23.02.2023 | 14:00

Баттахпытын тупсарабыт

Баттахха эмиэ, бүтүн организмҥа курдук, кыһын битэмиин тиийбэт, куурар-хатар. Ону бөҕөргөтөр, «тилиннэрэр» сүбэлэри көрүөҕүҥ.
Баттахпытын тупсарабыт
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хартыыһалаах мааска

Бу мааска баттаҕы уһатар, түргэнник үүннэрэр уонна бөҕөргөтөр аналлаах.

Састааба:

2 ост. ньуоска хартыыһа бороһуога;

2 ост. ньуоска итии уу;

1 сымыыт уоһаҕа;

2 ост. ньуоска оливки арыыта;

2 чайнай ньуоска мэлии саахар.

Хартыыһаны 2 ост. ньуоска итии ууга суурайабыт, саахар эбэбит. Сойо түспүтүн кэннэ сымыыт уоһаҕын, оливки арыытын кутабыт, үчүгэйдик булкуйабыт. Ити кэнниттэн баттахпыт төрдүгэр биһэбит уонна 10 мүнүүтэ тутабыт. Наһаа күүскэ ититэр, аһытар буоллаҕына, өр туппаппыт. Сылаас уунан сайҕыыбыт, шампунь куттан сууйабыт.

 

Кэбирэх баттаҕы бөҕөргөтөр мааска

Састааба:

2 сымыыт;

30 г касторовай арыы.

Сымыыты касторовай арыыны кытта булкуйан баран баттахпытын бүтүннүү биһэбит, икки чаас итинник сылдьабыт. Ити кэнниттэн оҕо шампунунан суунуҥ диэн сүбэлииллэр.

 

Кырааскалаах баттах мааскалара:

Ромашка+сымыыт. Бу мааска баттаҕы эрэ буолбакка, баттах кырааскатын эмиэ бөҕөргөтөр, кырааска өр суураллыбатын хааччыйар. Аптека ромашкатын оргуйаатынан ууга кутан 4-5 чаас туруоруохха эбэтэр хонноруохха сөп. Онтон сымыыты кытта булкуйан баран куурбут-хаппыт (сухой) баттахха сотуллар. Куурбутун кэннэ сылаас уунан сайҕаныллар. 

Эриэппэ луук + мүөт + мас арыыта + сымыыт уоһаҕа

Бу эмиэ куурбут-хаппыт баттахха барсар мааска. Луук сүмэһинин ыгабыт уонна мас арыытын кытта булкуйабыт, сымыыт уоһаҕын уонна мүөтү эбэбит. Бары тэҥ өлүүлээх буолуохтаахтар, баттах төһө уһуннуттан көрөн. Биир остолобуой ньуоскалыы буоллаҕына, орто уһуннаах баттахха сөп буолар. Мүөтү кутуох иннинэ сылытар ордук. Бэлэм маасканы саҥа сууммут баттахпытыгар биһэбит, 30 мүнүүтэ тутабыт, онтон шампуннаах сылаас уунан сууйабыт, үчүгэйдик сайҕыыбыт.

Кефирдээх мааска

Туох даҕаны улахан ороскуота уонна түбүгэ суох мааска: дьиэ температурыгар турар сылаас соҕус кефиры баттахпытыгар бүтүннүү биһэбит уонна 20-30 мүнүүтэ тутабыт. Баттах төһө уһуннуттан көрөн, ортотунан 300-600 мл барар.  Кефир оннугар суораты туттуохха эбэтэр сымыыт уоһаҕын, оливка арыытын эбэн биэриэххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....