22.03.2021 | 05:05

“БАТТЛ-Культ-шоу”

“БАТТЛ-Культ-шоу”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“ОЛОХ СААМАЙ УЛАХАН БЭЛЭҔЭ-

ҮТҮӨ САНАА...”

  Кулун тутар 19 күнүгэр Чаппандабыт нэһилиэгэр “Дьоҕур”норуот айымньытын дьиэтигэр Култуура үлэһиттэрин күнүн көрсө, биир дойдулаахпыт Иванова Ольга Владимировна Кореяҕа эмтэнэригэр анаан “Үтүө санаа”  Аһымал акция-куонкурус, уус-уран  салайааччы Саргылана Семенова идеятынан, проегынан “БАТТЛ-КУЛЬТ-шоу”, улууска аан бастакынан  үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.

   Бугунну күрэхпит сыала -соруга култуура эйгэтигэр үлэлиир дьоммут талааннарын киэн эйгэҕэ билиһиннэрии .Култуура үлэһиттэрин ыккардыгар доҕордоьуу сыһыаны үөскэтии буолар.

   Чаппанда эдэр ыччаттара аныгылыы, тэтимнээх үнкүүнэн күрэҕи саҕалаатылар, “Айыллыат” эр дьон ансаамбыла Чаппанда Өрөгөй ырыатын ыллаатылар.  Күрэхпитигэр биэс нэһилиэктэн кэлэн кытыннылар.. Маар нэһилиэгиттэн “Алгыс””  норуот айымнньытын киинин методиһа Антонов Николай Анатольевич, Мархаттан  муниципальнай тэриллии Социалистическай улэ героя Михаил Федорович Алексеев аатынан норуот айымнньытын дьиэтин салайааччыта Кутанов Владислав Михайлович, Малдьаҕар нэһилиэгиттэн  Никифор Семенов аатынан норуот айымнньытын киинин салайааччыта Слепцов Николай Борисович, Мэҥэдьэк нэһилиэгиттэн   Иван Яковлевич Танхаров аатынан култуура этнографическай киин звукооператора Попов Дмитрий Афанасьевич, Дьаархантан Дьаарханнаа5ы Дора Самуиловна Жиркова аатынан спорт уонна норуот айымнньытын киинин методиһа Пахомов Андриан Анатольевич  бэйэлэрин талааннарын көрдөрөн , түөрт түһүмэххэ күрэстэстилэр. Бастакы түһүмэххэ бэйэлэрин дойдуларын көрдөрөр,  хоһуйар, Өрөгөй ырыатын ыллаан, бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Иккис түһүмэххэ тэтимнээх сахалыы ырыа, үһүс түһүмэх нууччалыы ырыа, үһүс түһүмэх омуктуу тылынан ырыалар буоллулар. Хас түһүмэх ахсын сонунтан сонун ырыалар ылланнылар, талаан даҕаны арылынна. Көрөөччүлэр да сэргээн иһиттилэр, көрдүлэр. Ааспыт үйэ 80-90 сыллардааҕы , хит буола сылдьыбыт ырыалар А.Серов репертуарыттан “Я люблю тебя до слез..” Н.Антонов, украинскайдыы тылынан Софья Ротару репертуарыттан “Червона рута”Н.Слепцов, , украина норуотун ырыатын “Дывлюсь я на нэбэ” Дмитрий Попов, “Феличита”Н.Антонов. Саргылана Семенова бэйэтин толорууларыгар “Малиновка” , ВИА “Земляне” репертуарыттан “Трава у дома”  ырыалары ыллааннар ааспыт кэми санаттылар, оччотооҕу кэм тыына билиннэ.

 Күрэҕи иилээн-саҕалаан ыытааччылар: Саргылана Семенова, Петр Белолюбскай Антоновка “Түһүлгэ” н.а.дь. режиссера олус бэркэ саҥаран, билиһиннэрэн бэрт сэргэхтик туттан, үрдүк таһымҥа иилээн-саҕалаан ыыттылар, үчүгэй бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. Хас түһүмэхтэр ахсын бэйэбит олохтоох ырыаһыттарбыт “Эйээрэ” вокальнай ансаамбыл ырыаларынан күрэҕи өссө киэргэтэн, ситэрэн  биэрдилэр.

  Күрэх буолан баран эбэһээт дьүүллүүр тойон сүбэлээх буолар, ол курдук тойон дьүүллүүр сүбэҕэ идэтийбит : -Саха республикатын култуураҕа туйгуна ,үлэ бэтэрээнэ Никифорова Светлана Герасимовна, Ньурбатааҕы Ыстапаан Баһылаайап аатынан бастакы нүөмэрдээх оскуолатын музыкаҕа учуутала, Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Музыка  для всех” бырайыак чэрчитинэн (“Лучший учитель музыки”  )2021 сыл кыайыылааҕа Васильева Светлана Васильевна, А.Я.Овчинникова аатынан “Сааскылаана” оҕо саадын методиһа Бухолова Валентина Саввична буоланнар , көрөн-истэн, сөптөөх анал ааттары олохтоотулар, кыайыылааҕы быһаардылар. Ол курдук күрэх түмүгүнэн маннык анал ааттар иҥэрилиннилэр:  “Лучший исполнитель Гимна” Николай Слепцов , Лучший исполнитель Якутских песен” Дмитрий Попов , “Лучший исполнитель Русской песни” Владислав Кутанов, “Лучший исполнитель зарубежных песен” Андриан Пахомов, күрэх муҥутуур кыайыылааҕа “Гран-при”-ны биир дойдулаахпыт Николай Антонов ылыан ылла. Бары күрэх кыттааччылара анал грамоталарынан, сыаналаах бэлэхтэринэн бэлиэтэннилэр. Күрэххэ бэйэлэрин үлэһиттэрин өйөөн кэлбит кэллиэгэлэрбитигэр: Маар, Марха, Мэҥэдьэк, Малдьаҕар, Дьаархан кулуубун үлэһиттэригэр уонна күрэхпит кыттааччыларыгар, Тойон дьүүллүүр сүбэҕэ, курэх тэрийээччитигэр, уус-уран салайааччыга Саргылана Семеновнаҕа, Петр Белолюбскайга  хаһыат нөҥүө барҕа улахан махталбытын тириэрдэбит. Үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, доруобуйаны, дьиэ кэргэннитигэр бары үтүөну баҕара хаалабыт.Көрөөччүлэр да көрөн астынныбыт, өссө да маннык тэрээһиннэр буола туруохтара.

  Бу аһымал акцияҕа күрэх түмүгүнэн 35000 суумаалаах  киирбит харчы барыта Ольга Владмировна эмтэнэригэр ананар. Этэҥҥэ эмтэнэн үтүөрэн кэлэригэр баҕарабыт. “Күн киһитэ көмүскэс, айыы  киһитэ аһыгынас санаалаах...”.

Е.С.Тимофеева, бибилэтиэкэр

Чаппанда нэһилиэгэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...