23.05.2024 | 14:00

Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа үлэ булар кыахтаах дуо?

Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа үлэ булар кыахтаах дуо?
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ киин куоракка Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан тэриллибит байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуондаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр үлэ дьаарбаҥката буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ оробуочай миэстэлэри өрөспүүбүлүкэ 14 бөдөҥ тэрилтэтэ билиһиннэрдэ.

— Саха сирин дьарыктаах буолууга кэмитиэтэ ааспыт сыл сэтинньи ыйыттан «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай пуонданы кытта ыкса үлэлиир.

Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатын бары тэрилтэлэригэр уонна салааларыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар Биир кэлим күн ыытылла турар. Бу тэрээһиҥҥэ Дьарыктаах буолуу сулууспатын таһынан ыччат министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Социальнай-психологическай өйөбүл киинин үлэһиттэрэ кытталлар. Ол курдук, дьаарбаҥка кыттыылаахтара бэйэлэрин долгутар боппуруостарын түргэнник быһаартарар кыахтаахтар, ону таһынан экспресс-диагностиканы эмиэ тута миэстэтигэр ылаллар»,— диэн СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Горюшинская кэпсээтэ.

 

Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа урукку үлэтигэр төннөр кыахтаах дуо?

Өрөспүүбүлүкэ дьарыктаах буолууга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Горюшинская:

— Бары билэрбит курдук, анал байыаннай дьайыы хас биирдии байыаһа бэйэтин урукку үлэлээбит сиригэр, дуоһунаһыгар төннөр кыахтаах. Ол эрээри, олох көрдөрбүтүнэн, сорох түгэннэргэ байыаннай киһи урукку үлэтигэр төннүөн баҕарбат. Онон кинилэргэ анаан уопсастыбаҕа киирэргэ, үлэ-хамнас чэрчитинэн алтыһыыга анал усулуобуйа тэрийиэхтээхпит, ханнык тэрилтэлэргэ туох-ханнык үлэ миэстэлэрэ баарын иһитиннэриэхтээхпит. Манна даҕатан этэр буоллахха, кэмитиэт иһинэн анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа саҥа идэҕэ үөрэнэн, уопсастыбаҕа бэйэтин суолун булунар кыахтаах. Бу тэрээһин уопсай сыала-соруга биир – анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа биһиги уопсастыбабытыгар адаптацияны түргэнник ааһара уонна, биллэн турар, үлэ миэстэтинэн хааччыллара»,— диэн бэлиэтиир кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ.

 

Дьаарбаҥка кыттыылаахтара үлэ булуннулар дуо?

Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ тэрилтэлэрэ – «Якутия» ФАПК АУо, «Россельхозбанк» АУо, «Якутскэнерго» тэрилтэ, «Мои документы» киин, «Якутлесресурс» тэрилтэ, «Горсвет» МУТ, «ЛОРП» ПАУо уо.д.а. араас хайысхалаах үлэ миэстэлэрин билиһиннэрдилэр.

Александр, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа:

— Мин анал байыаннай дьайыыга барыам иннинэ бөдөҥ промышленнай тэрилтэлэргэ үлэлээбитим. Ол курдук «Анаабыр алмаастара» хампаанньаҕа БелАЗ, Урал массыыналарга, «Золото Селигдара” тэрилтэҕэ эмиэ суоппардаабытым. Бэрт таһаарыылаахтык үлэлии сырыттахпына анал байыаннай дьайыыга ыҥырбыттара. Дьиҥэр, категория барыта баар буолан, ханнык баҕар тэрилтэҕэ наадалаах киһибин. Байыаннай дьайыы кэмигэр байыаннайдары таспытым, сэрии сэбин-сэбиргэлин тиэйбитим уо.д.а. Билигин бэйэм орто үөрэхпинэн үлэ көрдөнө сылдьабын – «инженер-механик», «суол маастара» идэлэргэ. Маны таһынан М.К.Аммосов аатынан ХИФУ автодорожнай факультетыгар бэһис кууруска үөрэнэбин. Холобура, механик идэтэ син биир суол тутуутугар хайаан да наада. Бу дьаарбаҥкаҕа сылдьан «Дороги Арктики» тэрилтэ биэрэр идэлэрин сэргээтим, мин кинилэргэ сөп түбэһэр эбиппин.

Маннык тэрээһиннэри ыытар төһө туһалаах дии саныыгын?

— Мин санаабар, анал байыаннай дьайыыттан  кэлбит киһи санаата-оноото, олоҕу көрүүтэ, хайысхата, олоххо ирдэбилэ барыта уларыйан кэлэр. Атын настройдаах, патриотическай санаалаах төннөллөр. Бачча тыыннаах кэлэн баран, этэҥҥэ олоҕу оҥостон олоруохтаах буоллаҕа дии. Олох ирдэбилинэн оҕолонон-урууланан, дьиэлэнэн-уоттанан сиэрдээхтик олороругар, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыырыгар бу курдук тэрээһиннэр көмө-тирэх буолаллар.

Алексей Я., анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа:

— Дьаарбаҥкаҕа промышленнай тэрилтэлэргэ үлэ миэстэлэрин кытта билистим. Кэпсэтии түмүгүнэн дьарыктаах буолуу киинин хайысхатынан «Янолово» АУо тэрилтэҕэ вахтовай үлэҕэ 5 разрядтаах промышленнай прибор машиниһынан киирдим.

Егорова Елена, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын ийэтэ:

Эһиги санааҕытыгар, бүгүҥҥү тэрээһин төһө суолталааҕый, уолгутугар сөптөөх үлэни көрдүгүт дуо?

— Дьаарбаҥка бэрт үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Мин көрдөхпүнэ, байыаннайдар да бааллар, кинилэр чугас дьонноро, кэргэттэрэ, ийэлэрэ да үлэ көрдөнөллөр эбит... Аҕыйах сиринэн кэрийэн көрдүм, бэрт интэриэһинэй уонна хамнастаах үлэ миэстэлэрэ бааллар эбит. Чахчы, биһиги оҕолорбут – байыаннайдар дьиэлэригэр кэлэллэригэр үлэ биэрэр тэрилтэлэр бэлэмнээхтэр эбит диэн бэлиэтиибин.

 

Манна эбэн этэр буоллахха, дьаарбаҥкаҕа сатаан кыттыыны ылбатах үлэ көрдөнөр байыаннайдар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ «Арассыыйаҕа – үлэ» диэн саамай улахан базалаах trudvsem.ru сайтка киирэн сөптөөх үлэ миэстэтин булуоххутун эбэтэр резюме хаалларыаххытын сөп.

 

Судаарыстыба көмөтүнэн бэйэҥ бизнескин арын!

Анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ, «БАРС-18» этэрээт чилиэнэ Дьааҥы улууһун олохтооҕо Николай К. ДНР Кыһыл Лиман куоратыгар штурмовик-пулеметчигынан сулууспалыы сылдьан ыарахан контузия ылан, дойдутугар төннөн кэлбит. Ол кэлэн урукку үлэтигэр сатаан киирбэккэ, нефть базатыгар үлэлии сылдьан барбыт, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалыгар тиийэн көмө көрдөөбүт.

Социальнай координатор Туяна Макарова киниэхэ идэ ыларга уонна бэйэ дьыалатын арынарга сүбэлээбит. Онон Николай «технологическай эти оҥоруу» куурустарыгар үөрэнэн, бу эйгэҕэ бэйэ дьыалатын арынар былааннаах. Ол инниттэн «Мин бизнеһим» киин иһинэн бизнес-балаан суруйбут уонна бу күннэргэ судаарыстыбаттан өйөбүл үбү-харчыны күүтэр.

Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, үс оҕолоох аҕа Николай К. түгэнинэн туһанан бары күүс-көмө, сүбэ-ама  буолбут исписэлиистэргэ махталын биллэрэр:

Туяна Семеновна бары боппуруостарынан хасыһан дьарыктанар, кыһалҕалары быһаарыыга ураты көрүҥнэри тобулар. Оскуолаҕа итии аһылыгынан хааччыйыыга путевканы буларга эмиэ көмөлөһөн турар, атын кыһалҕаларбытын быһаарда. Онон киниэхэ биһиги дьиэ кэргэммит махтала муҥура суох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....