Байыаннай сулууспалаахтарга гуманитарнай көмөнү ыыталлар
Киин куорат олохтоохоро Украинаҕа буола турар анал эпэрээссийэҕэ кыттар Арассыыйа байыаннай сулууспалаахтарыгар гуманирнай көмөнү ыыталлар. Көмө оҥоруутугар көхтөөх кыттыыны уокуруктар Сэбиэттэрэ ылаллар. Бу туһунан Yakutskcity.ru Олохтоох дьаһалта сайта иһитиннэрдэ.
Ол курдук, Киин уокурук бэтэрээннэрин Сэбиэтэ пуонда тэрийбит, онно бэтэрээннэр бэйэлэрин биэнсийэлэриттэн ыытан волонтердарынан саллааттарга аналлаах туһалаах табаардары ыллараллар. Ити туһунан педагогическай наука хандьыдаата, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, бочуоттаах бэтэрээнэ, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Киин уокурук бэтэрээннэрин Сэбиэтин чилиэнэ, «Дьүөгэлэр» дьахтар форумун чилиэнэ Маргарита Винокурова кэпсээтэ.
“Үгүс бэтэрээннэр саастарынан уонна пандемия хааччахтарынан сибээстээн бородууктаны атыылаһан хомуйар пууҥҥа илдьэр кыахтара суох. Ол иһин пуонда тэриллибитэ, билигин итиннэ 31 бэтэрээнтэн 31 тыһыынча солкуобай киирдэ.
Киин уокурук бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Варвара Дмитриева салалтатынан ити харчынан 86 бааҥка тушенка, 45 бааҥка сгущенка, чэй уонна кофе, бэчиэнньэ, кэмпиэт, 60-тан тахса киһи кэтэр наскыыта, араас гигиеническэй сириэстибэлэр ылыллан Саха сиринээҕи дьахтар тэриллиитин Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андрееваҕа туттарылыннылар.
Варвара Иннокентьевна Дмитриева Киин уокурук Управатын салайааччытыта Дина Олеговна Николаеваҕа массыынаны уонна волонтер-суоппар Иван Середкины көмөҕө биэрбитин иһин махталын тиэрдэр. Итини сэргэ биһиги көҕүлээһиммитин өйөөбүт, көхтөөх кыттыыны ылбыт бэтэрээннэргэ махтанабыт. Аахсыйаҕа Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ Кирилл Егорович Павлов уонна Валентина Васильевна Ефремова кыттыбыттара кэрэхсэбиллээх. Баһыылкалары туттарарга улахан көмөнү уокурук бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Надежда Христофорова уонна Людмила Лукашенко оҥордулар.
Варвара Иннокентьевна күндү бэтэрээннэрбитигэр дууһаларынан кырдьыбаттарыгар, көхтөөх уонна доруобай буолалларыгар, онтон саллааттарбытыгар күүстээх санааны уонна кыайыыны баҕарар.
Бу күннэргэ Арассыыйа хас биирдии олохтооҕо саллааттарбыт туһугар «ыалдьар», тугунан көмөлөһүөн сөбүн толкуйдуур. Ыраах Саха сириттэн баһыылкаларбытын туттуннар, кинилэр тустарыгар кыһаллар сүрэхпит тэбиитин биллиннэр”, - диир Маргарита Винокурова.