28.11.2021 | 12:00

Барыта нэһилиэнньэ туһугар

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Дьокуускайга куорат маастар-былаанын оҥорорго Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска бэлэмнэнии саҕаланна. Куонкуруһу СӨ бырабыыталыстыбата, Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата уонна  «ДОМ.РФ» сайдыы института үбүлүүллэр.
«ДОМ.РФ» генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Антон Финогенов бэлиэтээбитинэн, Дьокуускай маастар-былаана 5-6 сыл иһигэр олоххо киириэхтээх.

Маастар-былаан сүрүн соруктара

Бастатан туран, маастар-былаан диэн туох саҥа өйдөбүлэ киирдэ? Анал үөрэхтээхтэр бэлиэтииллэринэн, маастар-былаан уонна куорат генеральнай былаана диэн тус-туһунан өйдөбүллэр. Ол курдук, генеральнай былаан – идэтийбит дьон оҥорбут нормативнай докумуоннара, оттон маастар-былаан – куорат сайдыытын ураты суолталаах боппуруостарыгар эппиэттиир докумуон. Чуолаан Дьокуускай маастар-былаана нэһилиэнньэ интэриэһигэр уонна олоххо ирдэбилигэр хоруйдуохтаах.

Бу күннэргэ киин куорат баһылыга Евгений Григорьев маастар-былаан үлэтин тэрийээччилэри – Москватааҕы «Центр» стратегическай сайдыы Агентствотын бэрэстэбиитэллэрин кытта мунньахтаата. Көрсүһүүгэ куораты тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар Департамент салайааччыта Северина Архипова, Дьокуускай куорат кылаабынай архитектора Семен Сергеев, СӨ Баһылыгын иһинэн үлэлиир архитектура уонна куораты тутуу Управлениетын, СӨ «Кэлэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата» НКО бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Москваттан кэлбит оробуочай бөлөх анал чинчийиилэри ыытан, аналитическай матырыйааллары хомуйан, биһиги куораппыт сайдар кэскилэ туохха сытарын, кыһалҕалаах өрүттэрин быһаарыахтаах. Ол матырыйаалларга олоҕуран, куонкурус кыттыылаахтара бэйэлэрин көрүүлэрин оҥоруохтаахтар.

«Куораппыт түргэнник улаатар, онон социальнай инфраструктураҕа ноҕурууска улаатан иһэр. Биһиги оҕо төрөөһүнүн суотугар улаатар субъект быһыытынан биллэбит. Ити түгэн маастар-былаан сүрүн тосхоло буолуохтаах», – диир баһылык Евгений Григорьев. Итиэннэ Дьокуускай территориятын улахан аҥаара сэттис тыастаах зонаҕа (седьмая шумовая подзона) киирэрэ, ууга барар учаастак элбэҕинэн биэрэги бөҕөргөтөр тутуулар булгуччу болҕомтоҕо ылыллыахтаахтарын бэлиэтээн турар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ элбэх кыбартыыралаах хаарбах туруктаах мас дьиэлэргэ олорор 40-ча тыһыынча киһини көһөрүү – Дьокуускай куорат биир сытыы кыһалҕата. Ити ураты суолталааҕын бэлиэтээн туран, Евгений Григорьев куонкуруһу тэрийээччилэргэ Уокуруктааҕы дьаһалтаны киинтэн 17-с кыбартаалга көһөрөр туһунан этиитин санаппыта.

«Муниципальнай бырагыраама чэрчитинэн 2022 сылга ити кыбаарталга үс мас дьиэ көтүрүллүөҕэ. 7-с тыастаах подзонанан сибээстээн итиннэ олорор дьиэлэри тутуу бобуллар, онон биһиги ити миэстэҕэ куорат дьаһалтатын саҥа дьиэтин тутары былаанныыбыт», — диэбитэ баһылык.

Ол эбэтэр мэрия билиҥҥи дьиэтигэр нэһилиэнньэни приемнуур уопсастыбаннай киин тэриллиэн, оттон чиновниктар 17-с кыбаарталга тутуллар дьиэҕэ көһөн биэриэхтэрин сөп. Куораппыт билиҥҥи салалтата итинник көрүү нэһилиэнньэҕэ бары өттүнэн табыгастааҕын, дьон туһугар оҥоһулларын бэлиэтиир.

Өрөспүүбүлүкэ кылаабынай архитектора Ирина Алексеева маастар-былааны оҥорорго куонкурус биллэриллибитэ Дьокуускай куоракка ураты суолталааҕын бэлиэтээбитэ. Оттон куонкурус Бүтүн Арассыыйа таһымыгар ыытыллара күүстээхтэн күүстээх исписэлиистэр болҕомтолорун тардан, таһымнаах докумуон оҥоһулларыгар кыах биэриэҕэ диэн эрэлин биллэрэн турар. «Бу тэрээһиҥҥэ куорат уопсастыбаннаһын, тутааччылары, куораппыт туһугар «ыалдьар» дьону көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырыам этэ – бэйэҕит санааҕытын этиҥ, көҕүлээһиҥҥитин көрдөрүҥ. Чинчийии чэрчитинэн нэһилиэнньэ баҕатын учуоттуур маастар-былаан оҥоһуллан тахсыахтаах», — диэн турар кылаабынай архитектор.

Илиҥҥи экономическай форумҥа билиһиннэриэхтэрэ

Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын маастар-былаанын оҥорорго биллэриллибит куонкуруска бэлэмнэнии чэрчитинэн ыытыллыбыт пресс-конференцияҕа Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай маастар-былаанын кэлэр Илиҥҥи экономическай форумҥа билиһиннэриэхтэрэ. Балаҕан ыйыгар ыытыллыбыт бүтэһик Илиҥҥи экономическай форумҥа дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илиҥҥи куораттары саҥардар бырагырааманы саҕалыыр туһунан эппитэ уонна болҕомто киинигэр киһи буолуохтаах, олорорго, сайдарга, саҥа көҕүлээһиннэри олоххо киллэрэргэ бары усулуобуйа баар буолуохтаах диэн бэлиэтээбитэ. Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев ити соруктар киин куорат маастар-былаанын оҥорор куонкуруска акылаат буолаллар диэн бэлиэтиир.

«Бэрэсидьиэн көҕүлээһинин куорат историятын саҥа түһүмэҕин арыйар кыах курдук ылынабыт. Дьокуускай — Уһук Илин тэтимнээхтик улаатар куораттарыттан биирдэстэрэ. Кини, үгүс куораттар курдук, куораттар иннилэригэр турар ирдэбиллэри учуоттаабакка, уонунан сылларга былаана суох сайдыбыт. Билигин нэһилиэнньэ иннигэр куорат сайдыытыгар көхтөөхтүк кытталларын курдук соругу туруоруохпутун наада, уларыйыылар тэтимнээхтик баралларын, ордук хаачыстыбалаах буолалларын курдук», — диир өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Санатар буоллахха, быйыл балаҕан ыйыгар Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Дьокуускай 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан Ыйаахха илии баттаабыта. Докумуоҥҥа олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ киин куората ирбэт тоҥҥо киһи олороругар аан дойду бастыҥ куорат буолуохтаах. 

«Куорат маастар-былаана Ыйаахха этиллибит тэрээһиннэр олоххо киирэллэригэр сүрүн докумуон буолуоҕа. Дириҥ чинчийии, стратегическай хайысхалаах докумуоннары анаалыстааһын, куорат территориятын былааннааһын ыытыллыаҕа. Чинчийии түмүгүнэн маастар-былааны оҥорор куонкурус кыттааччыларыгар сорудах бэриллиэҕэ. Бэлэм маастар-былааны Уһук Илин олохтоохторун уонна, биллэн турар, аныгыскы Илиҥҥи экономическай форумҥа дойду бэрэсидьиэнин дьүүлүгэр таһаарыахпыт. Үчүгэй маастар-былаан оҥоһулларын курдук, куорат уопсастыбаннаһын уонна өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун сыһыарыахпыт», — диэбитэ Айсен Николаев.

Куонкурус чэрчитинэн стратегическай сессиялар, кыттааччыларга уонна финалистарга вебинардар ыытыллыахтара. Куорат уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо маастар-былааны дьүүллэһиигэ көхтөөх кыттыыны ылыахтарын наада. Оттон кыайыылаахтар эһиил ыам ыйыгар биллиэхтэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....