Бастыҥ норуот тыйаатыра 100 тыһ. солк. сүүйдэ
Драматург, Алампа аатынан бириэмийэ лауреата Дмитрий Федосеевич Наумов көҕүлээһининэн, Норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэтин өйөбүлүнэн Дмитрий Наумов айымньыларынан «Өрөсүссүөрдэр күөн күрэстэрэ» диэн күрэх бу күннэргэ бэһис сылын буолан ааста.
Быйылгы күрэх Хатас нэһилиэгэр Дмитрий Наумов «Гибернация» диэн айымньытынан ыытылынна. Манна даҕатан эттэххэ, Дмитрий Наумов айымньыларын баһыйар өттө дьиҥнээх олоххо баарга олоҕураллар. Бу да айымньы тиэмэтэ Гавриил Угаров «Гипобиология» научнай үлэтигэр баар эбит.
Тэрээһин ааптарын биир сүрүн сыала – норуодунай театрдарга көмө, өйөбүл быһыытынан 100 000 солкуобай уу харчынан бириэмийэни туттарыы. Ааптар, көҕүлээччи бэйэтэ тыаҕа үөскээбит, улааппыт, кэлин араас салайар үлэҕэ эриллибит буолан, сатабылын, өр сылларга мунньуммут баай уопутун дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕата, көмөлөстөрбүн, тирэх, өйөбүл буолларбын диэн санаалаах тиэрдэрэ хайҕаллаах.
Быйылгы тэрээһин кыттыылаахтара кимнээхтэрий? Бастатан туран, киэн тутта, сөҕө-махтайа, махтана кэпсиир кэлэктииппит – Анаабыр улууһугар 1978 сылтан үлэлиир Сааскылаах М.П. Решетникова аатынан норуодунай тыйаатыра (өрөсүссүөр Зинаида Андросова). Кинилэр бу бэһис төгүлүн ыытыллар тэрээһиҥҥэ иккис кэлиилэрэ. Бастакытын Аммаҕа кэлэн соһуппуттара да, үөрдүбүттэрэ да. 2621 км сааскы халтараан суолунан чахчыта да баҕалаах дьон кэлэллэрэ мөккүөр буолбатах. С. Иванов-Чочу Сэмэнэ аатынан норуот тыйаатыра (өрөсүссүөр Нюргуна Дмитриева) Бүлүү улууһун Чочутуттан бу тэрээһиҥҥэ аан маҥнайгы кыттыыта. Мэхээлэ Дьөгүөрэп аатынан сынньалаҥ киинин Бэрдьигэстээхтээҕи норуот тыйаатыра (өрөсүссүөр Елизавета Мартынова) иккиһин кытынна. «Сыккыс» норуот тыйаатыра Аллараа Бэстээхтэн (өрөсүссүөр Мария Владимирова) чаҕылхай туруоруулара кэрэхсэттэ. Уонна Хатастааҕы норуот тыйаатыра (өрөсүссүөр Евдокия Семенова) эмиэ икки бөлөҕүнэн кытынна.
Быйылгы күрэх биир уратыта – бирииһи биэрээччи, айымньы ааптара түмүгү таһаарыыга... оруола суох. Кыайыылааҕы дьүүлүүр сүбэ быһаарда. Бу түгэни Дмитрий Федосеевич маннык быһаарар:
– Мин суруйбутум – туһунан айымньы, онтон режиссердар туруоруулара – эмиэ туһунан айымньы.
Бу түгэн ааптар анал үөрэхтээх дьоҥҥо ытыктабылын, кинилэр көрүүлэрин билиниитин, киһи быһыытынан үтүө хаачыстыбатын, үрдүк култууратын туоһулуур.
Театрдар бары да ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн, бэйэлэрин көрүүлэрин көрөөччүгэ тиэрдэрдии сыал-сорук туруорунан кэлбиттэр. Ол эрэн, саха дьонун сиэринэн, бары сэмэйдэр, били, “Туох сонун?” диэтэххэ, “ээ, суох, улахан сонун суох” диэн баран бүппэт сэһэн курдук, бастаан бары «ээ, бэлэммит үчүгэйэ суох” дэспиттэрэ. Анаабырдар ынах сүөһү быһыытын-майгытын билбэттэрин, чочулар урукку өттүгэр элбэх күрэххэ кыттыбатахтарын ахтыбыттара. Оттон Бэрдьигэстээх тыйаатырыгар бу испэктээк, этэргэ дылы, «через тернии к звездам» төрөөбүт, күн сирин көрбүт. Ыарыы-дьаҥ да мэһэйдээбит, айаннарыгар тиэхиньикэ да моһуоктаабыт.
Күрэҕи Аллараа Бэстээх саҕалаата. Эдэр уолаттар итэҕэтиилээхтик оонньообуттара саха дьоно сүөһү көрүүтүгэр хас эмит үйэлэр тухары үөрүйэхпит баар эбит диэн санааны үөскэтэр. Биир бэйэм ити оонньообут уолаттар күн бүгүн сүөһү көрө сылдьалларын 100 бырыһыан саарбахтыыбын. Онон бу испэктээккэ өрөсүссүөр сыалын-соругун ситистэ диэххэ наада. Дьэ ити курдук биир айымньыны алтата көрдүбүт даҕаны, сырыы ахсын саҥаттан саҥа, сонунтан сонун көстүүлэри, көрүүлэри сэргээн, бириэмэни билбэккэ да хааллыбыт. Хас биирдии театр сулустардаах, чаҕылхай уобарастардаах, табыллыбыт түгэннэрдээх.
Быйылгы тэрээһиммит биир үөрүүлээх сонунунан Томпо улууһун Кириэс-Халдьаайытын кулуубун дириэктэрэ Альбина Баланова исписэлииһин кытта, Сунтаардааҕы норуот тыйаатырын дириэктэрэ Екатерина Григорьева анаан-минээн кэлэн көрбүттэрэ-истибиттэрэ, маастар-кылааска дьарыктаммытьтара буолар. Ол аата географиябыт кэҥээтэ.
Дьүүллүүр сүбэ сүбэлэһэр, ырытыһар кэмигэр Дьокуускайдааҕы А.Д. Макарова аатынан култуура уонна искусство колледжын уһуйааччыта Оксана Артуровна Феофанова «Театр без границ» диэн киэҥ ис хоһоонноох, араас элбэх ньыманы көрдөрөр, субу тутуһан туран хамсаан-имсээн көрдөрөр маастар-кылааһы ыытта.
Оттон дьүүллүүр сүбэ састаабыгар РФ театральнай диэйэтэлэрин сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ култууратын туйгуна, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын кылаабынай өрөсүссүөрэ Александр Титигиров, РФ театральнай диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Геокультурнай сайдыы үнүстүтүүтүн сүрүннүүр методиһа Саргылана Адамова – Алтан Кыыс, СӨ норуот айымньытын дьиэтин норуот айымньытын отделын сэбиэдиссэйэ Алексей Захаров курдук биллэр-көстөр дьон үлэлээтилэр.
Түмүккэ «Бэстибээл эрэлэ” номинация хаһаайынынан Чочу (Бүлүү), «Бастыҥ актерскай састаап” – Бэрдьигэстээх (Горнай), “Бастыҥ дьахтар оруола (сүрүн)” – Сааскылаах (Анаабыр, Мила Андросова (Сергеева), “Бастыҥ дьахтар оруола” – Бэрдьигэстээх (Горнай, Варвара Саввина), “Бастыҥ дьахтар оруола (2-с былаан) – Бэрдьигэстээх (Горнай, Светлана Обутова), “Бастыҥ эр киһи оруола (2-с былаан) – Чочу (Бүлүү, Рудольф Томскай) буоллулар. Оттон олохтоох, күрэх хаһаайына Хатас тыйаатыра «Бастыҥ сценография”, «Бастыҥ көстүүм”, “Бастыҥ музыкальнай киэргэтии”, “Бастыҥ эр киһи оруола” анал ааттары ылары ситистэ. Итиэннэ Петровтар династияларын анал бирииһэ Хатас норуодунай тыйаатырын өрөсүссүөрэ Евдокия Семеноваҕа ананна.
Дьэ уонна сүрүн 100 000 солкуобайдаах кылаан кыайыылаах үрдүк аата Аллараа Бэстээх (Мэҥэ Хаҥалас) туттарылынна.
Манна даҕатан киэн туттан эттэххэ, «Бастыҥ оруол” диэн анал ааты ылбыт Мила Андросова Хатас орто оскуолатын бүтэрбитэ. Ийэлээх аҕата Мария, Филипп Сергеевтар уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылаахтара, Хатас олохтоохторо.
Күрэх тэрээһинин чэрчитинэн биирдии өрөсүссүөргэ анал суруктаах-бичиктээх сувенир куруусканы, хаартыскаҕа түһэргэ аналлаах баннеры Хатастааҕы норуодунай тыйаатыр кэлэктиибэ уйунна. Суругун-бичигин, полиграфиятын, видеофото, анализтыыр матырыйааллары оҥорууну, сценаны, уоту-күөһү, дьиэни-уоту, тупсаҕай усулуобуйаны, аһы-үөлү, куйаар нөҥүө быһа биэриини «Тускул» КК бэлэмнээтэ.
Күрэҕи көҕүлээччи Д.Ф. Наумов быйылгы тэрээһин ис-иһиттэн холку, ыраас тыыннаах, сахалыы наҕыл-холку тэтимнээхтик ааспытын бэлиэтээтэ.
Бу тэрээһиҥҥэ төһүү күүс буолбут Хатастааҕы норуот тыйаатырын артыыстарыгар, Маалгын түөлбэ, «Алгыс” бэтэрээннэр кулууптарын салайааччытыгар Александра Ефимоваҕа, Петровтар династияларыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Этэҥҥэ буол, ытыктабыллаах Дмитрий Федосеевич!