Байыаннай сулууспалаахтар доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэр
Билиҥҥи туругунан кииҥҥэ анал байыаннай эпэрээссийэттэн кэлбит сүүрбэ киһи доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр. Киин доруобуйаны чөлүгэр түһэрэргэ анаммыт тэрилинэн хааччыллыбыт. Исписэлиистэр этэллэринэн, манна үксүн контузиялаах дьон киирэллэр.
Байыаннай сулууспалаахтарынан мультидисциплинарнай биригээдэ дьарыктанар: физиотерапевт, травматолог, ортопед, невролог, медицинскэй психолог, чөлгө түһэрэр уонна эмтиир, чэбдигирдэр физкультуранан дьарыктыыр быраас.
«Биһиэхэ анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара байыаннай госпиталь кэнниттэн кэлэллэр. Пациеннар сүрүннээн контузиялаахтар, уйулҕаларыгар травмалаахтар. Хантараак быһыытынан сылдьааччылар, уоппускаларыгар кэлбиттэр эмиэ бааллар. Кииҥҥэ уон куойкалаах туспа палааталар бааллар. Чөлгө түһэрии комплексыгар барыта киирэр. Реабилитация кэнниттэн байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыт эдэр дьон үксэ үөрэхтэригэр төннөллөр», — диир кылаабынай бырааһы эмтиир үлэҕэ солбуйааччы Сергей Черкашин.
Байыаннай сулууспалаахтарга психолог сүбэтэ олус наада. Киин медицинскэй психолога Ангелина Алексеева бастатан туран диагностикалыылларын, бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн консультациялары оҥороллорун туһунан кэпсиир. «Ким эрэ бу тиэмэҕэ кэпсэтиэн баҕарбат, сорохтор тута аһыллаллар. Саамай сүрүнэ, анал байыаннай эпэрээссийэ кытыылаахтарыгар, көннөрү пациеннарга курдук сыһыаннаһыахха, кинилэри ыгымыахха наада», — диир психолог.