26.10.2022 | 14:00 | Просмотров: 671

Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара тырааныспар нолуогуттан босхолоноллор

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээһининэн анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүр саҥа миэрэ олохтонно – кинилэр 2022 сылга тырааныспар нолуогуттан босхолоноллор.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Байыаннай сулууспалаах аатыгар регистрацияламмыт тырааныспар бары көрүҥэр уонна нолуок уорганнарыгар сайабылыанньата суох ити миэрэни киллэрэллэригэр сорудахтаатым», - диэтэ Айсен Николаев.

Ити курдук, сокуон олоххо киирдэ даҕаны анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара тырааныспар нолуогун төлөөһүнтэн, туох да сайабылыанньата, докумуон хомуһуута суох, босхолоноллор.

Итиннэ сөп түбэһэр өрөспүүбүлүкэ сокуонун бырайыага бу күннэргэ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньах көрүүтүгэр киирэр.

Саҥа чэпчэтиинэн 2022 сыл олунньу 24 күнүттэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллыбыттар уонна байыаннай сулууспалаахтар, итиэннэ хантыраагынан барбыттар туһаныахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Доҕорум олоҕун олорон
Сынньалаңңа | 12.05.2026 | 18:30
Доҕорум олоҕун олорон
Бадаҕа 4-5 сыллааҕыта этэ. Мииринэй куоракка олорор үөлээннээҕим олоҕун орто омурҕанын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр ыҥырбыта. Сөмөлүөт билиэтиттэн матан, сиринэн айанныыр «дьолломмутум».
Олеся, эн кыайыыҥ  – биһиги дьолбут!
Сонуннар | 13.05.2026 | 14:31
Олеся, эн кыайыыҥ  – биһиги дьолбут!
Амма уонна Үөһээ Бүлүү сириттэн төрүттээх Толстоуховтар дьиэ кэргэн биэс оҕолоруттан Олеся пауэрлифтинг көрүҥэр Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолан кэллэ. Бу үөрүүлэрин төрөппүттэрэ үллэһиннилэр.
Спорт нөҥүө олоххо тардыһыыны саҕар педагог
Сонуннар | 14.05.2026 | 10:25
Спорт нөҥүө олоххо тардыһыыны саҕар педагог
Дьокуускай куоракка доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго аналлаах оскуоланы үгүс киһи 34 №-дээх оскуоланан билэр. Бу оскуола быйылгы үөрэх дьылыгар саҥа дьиэҕэ киирэн, билигин сурукка киирэр аата «Адаптивнай үөрэхтээһин комплекса» диэн. 
Дьүөгэ
Сынньалаңңа | 13.05.2026 | 18:30
Дьүөгэ
Мин Ньукку диэн дьүөгэлээхпин. Дьүөгэм барахсан чуумпу, чуҥкук олохпун үөрэн-көтөн, кэпсээн-ипсээн аймаан кэбиһэр идэлээх.