Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 160-тан тахса оҕолоро устудьуон буоллулар

«Итинтэн 89 оҕо орто анал үөрэх уонна 73-һэ үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирдилэр. Бастакы уочаратынан үөрэххэ ылыы байыаннай сулууспалаахтарга бэйэлэригэр эмиэ көрүллэр. Ол курдук, байыаннай дьайыы 12 кыттыылааҕа устудьуон буоллулар. Үс киһи орто анал үөрэх, оттон тоҕуһа – өрөспүүбүлүкэ үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирдилэр. Итиэннэ орто анал үөрэх уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр анал эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолорун тус сыаллаах үөрэххэ көһөрдүлэр, кинилэргэ үрдүк истипиэндьийэ төлөнөр», – диэн бэлиэтээтэ Георгий Степанов.
Өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай сулууспалаахтар оҕолоругар ураты болҕомто ууруллар. Вице-премьер иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын ыйаахтарынан элбэх өйөбүл оҥоһуллар, холобур, төрөппүттэр оҕо уһуйаанын төлөбүрүттэн босхолоноллор. Ити өйөбүлүнэн региоҥҥа 1 415 төрөппүт туһанар.
Итини таһынан, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар чэбдигирдэр лааҕырдарга сынньанар босхо путевка көрүллэр. Быйыл сайын босхо путевканан туһанан 1 823 оҕо сынньанна. Итиэннэ байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 5-11 кылаастарын үөрэнээччилэрэ, босхо итии аһылыгынан хааччыллаллар. Ити миэрэнэн 1 240 оҕо хабылынна.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэри оҥоруу салҕанар.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



