16.11.2022 | 19:00

Байыастары өйүүр үлэ салҕанар

Байыастары өйүүр үлэ салҕанар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр дьаһаллар олоххо киирэллэр.

Байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар Росгвардия уонна ОМОН үлэһиттэрин көмөнү ылар араҥа кэккэтигэр киллэрдилэр. Кинилэр мобилизацияламмыт дьоҥҥо көрүллэр көмөнү уонна чэпчэтиилэри туһаныахтара.

 

Кирэдьииттэри сатаан төлөөбөт буолуу, счету хааччахтыыллара баар суол. Баһылык Евгений Григорьев бааннар бэрэстэбиитэллэрин, Суут бириистэптэрин кытта кэккэ көрсүһүүлэри ыытта, ол түмүгэр:

- байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин аатыгар исполнительнай производство баар буоллаҕына тохтотуллар;

- ипотеканы, кирэдьииттэри болдьоҕун көһөрүү, иэһи бытарытыы боппуруостарыгар хас биирдии түгэни туспа көрүөхтэрэ.

 

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр бородуукта набордарын түҥэтэллэр. 35 туонна оҕуруот аһа тиэрдилиннэ. Сэтинньи устата эмиэ түҥэтиэхтэрэ.

Куорат саҥа дьылы киэҥ далааһыннаахтык бырааһынньыктыыртан аккаастанна. Ол иһигэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” улахан бэстибээл кэккэ тэрээһиннэрэ тохтоотулар. Ол эрэн оҕолорго аналлаах тэрээһиннэр үгэс быһыытынан буолуохтара.

Сэтинньи 17 күнүттэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр аптекаларга 10% чэпчэтии көрүллүөҕэ. Киин куоракка үлэлиир Мобилизацияламмыт дьон дьиэ кэргэттэрин өйүүр киинтэн дисконтнай каарта ылыахха сөп. Чэпчэтии 25 аптекаҕа бэриллэр.

Мобилизацияламмыттары өйүүр кииҥҥэ 2000-тан тахса киһи кэлэн араас хайысхалаах көмөнөн туһанна.

"Победа" пуондаҕа дьон харчынан көмөтө киирэ турар. Ол курдук, 50 утуйар мөһөөччүк уонна коврик Чита байыаннай чааһыгар ыытылынна, 50 кэмпилиэк итиини тутар ис таҥас, 20 утуйар мөһөөччүк Хабаровскайга баар байыастары бэлэмниир чааска тиэрдилиннэ. Көмөлөрүн тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон ыыталлар. Дьаһалта саайтыгар https://yakutskcity.ru/ реквизиттэр, судургутук харчы ыытарга QR-код баар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....