн киэргэтиллиитэ, спортоскуола иитиллээччилэрэ кэлэн олорор, үөрэнэр, дьарыктанар хосторо, саалалара, остолобуойдара бүүс-бүтүннүү оҕолору, үлэһиттэри көрсөргө бэлэмнэр.

Интэринээккэ Сахабыт сирин спорка дьоҕурдаах, бастыҥ  оҕолоро кэлэллэрэ күүтүллэр. Универсальнай ытар тиир биэс хаамыылаах сиргэ кэккэлэһэ турар. Дьарыктанар миэстэлэрэ барыта үрдүттэн – интэринээттэн комплекстара аҕыйах миэтэрэ.  “Тиир сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри аһаҕас, ким ди кинилэри мэһэйдээбэт, астына-дуоһуйа ытыынан дьарыктаныахтарын сөп, анал бэлэмнээх тренердэр эрчийэллэр”,- диэн Олимпийскай эрэллэр оҕо спортоскуолатын дириэктэрэ Роман Романович Пахомов үөрэ-көтө кэпсиир. Оҕунунан ытыыга Константин Тимофеевич Бурцев, буулдьанан ытыыга  Марк Алексеевич Никифоров, көҥүл тустууга Петр Андреевич Сивцев сүрүн тренердэринэн үлэлииллэр.

Өрөспүүбүлүкэни бүтүннүүтүн хабан, разрядтаах оҕолору ыла сатыыллар. Табыгастаах усулуобуйаҕа 5-10 кылаас оҕолоро кэлэн үрдүттэн олорон, үөрэнэн эрчиллиэхтэрэ. Үрдүк спортивнай көрдөрүүлэри ситиһиэхтээх оҕолор кэлиэхтээхтэр. Талааннаах оҕолор түмсэн дьарыктаналларыгар, сынньаналларыгар, үөрэнэллэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ интэринээт. Бу түөлбэҕэ оскуолалаахтар чугастыы онно үөрэниэхтэрин сөп. Уонна Мытаах диэки барыыга саҥа үс этээстээх таас оскуола эмиэ тутулла турар, бу сыл бүтүүтэ киириэхтээх. Саҥа тутуулар оҕолор спорка ситиһиилэнэллэригэр ананаллар. Имбэнтээр, оборудование, саҥа охтор, саалар, установкалар аҕалыллыбыттар уонна өссө кэлиэхтээхтэр. Бу иннинээҕи спортоскуола комплекса, базата бүтүннүү тустуу отделениетыгар бэриллибит. Лаппа кэҥээһин буолбут. Дьэ, кырдьык, дьоллоох оҕолор дьарыктанар сирдэрэ! Үрдүк көрдөрүүлэри ситиһии оҕолортон бэйэлэриттэн уонна тренердэртэн тутулуктаах буолуоҕа. Бачча үчүгэй объектарга көрдөрүүлэр баар буолалларыгар спортоскуола уонна интэринээт үлэһиттэрэ бигэ санаалаахтар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....