28.06.2022 | 14:25

Бэлисипиэти уоруу элбээтэ

Бэлисипиэти уоруу элбээтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэлисипиэт сезона үгэннээн турар кэмигэр, буоларын курдук, бу көлөнү уоруу тахсара элбиир.

 Соторутааҕы СӨ ИДьМ “Дьокуускайдааҕы” муниципальнай управлениетын 2-ис нүөмэрдээх отделыгар эр киһи бэлисипиэтин уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини атыы-эргиэн дьиэтин таһыгар көлөтүн хаалларбыт уонна маҕаһыыҥҥа киирбит кэмигэр сойботон ылбыттар.

Оперативниктар видеокамераларынан сонордоон, уоруйаҕы тута булбуттар. 39 саастаах эр киһи харытыттан тутуллубут. Оттон бэлисипиэт хаһаайына көлөтүн саатар сыапка хатаабатах эбит.

Уоруйах босхо турар бэлисипиэти сойботон баран икки бытыылка аһыы утахха атастаһан кэбиспит. Холуобунай кодекс 158 ыст. 2 ч. олоҕуран, буруйдаахха 5 сыл көҥүлүн күөмчүлээһин көрүллэр.

Полиция үлэһиттэрэ бэлисипиэт хаһаайыттарыгар сүбэлииллэр:

- Көлөҕүтүн мээнэ хаалларбат буола сатааҥ, оттон хаалларар түгэҥҥитигэр хайаан да видеокамера устар сиригэр уурар буолуҥ;

- Түүҥҥү кэмҥэ бэлисипиэти аһаҕас халлаан анныгар хаалларбакка, хатанар сиргэ уурар ордук;

 - Тростаах күлүүстэр эрэлэ суохтар. Уоруйахтар ону судургутук быһыта тутар инструменнаах буолаллар.

- Элбэхтик туттуллар саппаас чаастаргытын бэлиэтиир буолуҥ, бэлисипиэт техническэй пааспарын быраҕан кэбиһимэҥ, көлөҕүтүн хаартыскаҕа түһэриҥ – кэлин көрдүүргэ наада буолар;

- Докумуона суох эргэ бэлисипиэти атыыласпат ордук – уоруллубут буолан хаалыан сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...