22.12.2022 | 15:00

Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин үлэтин барыллаан түмүгэ таҕыста

Куорат баһылыга Евгений Григорьев Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин үлэтин барыллаан түмүгүн таһаарар тэрээһиҥҥэ кытынна диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Киин, баһылык сорудаҕынан, 2022 сыл алтынньы 18 күнүгэр тэриллибитэ.
Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин үлэтин барыллаан түмүгэ таҕыста
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов, куорат баһылыгын солбуйааччы – Олохтоох дьаһалта аппараатын салайааччыта Руслан Тимофеев, Байыаннай сулууспалаахтар – анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин салайааччыта Туйара Колесова кытыннылар.

Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, куораттааҕы Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин кылгас кэм иһигэр үлэни көхтөөхтүк уонна сатабыллаахтык тэрийдэ.

«Киин уонна уокуруктар Управаларын үлэлэрин туһунан информацияны билсэн баран, улахан үлэ барбытын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Хас биирдии сыыппара кэннигэр – анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кыһалҕалара. Байыаннай сулууспалаахтарбыт гражданскай иэстэрин толорор кэмнэригэр биһиги сорукпут – дьиэ кэргэттэрин, чугас дьоннорун туһугар кыһаллыахтаахпыт. Онон үлэбитин күүһүрдэр соруктаахпыт», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.

Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов дьокутааттар анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйөөһүҥҥэ туһуламмыт үлэлэрин туһунан кэпсээтэ.

«Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмө уонна өйөбүл тиһиктээхтик оҥоһуллар.  Бүтэһик сессияҕа анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр баар хамсаабат баайга-дуолга сыһыаннаах нолуок чэпчэтиилэрин туһунан быһаарыыны ылынныбыт», - диэн иһитиннэрдэ Альберт Семенов.

Куорат баһылыгын солбуйааччы – Олохтоох дьаһалта аппараатын салайааччыта, Киин куратора Руслан Тимофеев Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин уонна уокуруктар Управалара, куорат кытыытынааҕы дьаһалталар баһылыктара үлэни төгүрүк суукканан ыыталларын бэлиэтээтэ.

«Киин үлэһиттэрэ байыаннай сулууспалаах хас биирдии чугас киһитин, аймаҕын кытта уопсай тылы булаллар, араас уустук кыһалҕалары быһаараллар. Киин хас биирдии үлэһитэ хас даҕаны хайысханан үлэлиир, бары биир кэлим механизм курдуктар», - диэн бэлиэтээтэ Руслан Тимофеев.

Байыаннай сулууспалаахтар – анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин салайааччыта Туйара Колесова баһылык Евгений Григорьев нэдиэлэ аайы уокуруктарынан уонна куорат кытыытынан сылдьан анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрсөр диэн кэпсээтэ. Итинник көрсүһүүлэргэ 300-чэ киһи кытынна.

«Ахсынньы 20 күнүнээҕи туругунан Киин 4 014 граждаҥҥа көмөнү оҥордо, ол иһигэр юридическай, психологическай, информационнай уонна волонтерскай өйөбүлү», - диэтэ Туйара Колесова.

Түмүккэ куорат салалтата, Дьокуускай куораттааҕы Дуума Олохтоох дьаһалта үчүгэй көрдөрүүлээх үлэһиттэригэр бочуотунай грамоталары, махтал суруктары туттардылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....