Бассаап сиэртибэлэрэ
Быйыл кыра оҕом уһуйааҥҥа саҥа барда. Бөлөҕөр баран иитээччилэрин кытта билистибит, ыскаап, орон анаттыбыт, биллэн туран бөлөх пуондатыгар “бэйэбит баҕабытынан” кыттыһыахтаах харчыбытын уктубут. Онтон бассаап бөлөххө киллэрдилэр.
Арай иитээччибит суруйда: “УС! Бу саҥа оҕо дьонун киллэрдим. А.... маамата ...”, - диэн билиһиннэрдэ. Тута далбаатаһар илиилэр көстөрөҥнөөтүлэр. “Дорооболоруҥ! Оҕолоргут хайдах таҥна сылдьалларый? Группа сылаас дуо?” – диэтим. Син эппиэттээтилэр. Онтон биир оҕо ийэтэ “УС! НП, мин кыыһым хойутаан иһэр. Проспали” диэбит. Онтон биир ийэ “УС! Биһи кэлбэппит бүгүн” диэбит. Онуоха иитээччибит: “УС! Справкалаах эрэ кэлээриҥ!” диэтэ. Ол тухары киһи барыта тоҕо “УС!” диирин өйдөөбөтүм. Ол онон хаалла...
Оҕом бастакытын тэрилтэҕэ барбыт буолан бассаап бөлөҕүн көтүппэккэ ааҕабын. Тугу эрэ наадалааҕы куоттаран кэбиһиэхпит диэн долгуйарым сүрдээх. Оҕобун аһынар омуммар бу ытаан илистибитин, сутуругунан хараҕын ньуххана олорорун харахпар оҥорон көрөбүн. Аһара ытаатаҕына тыына хаайтаран барарын эппэтэхпин диэн долгуйабын. Тугу эмэ суруйуохтара диэн үлэм үлэ буолбата, эбиэтим испэр киирбэтэ.
Киэһээ буолла. Аны төрөппүттэр биир-биир “УК! Мин билигин тиийиэм, В... таҥна турдун” диэн суруктары ыыталаан бардылар. “УК! Алешаны папата ылыа” эҥин дэһэллэр. Ол тухары “УК” диэн тугу суруйалларын олох өйдөөбөппүн...
Били, киинэҕэ көстөр үспүйүөннэр бэйэ-бэйэлэригэр пароль этэллэрин курдук биир кэм “УС” уонна “УК” буолан биэрдэ.
Сахалыы бөлөххө талаһан-талаһан киирбит буоламмыт, барыта сахалыы тыынынан буолуо диэн эрэлим күүстээх. Оҕом дьиэ оҕото буолан кэпсэтэрэ, дьону кытта өйдөһөрө сахалыы эрэ, онтун ыһыктыан баҕарбаппын. Ол иһин бассааптарыгар наар сахалыы ыйытыылары биэрэбин. Син нууччалыы-сахалыы булкуйан эппиэттииллэр.
Дьэ, ол эрэн кэмниэ-кэнэҕэс биирдэ өйдөөтүм ээ: “УС” диэннэрэ “Үтүө сарсыарданан”, “УК” – үтүө киэһэнэн диэн эбит!
Чэ, баҕар сахалыы шрифтэрэ суох буоллун, ол эрэн бэйэ-бэйэни эҕэрдэлэһиини баҕас толору суруйуо эбиттэр.
Аны туран иитээччибит аатын кытта “НП” (Нарыйа Петровна) дииллэр эбит. Кылгата сатаан, ыксаан инник суруйаллара буолуо дуо? Ама аҕыйах буукубаны төлөпүөҥҥэ баттыылларын сүрэҕэлдьииллэрэ иччэ буолуо дуу...
Дьон аатын кылгаталларыттан, бука, улаханнык бэркиһээбитим. Иитээччи мин аатым уонна аҕам аатын бастакы буукубаларынан суруйан ыыппытыгар сөҕөн олоро түспүтүм: “УК! ЛМ, сарсын А.... сахалыы таҥнан кэлиэхтээх, хоһоонун хатылаарыҥ” диэн суругу туппутум.
Ити кэриэтэ куоластарын устан саҥаран ыыталлара сөп эбит дии санаатым. “Привет” оннугар “Пр”, “пока” оннугар “пок”, “үтүө киэһэнэн” оннугар “УК” диир дьон, эһиги ити бэйэлээх экономиялаабыт бириэмэҕитин ханна туһанаҕыт?
***
Олорор сирбинэн Марха микрооройуонун бассаап бөлөҕөр киирбитим.
Аҕыйах сыллааҕыта, быыбар буолуон иннинэ, туох да мааны да мааны дьэрэкээн өҥнөөх хаһыат таһааран босхо ыһан кэбиспиттэрэ. Онтон туһаммытым диэн ол бассаап бөлөххө кытыспытым.
Сайын буолла да уубут арахсан хаалар, кыһын буолла да уоппут баран хаалар. Ону тэҥэ бөх-сыыс кэмигэр тиэллибэккэ ымыйар, саас ыттар сүгүн хаамтарбаттар, кыһын хочуолунай сүгүн үлэлээминэ тоҥорго барабыт. Марха былыр-былыргыттан баар олоҕун хартыыната билигин да уларыйбат.
Ол тухары бассаап бөлөх өрө оргуйан олорор буолла. Төрөөн баран истибэтэх маатыраларбын онно истэбин. Марха дьаһалтата ол бөлөххө баар. Сүрдээҕин эппиэттэһэ сатыыр эбит. Сороҕор ньиэрбинэйдииллэр аҕай быһыылаах, хаһыы былаастаах аудиолар кутулла түһэллэр. Дьаһалта үксүгэр үөҕүллэр да буоллар, кыаҕа баарынан кыһалҕаны быһаара сатыыр. Ол эрэн дьон салайааччыларын кытта кэпсэтэр ньымаларыттан, хайа да өттүттэн ытыктаһыы, убаастаһыы сыта да кэлбэтиттэн бэркиһиибин.
Сибээс, интернет үйэтигэр былаас норуокка хаһан да чугаһаабатаҕын чугаһаата. Кыйахаммыт, эрэйи эҥэринэн тэлбит норуот салайааччылары үөҕүүгэ бас-баттах барда. Бириэмэтэ оннук диир эрэ кыахтаахпыт эбитэ дуу...
***
Сонуну барытын бассааптан ааҕар ийэлээхпит. 80-чалаах эмээхсин эрээри бассаапка быһа сиэттэ диэн күлэбит. Кырдьаҕас дьону соруйанныыр курдук буулуур буолаллар эбит, араас бөлөхтөргө киллэрэн баран дьэ кытаанах, киһи өйүгэр баппат даҕаны кэпсэтиилэри ыыталлар эбит.
Эбээбит арай күн-түүн мээнэ-мээнэ тыллаһара элбээн барда. Урут хаһан да ырыппатах политикатыгар тиийэ ырытыһар, үөхсэр былаастаах кириитикэлиир буолла. “Биһигини судаарыстыба маннык албынныыр үһү”, “ини биэрбэт эбит”, “маны оҥорбот эбит” диирэ элбээтэ. “Аны күһүн комета кэлэн сири тоҕута түһэрэ чугаһаабыт үһү”, “күн өлөр үһү”, “олохпут тосту уларыйар үһү”, “сэрии номнуо буола турар үһү” о.д.а.
Ол аайы оҕолоро, сиэннэрэ бастаан утаа төттөрүтүн дакаастаан истибит. Ээҕин ылабыт, өйүн-санаатын көнө суолга салайан иһэбит, ити аахпытыҥ үксэ сымыйа диибит.
Онтон биирдэ “бу коронавирустара диэн сымыйа үһү. Көннөрү кириип курдук ыарыы үһү. Албыннаан дьиэҕэ хаайан олордубуттар үһү” диэбитинэн турда. Барыта бассаап сонуна, барыта бассаап дойҕоҕо...
Аһара бассаап сабыдыалыгар оҕустараары гынна диэн биир үтүө күн бассаабын чыыскалаан кэбистибит. Туһата суох бөлөхтөрүттэн таһаардыбыт. “Аймахтарын”, “эмтээх-томтоох отторун”, “үөлээннээхтэрин” эрэ хааллардыбыт. Киһибит дьэ санаата сайҕанна, сынньаммыкка дылы буолла, бэл доруобуйата көнөн, утуйара тубуста.
***
Биир сулумах кылааһынньыгым бассаап суорумньутунан туһанарга санаммыт.
Кыыс булан биэрбиттэр. Суруйсан барбыттар. “Кыыс рекламата күүстээх этэ. Бэйэм да тэҥнэһиэм дуу, тэҥнэһимиэм дуу диэн саараан-саараан баран, билсэргэ быһаарыммытым”, - диир.
Ортолуу билсэн иһэн кыыһа сүтэн хаалар буолбут. Эрийдэҕинэ алҕас да төлөпүөнүн ылбат үһү. Онтон сүтэн баран көһүннэҕинэ: “Төлөпүөнүм харчыта бүтэн хаалар, тарифпын уларытыахпын наада, наһаа харчы сиир”, – диэн буолбут. Кылааһынньыгым эр киһи бэрдэ буолаары кыыс төлөпүөнүгэр харчы уган испит. Нэдиэлэҕэ биэс мөһөөктөн кыраны укпат этим диэн билигин бэйэтэ бэйэтиттэн сөҕөр.
Ол тухары кыыһа, кини санаатыгар буолуо, наһаа аһаҕастык, истиҥник суруйсар эбит. Биирдэ да хаартыска ыыппатах, биирдэ да куолаһын иһитиннэрбэтэх. Көрсүөхчэ буола-буола араас сылтах булан аккаастаан испит. Салҕыы кыыһа кыһалҕалаах олоҕун, дьон хайдах кинини атаҕастаабытын кэпсиир буолбут. Харчым суоҕуттан алдьаммыт соппуосканан сылдьабын диэбитигэр уол кыыс картатыгар харчы ыыппыт. Махтал тылларыттан кынаттанан халлааҥҥа көппөтөх эрэ.
Оннук дөрүн-дөрүн харчынан көмөлөһөр буолбут. Кыыс төлөпүөнүн нүөмэрэ бассаапка эрэ баар буолан кэпсэппэт этибит диир. Адьас уруккуттан билэр кыыһын таптыыр да курдук буолан барбыт.
Онтон биир үтүө күн кыыһа ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалбыт. Нүөмэрэ эппиэттээбэт. Билэрэ аата эрэ. Ону даҕаны албын аат буолуон сөп. Уол албынаппытын, киниттэн харчытын эрэ ылаары суруйсубуттарын саҥа өйдөөбүт.