20.06.2020 | 09:33

Байкал уонна Саха сирэ

Байкал уонна Саха сирэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрт оонньууларын (Ёрдынские игры) тэрийээччитинэн биһиги биир дойдулаахпыт, “Үргэл В” продюсердыыр тэрилтэ үбүлээччитэ, кикбоксиҥҥа Арассыыйа үтүөлээх тренерэ, “ТАЙНА ЧИНГИСХААНА” киинэ  уонна «Александр Невский в Срединном мире” испэктээк бырайыагын ааптара Владимир Иванов буолар. Кини саха норуотун аатын Азия дойдуларыгар билиһиннэрэр, биһиги олохпутун кэпсиир. Бүгүн Өрт оонньууларын туһунан сэһэргэстибит.

Өрт оонньуулара – Киин Азия норуоттарын Олимпийскай оонньуулара. Хамаандалар спорт национальнай көрүҥнэригэр күрэхтэһэллэр. Онно ат сүүрдүүтэ, тустуу, тааһы көтөҕүү, ох саанан ытыы, о.д.а. киирэр. Ердо диэн хайа үрдүгэр ойууннар уонна боотурдар оонньууларын кыайыылаахтара үрдүк Айыылартан күүс-уох көрдөһөллөр. Тыһыынчанан сыллар усталарыгар бу Ердо  хочоҕо элбэх ахсааннаах көс биистэр мусталлар.

Владимир, дорообо! Дьэ, сайыҥҥы сылаас күннэр турбуттарынан эҕэрдэлиибин уонна кэпсэтиигэ киириэххэ... Барыта хайдах саҕаламмытын кэпсии түс эрэ.

– Аан дойду бары олохтоохторо, Улуу Арассыыйабыт аатын  ааттаан, сөрү диэн сөҕөн-махтайан, кэнники кэмҥэ Байкалга тардыһар буоллулар. Байкал кистэлэҥин бу диэн чопчу ким да билбэт. Ол эрээри үйэлэри уҥуордаан  кэлбит үһүйээннэр, номохтор элбэҕи кэпсииллэр, араас сабаҕалааһыннары арыйаллар... Хаһан эрэ түҥ Тенгиз диэн Луо күөллэри, уулары, муоралары, сири, дьону барыларын араҥаччылыыр аналлааҕа үһү. Күөл үрдүнэн көтөн ааһар эбит. Кини барытын кэтээн көрөрө, дьон, норуот хайдах олорорун билэ сылдьара. Тенгиз уонна Ольтрек диэн луолар бааллара эбит.

Кылгастык кэпсээтэххэ, “ТАЙНА ЧИНГИС ХААНА” киинэ идиэйэтин  олоххо киириитин кэмигэр, Дьокуускай куоракка Бүрээт омуктар  уопсастыбаларын кытта билсибитим. Кинилэр миэхэ историческай наука доктора Дашинима Санжиевич Дугаров “Исторические корни белого шаманства” диэн кинигэтин биэрбиттэрэ. Дашинима Санжиевич аан маҥнайгынан Өрт оонньууларын наука өттүттэн суруйбут учуонай. 2000 сыллаахха бастакы оонньуулары ыытан баран, Олимпийскай циклинэн түөрт сылга биирдэ ыытарга быһаарыммыттара. Агафья Еремеевна Захарова, учуонай, филологическай наука кандидата, 2005 с. ЮНЕСКО-ҕа, олоҥхоҕо сыһыаннаах үлэтин көмүскээбитэ. Кини Дьокуускайга конференцияҕа кэлбит Дугаровы кытта билиһиннэрбитэ. Оччолорго «Чыҥыс Хаан» киинэм идиэйэтэ баар этэ уонна Байкалга тиийэммин оонньуулары устуохпун баҕарабын диэн эппитим. Кырдьык, бу сүдү тэрээһин биһиги ыһыахпытыгар олус маарынныыр. Учуонай киһи идиэйэни тута хайҕаабыта. Анатолий Игнатьевич Гоголев, Николай Егорович Петров, Андрей Саввич Борисов эмиэ өйөөбүттэрэ. Монголия Бырабыыталыстыбата, Иркутскай уобалас уонна Бурятия миниистирдэрэ эмиэ.

Ол кэмтэн ыла элбэх үлэ барда. Дойду уонна регионнар кыттааччылара национальнай спорт көрүҥнэрин билиһиннэрэллэр уонна ким баҕалаах кыттыан сөп диэн быһаарыыны киллэрбиттэрэ. Бу аҥаардас спорт эрэ күрэхтэһиитэ буолбакка, кэрэ куолар күрэстэрэ, хоровой үҥкүүлэр, ырыалар ыытыллаллар. Оонньуулар Хунн уонна Байкал Курыканнарын саҕаттан үөскээбит дииллэр. Бүрээт үгүс учуонайдара этэллэринэн, саха норуотун дьонун  уонна ыһыаҕы кытта ыкса ситимнээх. Ол туһунан элбэхтик 2019 с. сэттис оонньууларга чорботон эппиттэрэ.

ИС ДЬИҤЭ МАННЫК...

2004 с. иккис Өрт оонньуулара Иркутскай уобаласка ыытыллыахтаах этэ. Ол эрэн Бырабыыталыстыба өйөөбөтөҕө, онно Саха сирэ Өрт оонньуулара курыканнары кытта сибээстээҕин билэн баран, Чыҥыс Хаан киинэни устарга этии киллэрбитэ. Ол курдук, 15 сыл анараа өттүгэр саха делегацията Өрт оонньууларыгар тэрийээччи уонна кыттааччы быһыытынан кыттыбыта. Бу тэрээһин саха Ыһыаҕар, буряттар Сурхарбаннарыгар, тувиннар уонна монголлар Наадымнарыгар, алтайдар  Эль-Ойыннарыгар, хакастар Тун Пайрамнарыгар, татаардар уонна башкирдар Сабантуйдарыгар, казахтар уонна кыргызтар Наврузтарыгар олус майгынныыр. Былыр бу чугастыы сытар араас омук  бухатыырдара оонньууллар уонна күрэхтэһэллэр эбит.  Быһаччы эттэххэ, бэйэтэ Олимпийскай оонньуулары санатара. Арктикатааҕы искусство уонна эпос киинэ  Сайсары күөлгэ тутуллара элбэҕи этэр. Моҕол ураһата, Омоҕой Баай, Олоҥхо, ыһыах уонна моголлар, курыканнар, хуннар тенгрианствоны кытта  биир ситимнээхтэр. Билигин бу боппуруоска Анна Ивановна Гоголеваны уонна Саха театрын худуоһунньугун кытта “Игры детей Неба и Земли” диэн ааттаах кинигэни оҥорорго үлэлиибит.

Арктикатааҕы  искусство уонна эпос  киинин чэрчитинэн «Хотугу форум”, “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар штабтарын киллэрэр былааннаахпын. Манна “Дыгын оонньуулара” спортивнай күрэхтэһии биир сүрүн “катализатордарынан” Дьокуускай куорат уонна былыргы Олимпия буолуохтаахтар.

Бу идиэйэҕитин тугу кытта ситимниигит?

Биһиги идиэйэбит өрөспүүбүлүкэбит туризмы сайыннарыыга уонна инвестицияны хаҥатарга улахан суолталаах.

Оонньуулар сылын ахсын ыытыллыбаттар эбит дии.

2011 сылтан икки сылга биирдэ ыытарга быһаарыы ылыллыбыта. Аныгыскы оонньуу 2021 с. ыытыллыахтаах.

Дьэ, бу оонньууларга уруулуу тутаҥҥын пьеса туруорбут эбиккит...

Биэс сыл анараа өттүгэр Өрт оонньууларын чэрчитинэн “Александр Невский в Срединном мире “ диэн пьесаны туруорбуппут.  Режиссер – Андрей Борисов, сценарий ааптара – Марина Варбут, худуоһунньук- сценограф –  Михаил Егоров, көстүүмнэр худуоһунньуктара –  Сардаана Федотова. Сүрүн оруолларга Иннокентий Дакаяров, Александр Борисов, Василий Борисов оонньообуттара. Бары Саха театрын артыыстара уонна үлэһиттэрэ буолаллар. Бу – мин идиэйэм. Эhиил  Александр Невскэй төрөөбүтэ 800 сылыгар Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан биир бэлиэ киинэни уһулуохха сөп этэ.

Манна Ил Дархаммыт уонна Дьокуускай куорат баһылыга судаарыстыбаннай-чааһынай “партнерство” усулуобуйатыгар бөдөҥ продюсерскай хампаанньа тэрийэригэр улахан суолталаах.

МОҔОЙ

Хотугу моҕой ыһыах үөскээһинин кытта биир ситимнээх. Ордук Курыкаан уонна Хунн былыргыттан Саха сиригэр олохсуйбут уонна билигин Евразия көс норуоттарын кытта сибээстээхтэр. Бу дракон 2019 с. Өрт оонньуулара аһыллыыларын култуурунай бырагырааматыгар киллэриллибитэ. Урут Пекиннээҕи Олимпиада ыытылларын саҕана уонна 2008 с.  “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар култуурунай  бырагыраамаларыгар эмиэ киирэн турар.

Кытайга Хотугу моҕойу Соҕуруу Кытай улахан быраата дииллэр.

Хотугу моҕой сарсыарда аайы тыынар тыыннаахха барытыгар күүһүттэн-уоҕуттан бэрсэр, ону кытайдар  күн тахсыытынан билэллэр. Номоххо Моҕой Байкал күөлгэ олорор диэн кэпсэнэр. Ону саас аайы Өлүөнэ өрүспүтүнэн муус эстэн, Өрт оонньууларынан хоту атаараллар эбит. Үчүгэйдик ыһыахтаатахтарына сайын иһигэр Моҕойбут элбэх ардаҕы аҕалар диэн Байкал көс омуктара этэллэр.  Бу номохтон Моҕол-Монголлар үөскээн тахсыбыттарын туһунан кинигэ суруйа сылдьабыт.

ЕРД ХАЙАТА

Ерд хайата кыра хайалардаах сиргэ бэйэтэ соҕотох томтойон турар. Хайдах эрэ, ким эрэ анаан-минээн көһөҥө таастары аҕалбытын курдук. Айылҕа барахсан хайаны бэйэтэ оҥорор дииллэр. Бу диэн ким да билбэт. Өрт оонньуулара саҕаланыан иннинэ, Ерд тула ойууннар, удаҕаттар таайлаҕан диэн сиэри толороллор. Дьэ, ол кэннэ биирдэ саҕалыыллар.

ЫҺЫАХ

Ыһыах тенгрианствоны кытта сибээстээх. Ону биһиги Чыҥыс  Хаан уонна Александр Невскэй тиэмэлэригэр  көрүөхпүтүн сөп.  Сергей Шойгу “Урянхай. Тыва дептер” диэн кинигэтигэр Урааҥхайдар тустарынан элбэх суруллубут. Бу  кинигэни Национальнай библиотекаҕа туттарбыппыт, онтон ылан ааҕыахха сөп.

ДЬУОҔАР

Оһуокай диэн буолар. Манна “Фестиваль традиционного кругового танца евразийских народов” диэн ааттаах күрэх буолар. Оһуокайдьыттар, дьуоҕар этэр дьоммут Саха сириттэн куруук кытталлар.

БУХАТЫЫРДАР ООННЬУУЛАРА

Биһиги Дыгын оонньууларыгар майгыннатан “Игры батаров (богатырей) Срединного мира” диэн ааттаан многоборьеҕа күрэх  тэрийбиппит. Аатын мин толкуйдаабытым. Манна сахалар, буряттар уонна монголлар көрүҥнэрэ киирбиттэрэ. Биһиги дьоммут хас сырыы ахсын кытталлар. Эһиил атырдьах ыйыгар тэрийиэххэ диэн кэпсэтии ыыта сылдьабыт. Оччоҕо Дыгын оонньуутун кыайыылааҕа баран кыттыан сөп,  монголлартан,  тываттан уонна буряттартан Наадам уонна Сурхарбан кыайыылаахтара тиийэн кииристэхтэринэ, бэрт буолуо эбит.

Бэс ыйыгар эрдэ ыытыллар эбит дии.

Оннук! Сайын саҕата уонна биһиги ыһыахпытын кытта тэҥҥэ турар буолан, сахалар арыый аҕыйах буолан кыттар этибит. Тоҕо диэтэххэ спортсменнарбыт, бэргэн этээччилэрбит бары кэриэтэ маннааҕы ыһыахха кытталлар.

САХА ЫЧЧАТЫГАР

Бэйэҕит омуккут төрүттэниитин, култуурабыт уонна спорт сайдыытын куруук сэргиир буолуҥ. Төрүт омуктар бэйэбит да аҕыйах ахсааннаахпыт. Тыыннаах хаалар туһугар историябытын үөрэтиэхтээхпит. Оччоҕуна эрэ Улуу Арассыыйа сайдыытыгар, түһүүтүгэр-тахсыытыгар сомоҕобутун биллэриэхпит. Былыргыттан илдьэ кэлбит үгэстэрбитин сайыннарыахтаахпыт, оннунан хааларыгар уонна сайдыы суолугар күүскэ үлэлиэхтээхпит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...