12.03.2020 | 09:20

Барытыгар чаҕылхай этэ

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Ивановтары, бастатан туран, киһи быһыытынан, иккиһинэн, үлэһиттэринэн, онтон спортсменнарынан этэ да барыллыбат, хайҕал үрдүк тылларын киһи киэн тутта кэрээбэккэ кэпсиир ыала.

Истэ сыттахтара

Мин кинилэр уонна саҥаһым сурдьа сахаттан хайыһарга ССРС спордун бастакы маастара Семен Черноградскай тустарынан суруйуохпун олус баҕарарым. Хомойуох иһин, саҥаһым Татьяна Ильинична 82 сааһыгар соторутааҕыта, ол иннинэ аҕыйах сыллааҕыта убайым Борис Маркович 84 сааһыгар иккис дойду оҥостубут Бороҕоннорун ытык буоругар кистэммиттэрэ. Истэ сыталлара буолуо диэн, хойутаан да буоллар, иһирэх тылларбын кинилэргэ аныахпын баҕардым. Бүгүн аан дойду дьахталларын күнэ чугаһаабытынан,  саҥаспын саныыбын.


Уҥаттан хаҥас Борис Иванов, Татьяна Черноградская-Иванова, Николай Копырин, Татьяна Нагирова уонна Семен Черноградскай.

Олимпиецтары ыалдьыттатыы

Бороҕон.  1976 с. күһүн. Сарсыарда 6 ч. Ивановтар утуйа сыталлар. Эмискэ ааннарын тоҥсуйдулар. Бай, хайалара буоллаҕай? Ким да кэлэбин диэбэтэҕэ.

-- Ыл, Боря, ааны ас, -- ийэ уолун соруйда. Боря тохсуска саҥа киирбит маҥнайгы оҕолоро. Арай, кинилэргэ дэҥ кэлэн барар спортивнай салайааччылара Анатолий Стручков эбит. Кэннигэр уһун баттахтаах уолаттар тураллар. Бээрэ, бу түүл дуу, илэ дуу? Соторутааҕыта Монреальга олимпиадаҕа сылдьаллара көстүбүт олимпийскай геройдар Роман Дмитриев, Павел Пинигин.

--Ийээ, туруҥ, олимпиецтар кэллилэр. -- Сибилигин утуйа сыппыт ыал өрө тигинии түстэ. Ас-үөл бэлэмнээн, түбүгүрүү буолла. Киһи да дьиктиргиир. Бороҕоҥҥо тустуу күрэхтэһиитэ олус элбэхтик ыытыллар. Мин Ивановтарга тиийдим да, куруук ыалдьыт бөҕө буолааччылар. Бороҕоҥҥо тустуу өрөспүүбүлүкэтээҕи  күрэхтэһиитэ сотору-сотору ыытыллара. Тустуук аймахтаах да ыал элбэх. Ону ол диэбэккэ тоҕо кинилэргэ, бу олох атын көрүҥнэринэн дьарыктанар Ивановтарга кэлэллэрий?

Хаһаайыттар ханнык баҕарар ыалдьыты, омугу да түүннэри аҕал, көрсө үөрүйэхтэр. Кинилэр нэһилиэк сэбиэтин дьокутааттара. Дойдулара үчүгэй буоларыгар буор-босхо тугу баҕарар оҥоруохтара. Өссө өрдөөҕүтэ бу дьиэҕэ Колчиннар түспүттэрэ. Оччолорго олимпиецтар Бороҕоҥҥо кэлиэхтэрэ, өссө күрэхтэһиэхтэрэ диэн түүлгэ да суоҕа. Аатырбыт кэргэнниилэр кэлэллэригэр трассаны бэлэмнээһин, киэргэтии, хонноруу барыта Ивановтарга сүктэриллибитэ. Борис Иванович уус, булчут-балыксыт бэрдэ (Мүрү күөлүгэр олоҕун тиһэх күнүгэр диэри тыыга туран эрэ эрдэн, долгуҥҥа да кыһаммакка, үөскэ киирэн илим көрөрүн номох оҥостон кэпсииллэр. Биһиги ону эмиэ илэ көрбүппүт.—И.У.) Саҥаһым сир аһын үргээччи атамаана. Онон саха аһын-үөлүн уратыта – кинилэргэ. Эчи, бэлэмнииллэрэ түргэнэ-тарҕана. Хаһаайка күөччэҕи ытыйа туран, күөс буһара, ас тарда сылдьан, айаҕа хам буолбакка күлэ-үөрэ кэпсиир. Абаҕам аҕыйах саҥалаах, ыйытыы күүһүнэн мүчүк гынан кыратык хоруйдаан, ытааччы, биатлонист буолан, ахтыыны кылгастык да буоллар, бэргэн тылларынан оҥорооччу. Ол быыһыгар оҕолорун, сиэннэрин “Ок, бу киһи кытара буспут” диэн таптыы сылдьаллар. Кинилэр итинник сайаҕастарынан, үлэһиттэринэн, ордук спорду өр пропагандалаабыттарынан аатыраллар.       

Бастакы хараҥаччылар

Билиҥҥи марафонецтарбыт Татьяна Жиркова, Сардаана Трофимова  кыайыылара халлаантан кэлбэтэҕэ... Кинилэр аартыкка тахсар ыллыктарын үктээбит бастакы хараҥаччылары умнуо суохтаахпыт. Оо, өскө билиҥҥи курдук саалалар, стадионнар, таҥас-сап баара буоллар, ханнык-ханнык дойдуларга тиийэн улахан түһүлгэлэргэ саха аатын ааттатыахтара хааллаҕа...

Краснодар. 1955 с.

Сибэккилэрдээх газоннар, фонтаннар аттыларынан, араас мастаах тыалары быыстарынан саха кыыһа эрчимнээхтик хаамыталыы сылдьар. Дьэ, Таняҕа айылҕаттан, төрүттэриттэн чахчы да сындалыйбат сэниэ күүскэ бэриллибит. Киниэхэ барыта сонунтан - сонун. Төрөөбүт Өнөрүттэн тиийэн оройуонугар, онтон өрөспүүлүкэтээҕи “Колхозник” обществоҕа, “Кыым” кроһугар чемпион ааттарын ылан, аан бастаан Сахатын сирин көмүскүү бу соҕуруу кэллэ. Дьиэтиттэн  сатыылаан, ардахтан буксуйа-буксуйа маһынан оттуллар массыынанан айаннаабытын хаһыс да хонугар Суоттуну булбута. Онтон бытаан трамвайынан Өлүөнэни өксөйө устан, Дьокуускайдааҕы өрүс пордугар тиксибитэ. Киин куоракка эмиэ хонон-өрөөн баран, “Дуглас” сөмөлүөтүнэн көппүттэрэ, хас да куоракка түһэн уматык кутталлара. Салгыҥҥа холбоон 26 чаас тайааран, Москваҕа тиийбиттэрэ. Онтон түүннэри тимир суол вокзалын булан, кэтэһэн-манаһан, вагоҥҥа икки суукканы быһа ньиксиллибиттэрэ. Поездтан түспүттэрэ – киһи тыыммат үлүгэрэ. 40-чэ кыраадыс куйаас. Маннык итиини билбэтэх хотугу дьон, дьэ, уулла быһыытыйдылар. Тула виноград, яблоко бөҕө үүнэн турар. Ол да хал оҥорбута.

Ити тыа сирин улахан түһүлгэтигэр чэпчэки атлетикаҕа Саха АССР хамаандата ол да буоллар наһаа кэнники хаалбатаҕа. Ордук улахан кэскиллээхтэрин Аркадий Алексеев уонна Таня Черноградская көрдөрбүттэрэ. Иккиэн 18 саастаахтара. Сэттиһи саҥа бүтэрбит Таня Өнөргө үөрэнэ сылдьан ханна эрчиллиэй? Николай Захарович Копырин (кэлин филологическай наука кандидата. –И.У.) учуутал тиийбэт буолан саха тылын, литературатын, история, физкультура уруоктарын эмиэ биэрэрэ. Кини сүбэтинэн үөрэх быыһыгар сүүрбүтэ-көппүтэ буолара. Ол оннук дьарыктаах манна бэйэтин 800 м. сырсыыга бөлөҕөр төрдүс буолбута. Краснодарга ити кэмҥэ ССРС чемпионатыгар бэлэмнэнии түмсүүтэ буола турара. Онно сылдьар араас куораттар тренердэрэ сэҥээрбиттэрэ, кэлэн ыйыталаһаллара. Олорор бөһүөлэктэригэр: биир да спорт саала, стадион суох, кыһын 50-тэн тахса кыраадыска мас туут хайыһарынан, хаатыҥканан сүүрэбит дииллэрин  соһуйаллар.

-- Биһиэхэ кэлиҥ, маннык талааннартан улуу спортсменнары таах оҥоруо этибит.

“Сорохтор маннааҕар өссө үчүгэй хааччыллыылаах усулуобуйаҕа эрчийэллэр үһү. Үрдүк үөрэххэ, Дьокуускайга биир эрэ стадион, үс-хас спортсалаа баар да, бу курдук анал бүрүөһүннээх суоллара суох. Олорбут мастар. Стадиоммут сыл аайы бадарааҥҥа кубулуйар.  

Үрдүттэн бу курдукка сылдьан эрчиллэр, күрэхтэһэр киһи хайаһыа эбитэ буолла? — Таня ымсыыра истибитэ. Ол эрээри кинини ким үөрэттэриэй?

Москва. Малаховка. 1958 с.

Күһүөрү сайын.Парка ыскамыайкатыгар Таня эргичиҥнии-дьигиһийэ олорор. Кини хаһан да умса түһүө, ытыа суоҕа. Сирэйэ тыйыһырбыт. Көрөрө сытыырхайбыт. Хараҕар күөх көстүүмнэрин иннигэр СССР диэн суруктаах кыргыттар күн аайы киэптииллэрэ көстөн кэлэр. Ол тоҕотун сэрэйбитэ – сотору Москваҕа буолуохтаах ССРС чемпионатыгар сүүмэрдиир түмсүүгэ бу үрдүк үөрэххэ саҥа киирбит кыыһы ыҥырбыттарын уонна онно тренердэр улахан болҕомто уурбуттарын күнүүлээбиттэр. Быһа түһүө диэтэхтэрэ дуу? Аата сүрүн. Таня нууччалыы сыыһа-халты саҥаран аахсаары гыннаҕына, күлүү-элэк оҥостоллор.  Тулуйбакка уһун кыргыттардыын тардыалаһан-анньыалаһан ылар. Кып-кыра диэн сэнииллэр ээ өссө. Таня ытаан да бэрт. Кытаанах киһи. Абаккаран кыбдьырынан ылбахтыыр. Дьиҥэ, кини саҕа аламаҕай киһи суоҕа да, итинник сыһыаны сөбүлээбэт. Атаҕастатан да бэрт. Аны эмискэ быһымчы түгэҥҥэ, туттуммакка, Союз сурахтаахтарын кытта охсуһан, оһоллоон айдаан буолсу. Оччоҕо саха оннук дэтэрэ сүрэ бэрт. Тарскайы, Морозовы да түһэн биэрииһи. Бүттэ. Сарсын дойдулуур.   Кини быһаарынна да, иэрэҥнээччитэ суох.

Кини манна күрэхтэһэ кэлбитигэр:

--Таня Черноградская ханна баарый? – сөҥ куолас иһиллибитэ. Ити ыйытар үскэл нуучча бухатыыра Иван Морозовы хас да сыллааҕыта төрөөбүт Өнөрүгэр көрбүтэ. Николай Николаевич Тарскай кинини кытта Василий Румянцевы, Дмитрий Даниловы, Николай Гоголевы аҕалан тустууну кэпсээбиттэрэ уонна араас албастары көрдөрбүттэрэ. Иван Васильевич элбэх улууүу кэрийэ сылдьан, саҥа көрүҥү итинник пропагандалаһан түргэнник сайдарыгар көмөлөспүтүгэр махтанааччылары элбэхтик истибитэ.

--Бу быстах туттаргар, -- диэт, Морозов Таняҕа харчы утары ууммута.  

Ылымаары гыммытыгар, сиэбигэр укпута:

--Олус убаастабыллаах улахан киһи иккиэммититтэн көрдөһөр. Ону хайдах да ылыннахпытына сатанар. Николай Николаевич Тарскайы билэҕин?

--Билиминэ, -- Таняны кытта илии тутуһан туран Тарскай дьоҥҥо: “Болҕойон истиҥ эрэ. Бу кыыс отутугар диэри ыал буолумуон, сүүрүөн наада. Көрө сылдьыҥ”, -- диэн дьикти сорудах биэрбитин санаан сонньуйбута.

--Кини кэлэрин кэтэһэр үһүгүн, --диэбитэ. Онуоха диэри Таняны  тренердэри бэлэмниир үрдүкү оскуолаҕа уопсайга олордорго, үөрэтэ киллэрэргэ Морозовтан Тарскай көрдөспүт.

--Николай Николаевич мээнэ эппэт. Өтө көрөр, эйигиттэн улахан спортсмен тахсыан биллэҕэ, чэ, бардыбыт, батыс, --диэн кэбиспитэ. Морозовы тугу этэрин, ордук кини Тарскай көрдөһөр диэтэҕин аайы тугу туруорсарын толорон иһэллэрин сөхпүтэ. 

Бу мастары көрдөҕүнэ, Саха сирин айылҕатыгар маарыҥнатан, уруккуну-хойуккуну санаан манньыйааччы. Тииттэр, бэстэр, олор быыстарыгар тэлибирии турар тэтиҥнэр да кинини бу сырыыга уоскуппатылар. Дойдутун-дьонун ахтара өссө күүһүрдэ. Бу санаатаҕына, сэмэй доҕорун Борис Иванову олус да таптыыр эбит. Киниэхэ тиийэ охсуон баҕарда.

Дьокуускай. 1959 с.

Саха спортка эрэлэ Татьяна Черноградская соторутааҕыта кэскиллээх спортсмен Борис Ивановтуун олоҕун холбоон, иһигэр үөскээбит оҕотун харыстаан, гинекологическайга киллэрбиттэрэ.

--Эйиэхэ Москваттан ыыппыттар, -- диэн обургу холбуйа аҕалан биэрдилэр. Арыйбытыгар, соһуйдулар аҕай. Эмтэр, кэмпиэт, бирээнньик, фрукта арааһа.

Иһигэр суруктаах. ... «Таня, кытаат, түргэнник үтүөр. Н. Тарскай”.

--Тыый, спорткомитет бэрэссэдээтэлэ бэйэтинэн кыһанан, ити дэбигис көстүбэт, олус сыаналаах эми булан ыыппыт...

 Ээ, барахсан итинник улахан сололоох эрээри соторутааҕыта травматологическайга кэлэ сылдьыбыта. Онно Черноградская ыарахан сылдьарын билбэккэ, күрэхтэһэн хамаандатын эстафетаҕа бастаппыта. Ол кэннэ кросска сүүрүүгэ суолга мутук баарын Таня шиповкатынан батары үктээн умса баран түспүтэ.  Онуоха тилэҕин кэнниттэн кэлбит кыыс шиповкатын тиистэринэн батары үктээн ааспыта (оччотооҕу шиповка тииһэ 2 см).

Ону истэн Николай Тарскай мүһэлээх кэлэ сылдьыбыта. Москваҕа үөрэнэригэр анал стипендия анатыахтаах, ол буулаабыт кыргыттары буойтарыахтаах эбит. Бу оһоллонуох быатыгар – ол хаарыан кыһаттан кэлэн хааллаҕа. Чэ, ол оннугар ыал буолла, аны оҕолонуо...

Москва. 1971 с.

Ыам ыйын 5 күнэ. Москва киин ипподрома.

“Правда” хаһыат бирииһигэр кросс. Түөстэрэ толору мэтээллээх ветеран олимпийскай чемпионнары батыһан, тыһыынчанан былаахтаах дьон парадтаан хаамсыбыттара. Кинилэр ортолоругар  ССРС уонна араас омук дойдуларын бастыҥ быһыйдара бааллар. Татьяна саастаахтарга оонньонор мэтээли былдьаһарга улахан эрэллээх этэ. Ону баара барыллааһын сүүрүүлэргэ бириэмэтэ түргэнинэн, бастыҥнарга киллэрэн кэбиспиттэр. Хайыай? Маҥнайгы түһүмэххэ эдэрдэри куотан, сорохторун ситэн, инникилэр кэккэлэригэр кэлэн, бу финалга тахсан турар. Бэстилиэт тыаһаата. Сэрэйиллибитин курдук, аар-саар  ааттааҕа Людмила Брагина, саҥа тахсан эрэр сулус Татьяна Казанкина (Брагина 1972 с., Казанкина 76, 80 с. олимпийскай геройдар, хастыыта да аан дойду чемпионнара буолтара – И.У.) инники таҕыстылар. Сүүрүүнү баһылаан, тэтимин олус үрдэттилэр. Тиһэххэ илин-кэлин түсүһүүлэригэр Брагина биэтэги бастакынан быста.

Итинник таһымҥа сүүрэ үөрэммэтэх буолан Татьяна ырырҕатта. Ол да буоллар ортокулартан лаппа чорбойон, 12-с түмүктээтэ.

Ок-сиэ, ити Брагина Краснодар кыыһа. 1955 с. онно хааллара сатаабыттарын истибитэ буоллар, Татьяна хайыа этэй? Оттон ити Казанкина Саратовка да үчүгэй усулуобуйалааҕа, Ленинградка тиийэн эмискэ ойуччу сайынна...

 Эдэрдэри кытта эдэр

Төһө да эдэригэр тилэҕэр улахан оһол ыллар, Татьяна Черноградская-Иванова дьулуурунан сааһырыар диэри сүнньүнэн 400, 800 м. сүүрүүлэргэ, ону таһынан хайыһарга, оҕунан ытыыга, барыта холбоон, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэр 29 төгүл, уобаластааҕы тыа сирин спортсменнарын уопсастыбаларыгар 50 төгүл бастаабыта. 1978 с. “Бүлүү—Хохочой—Бэрдьигэстээх—Дьокуускай” хайыһарынан айан кыттыылааҕа. Хайыһарга ССРС спордун маастарыгар кандидат, САССР спордун маастара. 20-с үйэ бастыҥ спортсмена  номинация лауреата. Үлэ ударнига, Ленин 100 сыла мэтээл кавалера.  

Саамай кэнники ситиһиитэ --  Москватааҕы олимпийскай оонньуулларга  туристарга 1980 м. сүүрүүгэ бэйэтин бөлөҕөр бастаан, пьедестал үрдүкү үктэлигэр тахсан, олимпийскай бэлиэлээх кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Өр кэмҥэ ити курдук эдэри кыайа сылдьыбыта. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....