18.06.2024 | 15:57

Бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы кинигэ дьаарбаҥката күүтэр

Бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы кинигэ дьаарбаҥката күүтэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куораттааҕы SMART библиотекаҕа уонна Орджоникидзе болуоссатыгар бэс ыйын 27-28 күннэригэр Олохтоох дьаһалта уонна Арассыыйатаҕы ыччат судаарыстыбаннай библиотекатын өйөбүллэринэн «Книжный ветер» Бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы кинигэ дьаарбаҥката буолаары турар. 
Дьокуускай куорат библиотекаларын ситимин дириэктэрэ Нюургуяна Решетникова иһитиннэрбитинэн, дьаарбаҥка сарсыарда 11:00 чаастан киэһэ 19:00 чааска диэри үлэлиэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр күнүс 12:00 чаастан Орджоникидзе болуоссатыгар уонна SMART-библиотекаҕа былааннаналлар. Тэрээһин чэрчитинэн кинигэ быыстапката, маастар-кылаастар, суруйааччылары кытта көрсүһүүлэр, араас күрэхтэр ыытыллыахтара. Итини сэргэ бэс ыйын 27 күнүгэр улаатан эрэр оҕолорго аналлаах литератураны кытта үлэ тиэмэтигэр саха мифологиятыгар олоҕурар «Солнце в силках» фэнтези ааптара Марина Сычева бэйэтин уопутун үллэстиэҕэ, «От идеи до книги» маастар-кылаас ыытыаҕа, диэн иһитиннэрэр Дьокуускай куорат библиотекаларын ситимэ 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...