06.03.2020 | 08:28

Бастакы хардыы

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

*Бэлэмнээтилэр Маргарита Степанова (Акимова)

                               Лилиана Антонова   

Өрөспүүбүлүкэ иһинэн оскуоланы араас кэмнэргэ бүтэрбит выпустар түмсэр хамсааһыннарыгар биһиги, 1985 сылга бүтэрбиттэр, былырыыҥҥы Сомоҕолоһуу сылыттан кыттыспыппыт. Биир дириҥ ис хоһоонноох хамсааһыммытынан ҮТҮӨ ДЬЫАЛА КУБОГА буолар.

Сахабыт сирин киэҥ киэлитинэн иилии эргийэр аналлаах ҮТҮӨ ДЬЫАЛА КУБОГА ааспыт сыл атырдьах ыйын 8 күнүгэр Ньурбаттан куорсун анньыммыта. Күндү ааҕааччыларбыт, бүгүн биһиги Кубокпыт бастакы үс улууска – Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү – сырыытын кэпсиэхпит.

Ньурбалар - аартыгы арыйааччылар

Ньурба бастакы улуус буоларынан, сүрдээх эппиэтинэстээх кэмнэр этилэр. Хас биирдии нэһилиэги үтүө дьыалаҕа көҕүлээһин, кырдьыга да, кэбэҕэстик оҥоһуллубат дьыала. Элбэх кэпсэтииттэн, хас биирдии киһиэхэ саҥа хамсааһыны быһаарар тэрээһин үлэттэн тахсар. Ньурба выпускниктара ити күннэргэ биир сомоҕо буолан, оройуон киинигэр баар спорт комплекска сертификат туттарыылара Үтүө дьыалаҕа бастакы хардыы этэ. Ону таһынан олохтообут кубоктарын улуус бары нэһилиэктэринэн сырытыннаран, үгүс өрүттээх үлэни ыыппыттара. Ахтан-санаан ааһыахха эдэр ыалга КамАЗ массыынанан буор куттарбыттарын, эдэр ыал дьиэ туттарыгар харчынан көмө оҥорбуттарын, саастаахтары аһынан-үөлүнэн күндүлээбиттэрин, кырдьаҕастар библиотекаларыгар, реабилитационнай кииҥҥэ кинигэ бэлэх ууммуттарын, скверга ыскамыайка туруорбуттарын, дьиэлэрэ уокка былдьаммыт ыалга, оскуолаҕа киирэр элбэх оҕолоох ыалга аадырыстаах көмө оҥорбуттарын, уо.д.а. үтүө дьыалаларын.

Беседка тутуутугар тутаах үлэһиттэрбит Михаил Григорьев, Степан Калачиков, Иван Иванов, Альберт Афанасьев, Максим Куприянов, Бүлүү-85

Ити курдук Кубок салгыы Үөһээ Бүлүү улууһугар айаннаабыта. Туттарсыы долгутуулаах сиэрэ-туома Түүкээн үрэх үрдүгэр ыытыллыбыта. Бу эмиэ кырата суох эппиэтинэстээх, долгутуулаах тэрээһин этэ. Тоҕо диэтэххэ атын улуустар кинилэртэн холобур ылыахтаахтара. Онон өйөбүл быһыытынан кинилэргэ Дьокуускай куораттан анал автодесант тиийбитэ. Үөһээ Бүлүү Бүлүү улууһун 85-тэрэ Үтүө дьыалаларын оскуолаларынан ыыппыттара. Ол курдук, хоролор олохтоох балыыһаҕа 25 000 тыһыынча суумалаах медоборудованиеҕа сертификат туттарбыттара, дүллүкүлэр сайыҥҥы уу ситимин тардыыга харчынан көмө оҥорбуттара, Боотулуу 85-тэрэ оскуолаларыгар альбом-кинигэ бэлэхтээбиттэрэ, Нам выпускниктара Петр Тобуруокап музейыгар улахан субуотунньук тэрийбиттэрэ, оскуола материальнай базатыгар 50 000 суумалаах көмө оҥоһуллубута, ороһулар спорт балаһааккаҕа субуотунньуктаабыттара, дэриэбинэ суолун көннөрүүгэ тус кылааттарын киллэрбиттэрэ, Үөһээ Бүлүү оскуолалара улуус киинигэр хаарбах дьиэни көтүрүү бырагырааматынан субуотунньуктаабыттара. Оттон үөрэнээччилэр учууталга махталларын дьиэ тутан биллэрбиттэрэ, бука, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сэдэх көстүү буолуохтаах. Ол курдук, Далыр 85-тэрэ өссө икки сыллааҕыта учууталларыгар Аксаков А.П. туппун дьиэлэрин сыл аайы ситэрэргэ үлэлэһэллэр. Ити курдук болдьоммут 10 күн күргүөмнээхтик ааһан, Кубок номнуо үһүс улууһугар – ыаллыы сытар Бүлүүгэ туттарыллар үөрүүлээх түгэнэ Чыбыыда үрэххэ ыытыллыбыта. Номнуо өрөспүүбүлүкэни бүттүүнүн өрө күүрдэн эрэр сонун тэрээһиҥҥэ 60-ча выпускник мустубута. Бүлүү 85-тэрэ төрөөбүт куораттарын үбүлүөйүнэн бэйэлэрин илиилэринэн тутан-хабан, 85 тыһ. солк. суумалаах беседка оҥорбуттара билигин кырдьаҕас куорат биир кэрэ-бэлиэ киэргэлэ буолан турар. Ону таһынан эмиэ Кубоктарын дэриэбинэлэринэн ыалдьыттатан, нэһилиэнньэҕэ, ыччакка сырдатар үлэни ыыппыттара.

Автодесант Үөһээ Бүлүү

Атырдьах ыйа – тыа дьонугар саамай түбүктээх кэм: от үлэтин былдьаһыктаах күннэрэ, сир аһын үгэнэ, дьиэ-уот өрөмүөнэ, оскуола оҕотун тэрээһинин сүпсүлгэнэ... Онно эбэн кэбиһиҥ күһүҥҥү ардахтары, хахсаат тыаллары. Үтүө дьыала Кубогын бэлиэ күннэригэр, киһи дьиктиргиэх, айылҕа барахсан күнүн чаҕылыччы тыктарыыта, үөнтэн-көйүүртэн харыстаан сылаас тыалынан илгийиитэ бэйэтэ сөҕүмэр көстүү этэ. Үтүө-мааны үөлээннээхтэрбит күннээҕи түбүктэриттэн тохтуу түһэн, Үтүө дьыала хамсааһынын суолтатын өйдөөн, өйөөн, бэйэлэрин кыахтарынан кыттыспыттара эрэлбитигэр эрэли эппитэ, күүспүтүгэр күүс-сэниэ буолбута.

* * *

КУБОК ааптара

Сахабыт сирин бары улуустарынан Үтүө санааланыыга көҕүлүүр Кубокпыт хантан, хайдах саҕаламмытын туһунан бастакы оҥкулун оҥорсубут, бастакы тэрээһиннэри тэрийсибит Альбина Ивановна Михайловалыын кэпсэттибит.

– Альбина Ивановна, дьэ эрэ, Кубок туһунан биһиги ааҕааччыларбытыгар билиһиннэр эрэ, баһаалыста.

– Үтүө дьыала Кубогын туһунан этиини Ньурба оройуонун Антоновка оскуолатын выпускнига Сергей Михайлов киллэрбитэ. Бу идеяны Дьокуускайга баар өрөспүүбүлүкэ 85 сыллаах выпуһун Сүбэтэ сонно-тута ылынан, кэҥэтэр, далааһынныыр үлэ саҕаламмыта.

– Тоҕо Үтүө дьыала Кубога диэн ааттанна?

– Биһиги, 1985 сылга оскуоланы бүтэрбиттэр, быйыл 35 сыллаах үбүлүөйдээх сылбытын олорор сирдэрбитинэн үтүө дьыаланы үксэтэр сыллаах, таарыйа түмсэн, сомоҕолоһон, бэйэ-бэйэбитин кытта ситими олохтуур сыалтан тэриллибит хамсааһын.

– Альбина Ивановна, хайдах саҕаланна этэй?

– Бастаан баҕа санаа эрэ буоллаҕа ди. Ону эмиэ бэйэбит үөлээннээхпит – Ньурба улууһун баһылыга, Антоновка выпускнига Алексей Михайлович Иннокентьев быһаччы өйөөн, бу улахан хамсааһын саҕаламмыта. Бастаан, биллэн турар, Кубогы оҥотторуу, ону үбүлээһин, атын даҕаны тэрээһин боппуруоһа баһаам этэ.

– Чахчы да, Кубок бэйэтэ даҕаны кэрэ көстүүлээх. Ким оҥорбутай?

–  Эскииһин маастар, Культура департаменын үлэһитэ Василий Чарпыков, Чаппандаттан Айаал Семенов уонна мин буолан төбөбүтүн холбоон оҥорбуппут. Бириэмэбит балайда кэмчи этэ. Оттон оҥоһугу көмүс, мас ууһа Евгений Ионович Ивановка сакаастаабыппыт. Дьэ ити курдук Кубокпыт кумааҕыга ойууланан, мастан кыһыллан, чочуллан, лаахтанан, кылынан симэнэн, сиэлинэн  ситэриллэн, көрөргүт курдук, киһи эрэ кэрэхсии көрөр, үтүө эрэ санаалары саҕар оҥоһуга буолан тахсыбыта. Кубогы кытта тэҥҥэ Үтүө дьыала хамсааһыныгар кыттыспыт оскуолалар анал тэриэлкэҕэ улуустарын гербэтин сыһыараллар, салама оҥостоллор. Ол салама аны сайын – 08.08.2020 барыбытын иилии эргийиэхтээх.

– Үтүө дьыала Кубога саҕаламмытын туһунан биллэрии хайдах ыытыллыбытай?

– Өйдөтүү, быһаарсыы үлэтэ билигин даҕаны салҕанар. Онуоха оскуолаларынан активтарга тирэҕирэбит. Биирдии улууска 10 хонук устата үтүө дьыала кэккэлиэхтээх итиэннэ оруобуна биир төгүрүк сылынан, Сахабыт сирин хас биирдии улууһун кэрийэн, 2020 сыл атырдьах ыйын 8 күнүгэр 35 сыллаах үбүлүөйдээх слеппутугар Дьокуускай куоракка айанын түмүктиэхтээх.

– Альбина Ивановна, киэҥ хабааннаах, дириҥ ис хоһоонноох хамсааһын олоххо киирбит. Үтүө дьыала Кубога аналын, сыалын үрдүк таһымнаахтык ситиһэригэр баҕарыаҕыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....