Бензин сыаната үрдээтэ
«2023 сыллааҕы уунан сырыы кэмигэр ньиэп бородуукталарын атыылаһыы түмүгэ таҕыста, итинтэн сиэттэрэн сыана кыратык үрдээтэ», - диэн иһитиннэрдэ АУо генеральнай дириэктэрин экономикаҕа уонна үпкэ солбуйааччыта Артем Ничипоренко.
Хампаанньаҕа быһаарбыттарынан, Хотугу завоз уунан сырыытын болдьоҕо кылгас буолан, ньиэп бородуукталара дойдуга оттук сыаната бэрээдэктэнэ илигинэ, Санкт-Петербургтааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы товарнай-сырьевой биржаҕа кууһунан сыана үрдүү турдаҕына атыылаһыллыбыттар.
Артем Ничипоренко бэлиэтээбитинэн, билиҥҥи кэмҥэ «Саханефтегазсбыт» судаарыстыбаннай бүддьүөттэн субсидияламмат, атын төрүттээх компенсация суох.
«Хайдах даҕаны бэйэбитигэр ночоот оҥостон, сыананы биир кэм тутан турар кыахпыт суох. Клиеннэрбит иннигэр эбээһинэспитин умнуо суохтаахпыт, «Саханефтегазсбыт» – өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох мэктиэлээх ньиэп бородуукталарынан хааччыйааччы буолар, ордук арктическай оройуоннарга, биһигиттэн нэһилиэнньэ олоҕо тутулуктаах», - диэн эбэн эттэ кини.